Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Парасковья Михайловна Башарина төрөөбүтэ 100 сыла
Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Парасковья Михайловна Башарина төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһин Балаҕан ыйын 25 күнүгэр тыыл, үлэ бэтэрээнэ, “Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүү чилиэнэ, олохтоох автор Парасковья Михайловна Башарина төрөөбүтэ 100 сылынан нэһилиэккэ “Күннээҕи олоҕу, ааспыты туойабын, кэнчээри ыччаппар дьол күнүн түстүүбүн” тэрээһин ыытылынна. Парасковья Михайловна 1924 сыллаахха, балаҕан ыйын 24 күнүгэр Баайаҕаҕа төрөөбүтэ. Кини сэрии… Читать далее »
Хабырыыс Ондороос Эбэм хатыы ытыҺа
Хабырыыс Ондороос Эбэм хатыы ытыһа Эбээ Балбаара сырдык кэриэһигэр Эбэм хатыы ытыһыттан тутуһан Аан дайдыны аан бастаан арыйбытым, Чаҕылхай күн, көҕөрөр халлаан аннынан Дьоллоохтук сэрэнэн хаампытым. Үрдүбэр улахыын — улахан күн тыгара, Күөх хонууга ньээм чэчигэ саһарара: Сүүһүнэн чэчиктэр-сирдээҕи күнчээннэр Уруйдууллара миигин – саҥа киһичээни. Тулабар олох байҕала оргуйара: Чыычаах ыллыыра, аһыҥа дайара,… Читать далее »
«Сайын кинигэ уонна мин» ааҕыы лааҕыра
Бэс ыйын 5-18 күннэригэр «Сайын, кинигэ уонна мин» ааҕыы лааҕыра үлэлээтэ. Быйылгы лааҕыр үлэтэ маҥнайгы кылааһы бүтэрбит үөрэнээччилэргэ туһаайылынна. Риторика, түргэнник, сөптөөхтүк ааҕыы, карточканан үлэ дьарыктара буолла. Сахалыы дорҕооннору, дифтоннары сөпкө ааҕыыга болҕомто уурулунна. А.С. Пушкин төрөөбүтэ 225, саха народнай суруйааччыта Е.Слепцова-Куорсуннаах 60 сааһыгар аналлаах уус-уран ааҕыы, уруһуй конкурса, Россия күнэ ыытылыннылар. Баайаҕа дьонугар анаан… Читать далее »
Ыам ыйын 15 күнэ — Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ
Ыал күнэ сарсыардааҥҥы турууттан, эбэтэр үксүлэрин туруорууттан саҕаланара. Хас биирдии оҕо майгыларыгар маарыҥныыр утуйан турар туспа стиллээҕэ, ону төрөппүттэриҥ билэр буолан, уһугуннаран бэттэх диэки аҕалар методикаларын тутталлара. Оһох оттуллан, дьиэ син сылыйа быһыытыйан, сылыбаар барахсан сылыйан сыыгыныан иннинэ уопсай уруутаан: «Туруҥ, сарсыарда буолла!»,- диэн биллэрии бэрээдэгинэн иһитиннэрии буолара да, улахан күттүөннээх дьайыыны оҥорбото. Бириэмэ хаамар.… Читать далее »
Айаанньа Уус «Саҕахтан саҕыллар санаалар» кинигэтигэр «Көмүлүөк күлүмэ» литературнай түмсүү ырытыылара
Владимир Андросов 31.03.2024 с. Айаанньа Уус бастакы кинигэтэ сүрэхтэниитигэр (сэҥээрэн сэһэргээһин) Бастаан автор хос аатын (псевдонимын) туһунан ахтыым. “Айаанньа” диэн айбыт аҕата Петр Федорович Неустроев оҕо эрдэтээҥи таптал аата. Онно эбии убайыгар Мандар Ууска уһуйуллан иҥэриммит идэтин “Уус” диэн сыһыары туппута олус табыллыбыт. Мин тус санаабар бу аакка өбүгэлэрин тыына тиллэн төннүбүт курдук. … Читать далее »
Чолбон: өй күрэһэ
“Чолбон:өй күрэһэ” республикатааҕы ааҕар дьиэ кэргэн күрэһэр Таатта улууһун аатыттан Баайаҕаттан Кустуроватар учуутал династиялара кыттан кыайыыны ситистилэр, Өлүөнэ очуостарыгар путевканан наҕараадалыннылар. Үс түһүмэхтээх киирсиигэ кыттыыларын туһунан кинилэр санааларын истиэҕиҥ: Кустурова Полина Николаевна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна: Сахалыы саҥа айымньылары билиһиннэрэр, атын да литератураҕа, общество олоҕор сыһыаннаах суруйуулары… Читать далее »
Ксения Александровна Андросова аатынан остуоруйаһыттар ХХ күрэхтэрэ
К.А.Андросова аатынан остуоруйаһыттар, уус-уран ааҕыы XX куонкурса Муус устар 9 күнүгэр педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина Ксения Александровна Андросова аатынан алын кылаас үөрэнээччилэригэр остуоруйаһыттар, уус-уран ааҕыы күрэһэ 20-с төгүлүн буолла. Куонкурус быйыл Баайаҕа оскуолатын выпускнига, Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, “Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрэ, поэт, публицист Гаврил Андросов — Хабырыыс Ондороос… Читать далее »
Петр Неустроев — Айаанньа Уус кинигэтин биһирэмэ
Кулун тутар 31 күнүгэр тимир ууһа, олохтоох автор Петр Неустроев-Айаанньа Уус “Саҕахтан саҕыллар санаалар” диэн аан бастакы хараҥаччы кинигэтин сүрэхтэниитэ Р.Романов аатынан култуура-спорт киинигэр тэрээһиннээхтик ааста. Олоҥхолоох саха суруктанан-бичиктэнэн, бастакы суруйааччыланан, уус-уран литературата сайдыбыта үйэттэн эрэ орто. “Хараҕа суохтааҕар аҕыйах” ахсааннаах үөрэхтээх дьонноох Өксөкүлээх кэмигэр хоһоон норуокка үксүн уостан-уоска бэриллэн, ырыа-хоһоон дэнэн тарҕанар кэмэ этэ.… Читать далее »
Таптаа, дьулус Христина Павлова — Дабайаана Таатта, Баайаҕа Таптаа доҕочуок, бу күн сирин Тулалыыр эйгэҕин сэҥээрэ, Таптаа, эн бар дьоҥҥун-сэргэҕин Төрөөбүт түөлбэҕэр эрэнэ. Хаһан да, ханна да буолларгын Эйигин арчылыыр, алгыстыыр Төрөппүт ийэлээх аҕаккаҥ Улааппыт, оонньообут алааһыҥ. Итэҕэй, тахсар күн сарыала Кууһуоҕа сылаастык үөрүүнэн, Кустукпут дьэрэкээн өҥнөрүн Эйиэхэ уунуоҕа күлүмнээн. Ис куккар… Читать далее »