Ахсынньы 11-16 күннэригэр учуутал, педагог, наставник, педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина Ксения Александровна Андросова 100 сыллаах үбүлүөйэ тэрээһиннээхтик ааста.
Нэдиэлэ алын кылаас оҕолоругар “Оҕо-аймах тапталлаах учуутала”диэн библиотечнай уруоктарынан саҕаланна. Төрдүс кылаас үөрэнээччилэригэр Ксения Александровна сиэн балта Агафья Семеновна Молонова ыалдьыттаата. Кини тапталлаах эдьиийин туһунан иһирэхтик кэпсээтэ, оҕолорго сэргэх оонньуулары оонньотто, бэлэхтэри туттарда. Оҕолор остуоруйанан викторина таайдылар, түмүккэ улахан экраҥҥа сахалыы мультигы олус сэргээн көрдүлэр. Хас кылаас ахсын киинэни көрүөх иннинэ, Ксения Александровна остуоруйаларын истэрбитигэр кэмпиэт, бирээнньик сиирбитин санаан, оҕолорго минньигэс түҥэттибит.
Үрдүкү кылаас оҕолоругар “Төрөөбүт түөлбэҥ историятын төһө билэҕин?” диэн, Ксения Александровна төрүттээбит краеведческай музейыгар, квест-оонньуу ыытылынна. Манна ытыктыыр дьоммут Татьяна Игнатьевна Андросова, Розалина Ивановна Потапова, Агафья Семеновна Молонова оҕолор билиилэрин сыаналыырга кыттыыны ыллылар, анал бириистэри туттардылар.
Ахсынньы 14 күнүгэр Р.Р.Романов аатынан культурнай-спортивнай кииҥҥэ “Өбүгэлэргит үгэстэрин үйэтитэн үтүө дьон буоларгытыгар баҕарабын” диэн учууталбыт кэс тылынан нэһилиэк олохтоохторун биэчэрэ ыытылынна. Биэчэргэ Ксения Александровна кыыһа, САССР үтүөлээх учуутала Р.И.Потапова, үөрэнээччитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна П.М.Потапова дьоһун киһи олоҕун, үлэтин сырдаттылар. Нэһилиэк баһылыга А.Р.Романов К.А.Андросова үөрэҕирии сайдыытыгар, ыччаты иитиигэ кылаатын сыаналаан тыл эттэ, үтүө киһи аатын үйэтитиигэ үлэлэри сырдатта, Розалина Ивановнаҕа Махтал Сурук туттарда. Биэчэри ырыанан Арина Харова, Афанасий Никитин, Сахаяна Федотова киэргэттилэр.
Салҕыы түөлбэлэринэн Остуоруйа түһүлгэтэ олохтонно- остуоруйалары оонньоон көрдөрөн күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ Андросовтар аймах үлэлээтилэр. Кинилэр түөлбэлэр үчүгэй бэлэмнээхтэрин, көстүүм, атрибут, декорация үрдүк таһымнааҕын бэлиэтээтилэр. Кылаан кыайыылааҕынан “Таал-таал эмээхсин” остуоруйаны былыыр-былыр Байаҕантай Томторугар буолбут түбэлтэ курдук сүрдээх сонуннук туруорбут “Сайдыы” түөлбэ олохтоохторо буолуохтарын буоллулар. “Бастыҥ оруол” – “Морозко” остуоруйаҕа атаах кыыс оруолун иһин “
Арҕаа” түөлбэттэн Альбина Гоголева , “Кырачаан артыыс” – “Томтор-Куула” түөлбэттэн 2 кылаас үөрэнээччитэ Алиса Неустроева Анал ааттары ыллылар. Түөлбэлэр бука бары анал ааттарынан, бирииһинэн наҕараадалынныдар.
Ахсынньы 16 күнүгэр “Истиҥ ахтылҕан” диэн Андросовтар халыҥ аймах тэрийбит көрсүһүү киэһэтэ олус истиҥ-иһирэх эйгэҕэ ааста. Киэһэни учуутал сиэн балта, утумнааччыта Ксенья Александровна сүрдээх үчүгэйдик иилээн-саҕалаан ыытта. Ытыктыыр күндү учууталларбыт бу киэһэ үөрэппит учууталларын, бииргэ алтыһан үлэлээбит коллегаларын үтүө тылларынан ахтан-санаан, үөрэ-көтө көрсүһэн, дуоһуйан тарҕастылар.
2004 сылтан Ксения Александровна Андросова аатынан ыытыллар Остуоруйаһыттар конкурстарын лауреаттарыгар, саамай элбэх лауреат оҕону бэлэмнээбит учуутал Светлана Семеновна Сивцеваҕа Туоһу, Махтал Суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар, 2022 сыллаахха лауреат аатын ылбыт Ян Слепцов “Хортооной” диэн остуоруйаны сэргэхтик кэпсээтэ. Көрсүһүүгэ оскуола үөрэнээччилэрэ ыллаан-туойан иһитиннэрдилэр. Нэһилиэк музейа, библиотека үйэтитиигэ үлэлэрин иһин Махтал Суруктары, бэлэхтэри туттулар, ону тэҥэ музейга цветной принтер бэлэхтээн, музейбыт материальнай базата хаҥаата.
Бу күн Учууталбыт туһунан “Кэскилбитин түстээбит күндү киһибит” диэн саҥа кинигэ Баайаҕа дьонугар тарҕанна. Үтүө киһи аата умнуллубат Аналлаах.