Саха төрүт музыкатын тилиннэрээччи А.И. Чахов төрөөбүтэ 90 сыла
Саха төрүт музыката сүтэн, симэлийэн хаалбакка кэлэр көлүөнэҕэ бэриллэригэр сыралаһан үлэлээбит, салгыы сайдыытыгар олук уурбут киһинэн биһиги биир дойдулаахпыт Александр Иванович Чахов буолар.
А.И.Чахов төрөөбүтэ 90 сылыгар, уһулуччулаах маастар, уһуйааччы олоҕун анаабыт үлэтин оҕоҕо-ыччакка тиэрдэр сыаллаах “Саха төрүт музыкатын тилиннэрээччи” диэн И.Д.Христофоров аатынан Баайаҕа Оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччилэригэр Саха төрүт дорҕоонун Түһүлгэтэ ыытылынна.
Үөрүүлээх тэрээһини фольклор салаатын учуутала Р.Г. Неустроева сахалыы кылыһахтаах кэрэ чуор куолаһынан тойуктаан аста. Оҕолор Александр Иванович оҕо сааһыттан төрүт дорҕоон дьикти алыбар ылларбытын, күүстээх дьулуурунан, тулуурунан баҕа санаатын толорбутун, дьоһун олоҕун, үлэтин сиһилии билистилэр, тэрээһиҥҥэ бэйэлэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Никита Петров А.Чахов 7 кылааска үөрэнэ сылдьан “Айар дьоҕурга” суруйбут “Кырынаас” хоһоонун дорҕооннохтук аахта. Сардаана Неустроева хомуска уустук композицияны кыһаллан толордо, кыргыттар бөлөхтөрө чабырҕахтаан иһитиннэрдилэр. Оҕо Искусствотын учууталлара А.Н.Харова, Р.Г.Неустроева, А.А.Протодьяконова саха төрүт музыкальнай инструменнарын оҕолорго тыаһатан-ууһатан билиһиннэрдилэр. Баҕалаах оҕолор тахсан инструменнарга аан бастаан оонньоотулар уонна бэйэлэрэ төрүт дорҕоонунан доҕуһуоллаан “Саас буолаҕа”диэн норуот ырыатын тутатына бэлэмэ суох (экспромтон) ыллаабыттара олус үчүгэйдик табылынна, оҕолорбут талааннарын, барыга сыстаҕастарын туоһулаата. А.Н.Харова инструменнар хайдах-туох оҥоһуллалларын, олохтоох маастардары кэрэхсэбиллээхтик кэпсээбитин оҕолор болҕойон иһиттилэр, хомус ууһа Неустроев Иван Ивановиһы билэллэрин эттилэр. Арина Николаевна кырыымпаҕа баҕаран туран бэйэтэ үөрэммитин эттэ, оонньоон иһитиннэрдэ.
Музейнай педагог Г.И.Неустроева А.И.Чахов төрдүн-ууһун, Баайаҕаҕа олорор аймахтарын сырдатта, норуот маастара суруйан хаалларбыт кинигэлэрэ үйэлээх суолталарын быһаарда, дьон бу кинигэлэри туһанан сахалыы музыка инструменын оҥороллорун кэпсээтэ. Александр Иванович эт илиитинэн оҥорбут күпсүүрүн оҕолор сэргээн көрдүлэр. Бу күпсүүр “Мандар Уус” этнологическай музей биир сэдэх экспоната буолар.
Саха төрүт музыкатын тилиннэрбит уонна сайыннарбыт уһулуччу үтүөлээх биир дойдулаахпыт Александр Иванович Чахов аата умнуллубат. Баайаҕабыт талааннаах оҕолоро үүнэн-сайдан кини курдук төрөөбүт норуоттарын культуратын, искусствотын сайыннарсар дьоһун дьон буолан тахсалларыгар үтүө баҕа санаанан тэрээһиммит түмүктэннэ.