Хабырыыс Ондороос
Эбэм хатыы ытыһа
Эбээ Балбаара сырдык кэриэһигэр
Эбэм хатыы ытыһыттан тутуһан
Аан дайдыны аан бастаан арыйбытым,
Чаҕылхай күн, көҕөрөр халлаан аннынан
Дьоллоохтук сэрэнэн хаампытым.
Үрдүбэр улахыын — улахан күн тыгара,
Күөх хонууга ньээм чэчигэ саһарара:
Сүүһүнэн чэчиктэр-сирдээҕи күнчээннэр
Уруйдууллара миигин – саҥа киһичээни.
Тулабар олох байҕала оргуйара:
Чыычаах ыллыыра, аһыҥа дайара,
Тырылыыра эрбии, бирилиирэ тыраахтар,
Эбэм кэпсиирэ:”Үлэлииллэр сопхуостаахтар”…
Ити бастакы аан аан дайдыны арыйбыт
Уһулуччулаах күнүм бэлиэтин
Эбэм мүөт таас иһитигэр укпута
Саһархай күнчээн кыракый дьөрбөтүн.
Ньээм түүтэ буолан көппүттэрэ сыллар-
Арыллыбыттара атын саҕахтар, кытыллар.
Икки аҥаардаах хоргус уолчаан аны түөрт уона,
Эбэтин атаарбыта бүтэһик айаныгар уонна…
Хата ордубут, саҥа күрүөлэннэр даҕаны,
Икки аҥаар атыл иэннээх эргэ тэлгэһэм.
Ол иһигэр баар үһү билигин даҕаны:
Улахан күн, киэҥ хонуу, саһархай ньээм.
…Арай, арай, суох аны, эбэм хатыы ытыһа…
Чолбон, 2024 с. №5
Неустроева Варвара Никитична — тыыл бэтэрээнэ, сэрии кэмигэр «Буденнай» холкуоска үлэлээбитэ. 1950 сылга диэри хонуу үлэтигэр сылдьыбыта. 1950-1974 сылларга Баайаҕа учаастактааҕы балыыһатыгар санитарканан биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ. «Таатта улууһун ытык кырдьаҕаһа» бэлиэ, наҕараадалара: «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылларын мэтээллэрэ. (Бэйэбит бэлиэтээҺиммит)