«Айымньы күлүүһүн арыйдахха» кинигэ Баайаҕаҕа сүрэхтэннэ
Алтынньы 17 күнүгэр, Педагог уонна уһуйааччы сылыгар “Учуутал, Эн үрдүк ааккар!” — Баайаҕа нэһилиэгэр ыытыллыбыт декада чэрчитинэн, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Ольга Николаевна Макарова “Айымньы күлүүһүн арыйдахха” кинигэтин биһирэмэ буолан ааста.
Санатан эттэххэ, литературнай критик бу кинигэтэ муус устар 12 күнүгэр Дьокуускайга Таатта күннэрин программатыгар киллэриллэн, Национальнай библиотека историческай саалатыгар киэҥ ыҥырыылаах үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта.
Ольга Николаевна Макарова — республикаҕа биллэр литературнай критик, СР культуратын туйгуна, Таатта улууһун, Баайаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, В.Н.Протодьяконов аатынан литературнай критика сабыылаах күрэһин кыайыылааҕа, “Чолбон” сурунаал Алампа аатынан бастакы редактор Бириэмийэтин лауреата, Эдэр суруйааччылар Сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа, эксперэ, Саха Сирин суруйааччыларын XVII съеһин кыттыылааҕа.
Кинигэни Баайаҕа дьоно үрдүктүк сыаналаатылар, тас көстүүтүүттэн, аатыттан саҕалаан ис хоһоонугар эппиэттиир академическай дьоһун кинигэ буолан тахсыбытын астына бэлиэтээтилэр, оҥорон таһаарааччыларга махталларын, авторга истиҥ-иһирэх эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Ольга Николаевна — айымньыга дьон көрбөтүн булан көрөн этэр, ону ааҕааччыга тиэрдэр, суруйааччы үлэтигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһар “Үрүҥ критик” диэн сыанабылы биэрдилэр. Маны тэҥэ: “Литературнай критик суруйааччыттан үрдүк таһымнаах билиилээх буолуохтаах, Ольга Николаевна билиитэ-көрүүтэ онно эппиэттиир”,- диэн Дьокуускайга иһиллибит санаа манна эмиэ этилиннэ уонна киниэхэ наукаҕа сыстан үлэлииригэр баҕа санааларын тиэртилэр.
Олохтоох автор, биллэр хоһоонньут Айаанньа Уус О.Н.Макароваҕа истиҥ-иһирэх Анабыл хоһооно тэрээһиммитин киэргэттэ:
Тыл нарын иэйиитин ылыммыт,
Сүрэҕэр сөҥөрө үөрэммит,
Тылынан оонньообот эрээри
Сөбүлээн имитэр идэлээх.
Биир омук тылынан туолбакка
Туора тыл дэгэтин хасыһар,
Бэйэтин төрөөбүт тылыгар
Туораттан киириини үөрэтэр.
Туһунан кыдьыктаах бу киһиҥ
Барыга саҥаттан үөрэнэр.
Тыл туохха туттуллар даҕаны,
Билиэхтээх ол тема ис дьиҥин.
Кырата икки-үс омуктуу
Саҥарар-иҥэрэр биир туспа,
Көрбүтүн, истэрин, аахпытын
Сыымайдыыр, аамайдыыр дьарыга.
Көннөрү тылбаастыыр буолбатах,
Тыыннаахтыы тириэрдэр омукка.
Кырдьыга айымньы ис тыынын
Толору ырытыы-бу дьоҕур…
Бу дьикти бириинчик дьоҕура
Эйгэтин куруутун кэҥэтэр…
Бу уустук ырытар идэтэ
Элбэххэ үөрэтэр, такайар.
Чулууга, улууга тэҥниибин
Бу дьикти дьарыктаах киһини.
Чахчы да ытыктыыр киһибэр
Бу хоһоон тылларын аныыбын.
Айаанньа Уус.17.10.2023с.
Баайаҕа б.
Литература эйгэтигэр уһун сылларга бииргэ үлэлиир үтүө дьүөгэбитигэр Ольга Николаевнаҕа айымньылаах үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри, дьоһун үлэлэри, бары үтүөнү-кэрэни баҕарабыт!