Муус устар 29 күнэ –Аан дойдуга Үҥкүү күнэ
Саха искусствотын сайдыытыгар баараҕай баҕана буолбут чулуу дьоммут кэккэтигэр биһиги биир дойдулаахпыт, саха балетын бастакы үҥкүүһүтэ, педагог, балетмейстер Иннокентий Дмитриевич Христофоров аата көмүс буукубанан суруллар.
1919 сыллаахха сэтинньи 12 күнүгэр, Байаҕантай улууһун киинин Баайаҕа Томторуттан балтараа көс соҕуруу сытар Арахсыылаах нэһилиэгэр, билиҥҥинэн Саҥа Олоххо, Дмитрий Ефимович уонна Матрена Егоровна Христофоровтарга уол оҕо төрөөбүтэ. Уоллара Лэгэнтэйэп таҥара чугаһыгар төрөөбүтүн иһин төрөппүттэрэ Иннокентий диэн сүрэхтээбиттэрэ. Саах сыбахтаах, көмүлүөк оһохтоох саха балаҕаныгар күөх окко төкүнүс гыммыт кыһыл оҕо, кэлин улаатан, норуотугар Балет Искусствотын суолун тэлээччи буолуохтааҕа.
Иннокентий Дмитриевич Христофоров “Сахалартан бастакы балет солиһа, педагог, балетмейстер” диэн суруллан, саха норуотун сайдыытыгар тугунан да кэмнэммэт сүдү кылааты киллэрбит Тааттаттан тахсыбыт чулуу дьон олохторун сырдатар “Аартыгы арыйааччылар” диэн биобиблиографическай ыйынньыкка Өксөкүлээх, Алампа, Ойуунускай ааттарын сэргэ киирбитэ. Ыйынньыгы Таатта киин библиотекатын үлэһиттэрэ бэлэмнээн 2012 сыллаахха “Таатта” редакциятыгар таһаартарбыттара.
“У колыбели якутской Терпсихоры стоит немало славных имён. И в начале начал – трепетное имя для каждого из нас, кто вверил ей свою судьбу. Иннокентий Дмитриевич Христофоров.
Он в числе первых из народа саха – солист балета и педагог классического танца 40-х, первый из саха балетмейстер-хореограф и руководитель балетной труппы 50-х. Когда-то это имя звучало для современников символом только родившегося юного якутского балета, впервые представшего перед взорами якутян…”
Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ Л.В.Габышева
Норуоттан тахсыбыт көһөҥө көмүс талаан, саха айар интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ,“Саха аар көмүс битииһитэ” диэн сүрэхтэммит саха балетын бастакы көлүөнэ артыыстарыттан биирдэстэрэ, сахалартан бастакы балет солиһа, сахалартан бастакынан балеты туруорааччы –балетмейстер, ССРС кинематографияҕа туйгуна, тыыл бэтэрээнэ Иннокентий Дмитриевич Христофоров төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсыбыт “И.Д.Христофоров саха балетын бастакы үҥкүүһүтэ, педагог, балетмейстер” кинигэҕэ олоххо дьайар аналлаах Личность, дириҥ көрүүлээх Улахан киһи, номоҕон кэрэ сэбэрэтигэр атыылыы Сэмэй киһи уустук уонна кырдьыктаах олоҕо кэпсэнэр.
Искусство кэрэ эйгэтигэр аҕатын туйаҕын хатарбыт
,саха оҕотун талаанын алмаас таастыы күлүмүрдэтэ, чаҕылыта оонньоппут, “Ньургуһун” оҕо-үҥкүү образцовай ансаамбылын тэрийэн үрдүккэ көтүппүт, аар саарга аатырдыбыт Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Людмила Гаврильевна Неустроева Искусство Кэрэ эйгэтигэр айан-тутан ааспыт олоҕо, культура сайдыытыгар киллэрбит кылаата “Аҕа уонна кыыс” кинигэҕэ толору сырдатыллар.
«Гаврил Андреевич, Варвара Тимофеевна Неустроевтарга Людмила дьиэ кэргэн бастакы оҕото, дьонун ийэ, аҕа дэппит маанылаах кыыстара буолар. Аҕа сылаас тыынынан угуттанан, ийэ истиҥ таптылынан биэбэйдэнэн улааппыт Людмилаҕа кэрэ эйгэтин киэҥ аартыгар, ыыра кэҥииригэр далаһа уурбут эбит ээ, аҕата барахсан! Людмила Гаврильевна дьоҕура, талаана оҕо сааһыттан силис тардан, бу кэрэ кэми кытта ситимнэнэн, тэҥҥэ иитиллэн, сайдан, тоҥтон толлубат ньургуһун буолан, сүрэҕин сылааһынан угуттаан, дууһатын нөҥүө аһаран, «Ньургуһун» үҥкүү ансаамбылын тэрийбитэ. Ньургуһун… Тоҥ буору тобулан, харалдьыкка үүммүт, дьулурҕатык, эрчимнээхтик күн диэки тардыспыт кэрэ сибэкки аатынан ансаамбыл- Людмили Гаврильевна айар үлэтин чыпчаала»,- диэн кинигэ аан тылыгар суруллар.