1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
370 просмотров

Документалист — суруйааччы Дмитрий Николаевич Гаврильев төрөөбүтэ 85 сыла

Документалист — суруйааччы Дмитрий Николаевич Гаврильев төрөөбүтэ 85 сыла

         Балаҕан ыйын 15 күнүгэр   республика общественноһа биллиилээх документалист — суруйааччы  Дмитрий Николаевич Гаврильев төрөөбүтэ 85 сылын  Национальнай библиотека Историческай саалатыгар  бэлиэтээтэ. Дмитрий Николаевич  өйүн-санаатын,  олоҕун саха саллааттарын бойобуой суолларын ирдэһиигэ, төрөөбүт норуотун  чулуу дьонун, историятын  үйэтитиигэ анаабыта. Кини суруйан-бичийэн хаалларбыт Үлэтэ  кэнчээри  ыччакка бэйэ омугун килбиэннээх дьонун билэргэ,  киэн туттарга, холобур оҥосторго сирдиир, үөрэтэр,  эрэллээх эркээйи буолар.     

         Республика  кырдьаҕас нэһилиэгэ Баайаҕа Томторо Дмитрий Николаевич Гаврильев аатын дириҥ ытыктабылынан уонна махталынан   ахтар.  Кини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр нэһилиэктэн барбыт дьоммут туһунан биллибэт чахчылары  булан,  нэһилиэк историятын сырдатар “Баайаҕа”, “Баайаҕалар сэрии сылларыгар” кинигэлэргэ киирбиттэрэ. 

         Өр сылларга норуот өстөөҕө аатыран  дойдутугар төннүбэтэх уустук дьылҕалаах биир дойдулаахпыт  разведчик Георгий Андросов аатын дорҕоонноохтук ааттаабыта, кини кырдьыгын турууласпыта  уонна норуокка тиэрдибитэ: архыыптары хасыһан, атын үгүс ирдэбил үлэни ыытан “ Разведчик Г.М.Андросов” (нууччалыы), “Старшай лейтенант Г.М.Андросов”  кинигэлэри бэчээттэтэн   үтүө аатын тилиннэрбитэ.  Биһиги мантан аан бастаан  билбиппит:  биир дойдулаахпыт   өркөн өйүнэн немец “Абвер” байыаннай разведкатыгар өтөн киирбит хорсун быһыытын,   “өлөрү өйүнэн кыайбыт” олоҕун чымаан  чахчытын, төрөөбүт норуотугар итии тапталын, курдаттыы таттарар ахтылҕанын, дойдутугар эргиллибэтэх кутун-сүрүн кутурҕанын, ол эрээри самныбат саргылаах санаатын.

          Документалист-суруйааччы киэҥ эйгэҕэ таһааран, разведчик атын сиргэ олорор  чугас аймахтарын, Омскай куоракка олорор төрөппүт уолун Юрий Георгиевич Андросовы кытта  сибээс олохтоммута, кини удьуор утума соҕотох уолуттан тэнийэн аан дойду араас муннугар дьоһуннук  салҕанарын билбиппит үрдүк үөрүүлээх.

          Нэһилиэкпит дьаһалтата (баһылык Романов Роман Романович),  биир  алааска үөскээбит дьонун сыдьааннара — Андросовтар, Христофоровтар көҕүлээннэр, тэрийэннэр, Г.М.Андросов төрүт дойдутугар, төрөөбүт-үөскээбит алааһыгар  Аан дойдуга аартыгы арыйбыт хоһуун дьоммут: айанньыт, паломник Арассыыйа Бүөтүрү, Георгиевскай кириэс кавалера Муос Уйбааны  сэргэ сахаттан бастакы разведчик  Г.М.Андросовка Өйдөбүнньүк Мэҥэ Таас   туруоруллубута.

         Самныбат санаалаах разведчик: “Как знать, если нашелся бы какой-нибудь объективный писатель, как Смирнов из числа моих земляков и мужественно с крупинками искал и доказал бы мою невиновность, может из “врага” сделали  если не героя, то близко к нему.”,- диэн тылларын  журналист,  суруйааччы Дмитрий Гаврильев Туруулаһыытыгар көрөбүт.

         Дмитрий Николаевич кыыһа Сардаана Дмитриевна  Гаврильева-Егинова биһиги биир дойдулаахпыт, уус, бөлүһүөк Б.Ф.Неустроев — Мандар Уус үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах, ситиһиилээх буоларыгар, силиһэ-мутуга тэнийэригэр сүҥкэн кылааттаах. Республикатааҕы “Мандар Уус ааҕыылара” оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах НПК эксперинэн үлэлээбитин махталынан ахтабыт.

          Конференцияҕа разведчик Андросов хаан-уруу чугас аймаҕа А.А.Мыреев, баайаҕалар ааттарыттан  кыраайы  үөрэтээчи Т.И.Андросова уонна суруйааччы Гаврил Андросов кыттыыны ыллылар. Баайаҕа олохтоохторун Махтал Суруга,   Г.М.Андросов туһунан альбом-кинигэ Д.Н.Гаврильев  дьиэ кэргэнигэр  туттарылынна.

         Баайаҕа нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Николаевич Гаврильев аата махталлаах Баайаҕа дьонугар умнуллубат, кини үлэлэрин ааҕабыт, үөрэтэбит, ыччат дьоҥҥо тиэрдэбит!  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *