1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
136 просмотров

Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Парасковья Михайловна Башарина төрөөбүтэ 100 сыла

Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Парасковья Михайловна Башарина төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһин

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр тыыл, үлэ бэтэрээнэ, “Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүү чилиэнэ, олохтоох автор Парасковья Михайловна Башарина төрөөбүтэ 100 сылынан  нэһилиэккэ “Күннээҕи олоҕу, ааспыты туойабын, кэнчээри ыччаппар дьол күнүн түстүүбүн”  тэрээһин ыытылынна.

Парасковья Михайловна 1924 сыллаахха, балаҕан ыйын 24 күнүгэр Баайаҕаҕа төрөөбүтэ. Кини сэрии ыар сылларын, аччыктааһыны, хоргуйууну, аччык сылдьан кыаҕы таһынан күүстээх үлэни барытын билбитэ. Кэлин, кырдьан олорон,  ол кыһалҕалаах олоҕун туһунан хоһооннору суруйбута. Парасковья Михайловна уһун олоҕу олорбута, 2015 сыллаахха 91 сааһыгар олохтон туораабыта. Биһиги түмсүүбүт саамай аҕа саастаах ытык кырдьаҕаһа, хоһооннорун тэтэрээккэ суруйан библиотекаҕа ыытара,  Сайа “Кэпсиэ” биэриитигэр уһуллан үөрбүтэ-көппүтэ, ол туһунан хоһоон айбыта. Улуу Кыайыы 65 сылыгар “Көмүлүөк күлүмэ” бэтэрээн хоһооннорун “Сүрэҕим сылааһын бар дьоммор” — кинигэ оҥорон таһаарбыта.

Кырачаан сааһыгар тулаайах, эдэр сааһыгар огдообо хаалан иккистээн олоҕун оҥостубут күүстээх санаалаах,  уустук, ол эрэн  дьоһун олоҕу олорон ааспыт ийэ, тыыл, үлэ бэтэрээнигэр аналлаах тэрээһин   Парасковья Михайловна Башарина  олоҕун кэпсиир  видеороликтан саҕаланна. Саргылана Васильевна Жиркова салайааччылаах сэттис кылаас үөрэнээччилэрэ   “Аһаабыт астарым” (Сэрии, сут-кураан саҕана) , “Көҕөчү алаастан”, “Сэрии дьиҥнээх сирэйэ” хоһооннору ааҕан, ис хоһооннорун ырытан кэпсээтилэр, олоҕун хоһоонунан хоһуйбутун литературнай монтаж оҥорон  иһитиннэрдилэр. Нэһилиэк литературнай түмсүүтүн кыттыылаахтара Парасковья Михайловна айар үлэтин, киһи, үтүө суобастаах үлэһит быһыытынан сырдаттылар, истиҥник ахтан-санаан аастылар. Аҕата, “Кыттыгас Баайаҕа” диэн  Тааттаҕа бастакы артыалы  тэрийбит Михаил Петрович Башарин туһунан Владимир Семенович Андросов оҕолорго тиийимтиэтик кэпсээтэ. Галина Иннокентьевна Неустроева оччотооҕу аас-туор олох астарын — бэс сутукатын, атын от-мас аһылыктары көрдөрөн кэпсээтэ, бэс сутукатын, үөрэ, хара бурдуктан сахалыы лэппээски оҥорон аҕалбытын амсатта.

Ийэ  8 оҕону төрөтөн, иитэн-үөрэттэрэн, билигин  республика араас муннугар бары үтүө үлэһит, ыал буолан олороллор. Баайаҕаҕа кыыһа – Саха Республикатын, Россия доруобуйатын харыстабылын туйгуна Александра Афанасьевна Анисимова уонна уола Николай Афанасьевич Андросов олохсуйан олороллор. Сиэнэ Семен Нучеканов саха биллиилээх худуоһунньуга буолан Тааттабыт аатын киэҥ эйгэҕэ ааттатар. Мустубут дьон худуоһунньук үлэлэринэн презентацияны көрдүлэр, кини туһунан С.В.Жиркова иһитиннэриитин, Ольга Николаевна Макарова худуоһунньук үлэлэрин ырытыытын кэрэхсээн иһиттилэр. Түмсүүбүт саамай аҕа саастаах кыттыылааҕа, “Дьиэ кэргэн тойуга”, “Кыайыынан кынаттаммыт олохпут” кинигэлэр автордара  Анна Ефремовна Дедюкина  уонна түмсүү уус-уран редактора Маргарита Романовна  Егорова оҕолорго туһаайан истиҥ баҕа санааларын эттилэр.

Ааспыт үйэ биир саамай алдьархайдаах кэмиттэн тыыннаах ордон эйэлээх олоҕу тутуспут биир дойдулаахпыт, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Парасковья Михайловна Башарина айбыта-туойбута “Кэнчээри ыччакка дьол күнүн түстүү” туруохтун!

 

  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *