Ыал күнэ сарсыардааҥҥы турууттан, эбэтэр үксүлэрин туруорууттан саҕаланара. Хас биирдии оҕо майгыларыгар маарыҥныыр утуйан турар туспа стиллээҕэ, ону төрөппүттэриҥ билэр буолан, уһугуннаран бэттэх диэки аҕалар методикаларын тутталлара. Оһох оттуллан, дьиэ син сылыйа быһыытыйан, сылыбаар барахсан сылыйан сыыгыныан иннинэ уопсай уруутаан: «Туруҥ, сарсыарда буолла!»,- диэн биллэрии бэрээдэгинэн иһитиннэрии буолара да, улахан күттүөннээх дьайыыны оҥорбото. Бириэмэ хаамар. Норуот син биир утуйар. Уһугуннарыы иккис стадиятынан биллэриини куолас тональнаһын сонотон, хатылааһын буолара. Сылыбаар оргуйуохча буолбутун, түүнү быһа утуйбакка кинигэ аахпыттара, мэниктээбиттэрэ, дьиэтээҕи үлэ сиппэтэҕэ ахтыллара. Мэлдьэһиллибэт чахчылартан ыктаран сыыйа уопсай туруу саҕаланара, кылаабынайа суорҕан сылааһыттан тэйдиҥ да, дьиэ тымныыта таҥныыны лаппа түргэтэтэрэ. Кыаттарбатах утуйааннарга силовой дьайыы быһыытынан суорҕан былдьааһын туттуллара. Бытаан таҥныылаахтар оһох иннин былдьаан ол сыламыгар таҥныы процеһын салгыыллара. Ол быыһыгар, эрдэ тоҕута-хайыта көтүүтэ булуллубатах таҥас көстөн, ийэ экспресс абыраҕын ааһара. Сууммуккун биллэрэн умывальник тимирин өрө-таҥнары тыаһатыы кэнниттэн, улахан остуолга олорон уопсай аһылык саҕаланара. Быыһыгар кыра планеркалар да ыытыллыылара буолара: кылгас ырытыы, сэмэлээһин, араас миэрэлэри чопчулаан санатыы. Ол да буоллар, сарсыардаттан самнарар этии туттуллубата. Дьэ ити курдук, дьиэ, ыал, кэргэн күнэ сылаас сылыбаар тула уһун остуолтан саҕаланара.
Бүөтүр Чээрин