Олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна Сурук-бичик күнэ
Баайаҕаҕа Төрөөбүт тыл уонна Сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиннэри М.Н.Хатылаева аатынан модельнай библиотека, “Тускун” сынньалаҥ киин, И.М.Хатылаев аатынан Баайаҕа орто оскуолата, “Мандар Уус” этнологическай түмэл кыттыгастаах бырайыак быһыытынан ыыталлар. Этнологическай музей, библиотека саха алпаабытын, бастакы ааҕар кинигэни оҥорбут лингвист С.А.Новгородовка аналлаах кэрэхсэбиллээх инсталляцияны дьон көрүүтүгэр таһаарда, барыбыт күүһүнэн олунньу 11 күнүгэр нэһилиэнньэҕэ “Таптыыр сахам тылынан” үөрүүлээх киэһэ ыытылынна.
Тэрээһин “Саха тылын кэскилэ” бэсиэдэ-презентациянан саҕаланна. Дьоро киэһэҕэ “этигэн илбис тыллаах” саха поэттара, нэһилиэк литературнай түмсүүтүн хоһоонньуттара төрөөбүт тыл туһунан хоһуйуулара, хас биирдии норуот тыыннаах хааларыгар өлбөт мэҥэ уута, кэмниин тэҥҥэ сайдарыгар бигэ тирэҕэ Ийэ Тыл буоларын өссө төгүл санатан, дорҕоонноохтук дуорайдылар. Алампа таҥара оҥостон сүгүрүйбүт тапталын ымыытыгар анаабыт ааттабыл хоһооно “Ыллыым ээ, ыллыым…”биир хоһоон антологиятынан араас омук тылынан иһилиннэ.
Ыллам ырыа, имигэс үҥкүү, далбар хотуттар, кыталык кыргыттар мандардык симэнэн хаамсыылара ийэ тыл, кэрэ эйгэ, төрүт үгэс быстыспат ситимнэрин кэрэһэлээн, көрөөччүлэргэ истиҥ-иһирэх иэйиини бэлэхтээтилэр.
Ытыктабыллаах нэһилиэк олохтоохторо! “Мандар Уус” түмэлгэ сылдьан Новгородов алфавитынан тахсыбыт сахалыы кинигэлэргэ олоҕурбут инсталляция-быыстапканы сэҥээрэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт! Сахалыы алпаабытынан суруйан холоноргут биһирэнэр!
Сарсын, олунньу 14 күнүгэр, оскуолаҕа күнүс 2 чаастан өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыһан “Сахалыы дьыктаан” суруйуутугар күүтэбит!