Ольга Николаевна Макарова
“Айымньы күүһүн арыйдахха”(саха литературатыгар ырытыылар, сэҥээриилэр, бэлиэтээһиннэр) кинигэтин биһирэмэ
Бу саас биһиэхэ дьикти илдьиттээх, кэрэ бэлэхтэрдээх буолла. Эбэтэр, уһун сыллаах үлэ үтүө түмүгэ бу сааһы киэргэттэ диэххэ эмиэ сөп. Ол курдук, муус устар ый саҕатыгар биһиги литературнай түмсүүбүт ырытааччыта Ольга Николаевна Макарова кириитикэҕэ үлэлэрэ түмүллэн, “Айымньы күлүүһүн арыйдахха” (саха литературатыгар ырытыылар, сэҥээриилэр, бэлиэтээһиннэр) диэн кинигэ буолан, тас көстүүлүүн тупсаҕайынан, таҥыллан оҥоһуллубута дьоһунунан чахчы да кэрэ бэлэх буолбута.
Кинигэни биир дойдулаахпыт, “Чолбон” сурунаал бас редактора Гаврил Андросов түмэн бэлэмнээн, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация үбүлээһининэн (бэрэссэдээтэл Олег Сидоров), “Далбар Хотун” сурунаал редактора Зинаида Архипова “Алта” кинигэ кыһатыгар бэчээттээн таһаарда. Кинигэ редактора — дойдутун дьонун үгүс кинигэтин көрөн-истэн таһаарбыт Анна Прудецкая. Кинигэ тахсыбыт ахсаана — 500 экз.
Муус устар 12 күнүгэр былааннаммыт кинигэ биһирэмэ Туймаада хочотугар Таатта күннэрин ыытыы Программатыгар сөптөөхтүк киллэриллэн, бу күннэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллыыларыгар бэлтэ түгэн буолла. Ол туоһутунан Ольга Николаевна кинигэтин биһирэмигэр, Национальнай библиотека историческай саалатыгар, бүттүүн саха ытык киһитэ — Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковская, литература аксакаллара — народнай суруйааччылар Наталья Харлампьева, Сэмэн Тумат, Куорсуннаах ыалдьыттаатылар. Доҕотторбут, биһиги сайдыыбытыгар улахан өҥөлөөх араҥас сулустар — прозаик Сындыыс, поэт Арылы Дуйдаах үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэһиннилэр. Бэтэрээн учууталларбыт Татьяна Игнатьевна, Февронья Терентьевна, Вера Егоровна, Зоя Сергеевна, Ольга Николаевна оҕолоро-сиэннэрэ, аймахтара, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, үөрэппит оҕолоро, куорат баайаҕалара, “Таатта” түмсүүттэн, Ольга Николаевна үлэтин биһириир, тыл үөрэхтээхтэрэ сыаналыыр литератураны сэҥээрээччилэр тоҕо анньан кэлбиттэрэ олус диэн үөртэ, долгутта.
Биһирэми Гаврил Андросов ыытта, түгэнинэн туһанан оҕобут, ыччаппыт биһиэхэ суолталаах дьоро түгэни кыайа-хото тутан, үрдүк таһымҥа киэҥ далааһыннаахтык тэрийэн, салайан ыыппытыгар түмсүү кыттыылаахтара дириҥ махталбытын тиэрдэбит!
СР культураҕа уонна духуобунаска миниистирин бастакы солбуйааччы А.И.Ноев кинигэни ааҕан, билсэн, бэлиэтэнэн кэлбит, санаатын үллэстэн литературнай түмсүү чилиэттэрин, авторы олус үөртэ; Ольга Николаевнаҕа Мандар Уус үлэтин, үөрэҕин тарҕатыыга, литература сайдыытыгар үтүөлэрин иһин “Саха республикатын культуратын туйгуна” бэлиэни туттарда. Таатта улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы А. Г. Гуляева “Таатта улууһун культуратын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэнэн наҕараадалаата.Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г.Вырдылин эҕэрдэ тылыгар М.Н.Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотекатын “Көмүлүөк күлүмэ” айар түмсүүтэ саха литературатын сайдыытыгар ситиһиилээх үлэтин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ биһигини астыннарар уонна үгүскэ эбэһээнэстиир. Түмсүү салайааччыта А.Н.Кустурова О.Н.Макарова айар биографиятын билиһиннэрдэ.
Кинигэни филологическай наука кандидата С.Е. Ноева наука өттүнэн сырдатан ырытта, педагогическай наука кандидата И.А.Сивцева этнопедагогикаҕа үлэлэрин дириҥник хорутан кэпсээтэ.
Народнай суруйааччылар Наталья Харлампьева, Куорсуннаах- суруйааччыны ааҕааччыны кытта ситимниир литературнай кириитик үлэтин үрдүктүк сыаналаан махтал, эҕэрдэ тылларын тиэртилэр, Сэмэн Тумат кырдьаҕас Баайаҕа Томторо ытык сир буоларын, онон Ольга Николаевнаҕа өбүгэ хаанын төннүүтүн көрөбүн, тыл күүһүн этинэн-хаанынан иҥэринэн сылдьар, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта биһиги, суруйааччылар, дьолбут диэн эттэ, Россия суруйааччыларын сойууһугар киирэргэ сүбэлээтэ, алҕаата. Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковскайа ис сүрэхтэн тахсар истиҥ эҕэрдэ, махтал тыллара мустубут дьону долгутта.
Саха республикатын суруйааччыларын Сойууһун чилиэттэрэ: А.Постников — Сындыыс — литературнай критик суруйааччыттан үрдүк таһымнаах билиилээх буолуохтааҕын, Ольга Николаевна билиитэ-көрүүтэ онно эппиэттирин, Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах Баайаҕа литературнай түмсүүтэ күүстээх ырытааччылардааҕынан, тылбаасчыттардааҕынан уратылааҕын, автор дьоһуннаах үлэтэ бэйэтэ уус-уран айымньы курдук умсугутуулаахтарын бэлиэтээтилэр.
“Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, учууталбыт, тылбаасчыт Владимир Семенович куйаар ситиминэн автор үлэтигэр санааларын үллэһиннилэр, литературнай критика курдук уустук эйгэҕэ тахсыбыт кинигэ ураты суолтатын, туһатын эттилэр. Тимир ууһа, этнограф Н.И.Егоров-Баайаҕыын, кыраайы үөрэтээччи Т.И.Андросова талааннаах киһи барытыгар талааннааҕын, Ольга Николаевна иистэнэр, уруһуйдуур дьоҕурун, коллекционер быһыытынан уонна кинилэр ыытар үлэлэригэр биир ытарҕа киһи буоларын эттилэр. Үөрэппит оҕолоро: РФ Государственнай бириэмийэтин лауреата Иннокентий Луковцев ырыа бэлэхтээтэ, Роман Хатылаев — Кутаамыскай кыыһа Ньургуйаана Кычкина холобур туттар учууталым диэн киэн туттан туран, бары үөрэппит оҕолорун аатыттан эҕэрдэ, махтал тылларын анаата. Надежда Андросова-Айтылы кинигэҕэ киирбит айымньылары барыларын хомуйан уобарастаан суруйбут, Ольга Николаевнаҕа Анабыл хоһооно дьиҥ-чахчы сөхтөрдө.
Биһирэми Ольга Николаевна кыыһа Ньургуйаана Владимировна Алампа хоһоонунан аспыта, сиэнэ Иннокентий Севостьянов “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” ырыанан түмүктээбитэ Алампаҕа сүгүрүйэр ийэ, эбэ сүрэҕин ортотунан киирдэ. “Алампаҕа айан” дьоһун үлэ автора, “Чолбон” сурунаал Алампа аатынан Бастакы эрэдээктэр Бириэмийэтин бастакы лауреата Ольга Николаевна Макарова бастакы кинигэтэ Алампа алгыһынан Айанын саҕалаата!