1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
110 просмотров

И.Д.Христофоров төрөөбүтэ 105 сыла

Саха балетын бастакы артыыһа, балетмейстера  И.Д.Христофоров төрөөбүтэ 105 сыла

Сэтинниьи 14 күнүгэр “Мандар Уус” этнологическай музейга киэн туттар биир дойдулаахпыт, саха хореографическай искусствотын сайдыытын төрдүгэр турбут балет артыыһа, бастакы балетмейстер Иннокентий Дмитриевич Христофоров төрөөбүтэ 105 сылыһар аналлаах  тэрээһин ыытылынна.

Баайаҕа баһыттан Дьокуускай куоракка тиийэн 20 сааһыгар саҥардыы (бу искусствоҕа кыра саастарыттан бэлэмнииллэрин санаттахха) балет суолугар үктэммит биир дойдулаахпыт феноменын тула төгүрүччү олорон ирэ-хоро санаа атастаһан кэпсэттибит. Норуоттан тахсыбыт көһөҥө көмүс талаан үөскээбит төрүөттэрин дойду ураты тыыныгар, айылҕатыгар, эйгэтигэр, олорон ааспыт номох буолбут дьонугар көрөрүн М.Р.Егорова дириҥник ырыҥалаан ырытта. Г.И.Неустроева бу санааны кытта сөпсөһөрүн, И.Д.Христофоров курдук улахан дьон утума салҕанарын, кинилиин күннээҕи олоххо алтыспыт түгэннэрин аҕынна. Иннокентий Дмитриевич хореограф, балетмейстер буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сүҥкэн оруоллаах И.А.Каренины саха дьоно умнуо суохтааҕын, Христофоров балет историятын сырдатыытын, саха үҥкүүтүн, олоҥхо суолтатын өйдүүрүн туһунан, кинини дьиэтигэр ыҥыран үҥкүү туруоруутун сэдэх хаартыскаларын анаан-минээн көрдөрбүтүн В.С.Андросов кэпсээтэ, “Ньургуһун” ансаамбыл туһунан суруйан хаалларбыта бу кини кэс тыла буоларын эттэ, ис-иһиттэн “утонченнай”, айылҕаттан ананан кэлбит Талаан диэн сыаналаата.  О.Н.Макарова биир дойдулаахпыт айар-тутар үлэтэ  ыарыыттан атахтамматаҕа буоллар саха балета өссө тэтиминээхтик, ситиһиилээхтик сайдыахтааҕар саарбахтаабатын, кини дойдутугар киинэҕэ, уус-уран самодеятельность сайдыытыгар, хаартысканан үйэтитээччи быһыытынан үлэтин-хамнаһын аҕынна. Оччотооҕу саха культуратын, искусствотын элитатын кытта  бииргэ алтыһан  үлэлээбит, улуу Вагановаҕа үөрэммит саха үҥкүүһүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүн Дьокуускай куоракка үрдүк таһымнаах  бэлиэтээһини А.Н.Кустурова сырдатан, ахтан ааста.  Маннык эйгэттэн дойдутугар төннүбүт интеллигент, аристократ киһи, дьонун-сэргэтин кытта чорбоччу туттубакка судургутук, сэмэйдик олорон ааспытын, киһи быһыытынан дьоҥҥо болҕомтолоох, кыһамньылаах сыһыанын, нэһилиэгин сайдыытыгар ис сүрэхтэн кыһалларын, сүбэ-саргы, күүс-көмө буолбутун алтыспыт түгэннэриттэн холобурдаан П.Н.Кустурова кэпсээтэ. “Тускун” киин директора, хореограф идэлээх Д.Д.Апросимов сүдү талааҥҥа сүгүрүйэрин, балет артыыһа диэн олус ыарахан идэ буоларын, онно бэриниилээх, идэтин таптыыр эрэ дьон үлэлиирин бэлиэтээн эттэ. Иннокентий Дмитриевич сиэн быраата Н.Д.Христофоров таайын истиҥ тылларынан аҕынна. Өйдөбүнньүк киэһэни иилээн-саҕалаан ыыппыт Н.И.Егоров-Баайаҕыын: “И.Д.Христофоровы “саха балетын төрүттээччи” диэн билиниэҕиҥ, улууну улуу диэҕиҥ!”,—диэн бэйэтин санаатын эттэ.

Иннокентий Дмитриевич Христофоров  дойдутугар көһөн  кэлэн кэргэнэ Марина Хрисанфовналыын  үс кыыс оҕолонон, киномеханигынан үтүө суобастаахтык үлэлээн, оройуон культурата, уус-уран самодеятельноһа сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрэн, общественнай олоххо көхтөөхтүк кыттан,  улахан кыыһа Наталья Христофорова  кини туйаҕын хатаран балет искусствотыгар ситиһиилэрин көрөн-билэн, кинилиин  саҥа статустаммыт Опера уонна балет  театрын  сценатыгар норуотун иннигэр үрдүктүк чиэстэнэн, уустук эрээри  толору,  дьоллоох олоҕу олорон ааспыта.  Бу туһунан кини дойдутун дьоно ахтан-санаан, үтүө киһибитин кэриэстээн аастыбыт.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *