1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
709 просмотров

Педагог уонна наставник сыла.

        Эргиччи кэрэ киһи

Педагог уонна наставник сылыгар,  И.М.Хатылаев аатынан Баайаҕа орто оскуолатыгар “Эркээйи” национальнай программаны олоххо  киллэриигэ  экспериментальнай  чинчийэр үлэ салайааччытынан бастыҥнык  үлэлээбит  учуутал,   педагог-психолог  Надежда Николаевна Мандарова туһунан кинигэ тула истиҥ кэпсэтии, иһирэх ахтыы киэһэтэ кини бэйэтин курдук чочуонайдык, кэрэтик, истиҥ таптал эйгэтигэр,  республика араас муннугуттан  үгүс дьону   түмэ тардан,  үрдүк таһымҥа буолан ааста. Биһирэми Маргарита Романовна Егорова иилээн-саҕалаан ыытта.

            Кинигэ  “Айар”  национальнай  кыһаҕа “Учуутал үрдүк аата” серияҕа 2021 с. 100 экз тахсыбыта. Кинигэни Надежда Николаевна уһуйааччыта, кыраайы үөрэтээччи Татьяна Игнатьевна Андросова, бииргэ үөрэммит чугас дьүөгэтэ,  поэт Надежда Васильевна Андросова –Айтылы хомуйан оҥордулар.  Онтон көҕүлээн  таһаартарбыт киһинэн эдьиийэ Любовь Николаевна Тимофеева буолар.

            “Учуутал үрдүк аата” серия 2010 с.  төрүттэммитэ, бу серияҕа  биһиги нэһилиэктэн учууталларбыт Мария Ивановна Андросова, Поликарп Александрович Андросов  тахсыбыттара.  Надежда Николаевна  кылгас олоҕор учуутал, педагог быһыытынан  толору арыллан, айымньылаахтык, киэҥ далааһыннаахтык үлэлээн-хамсаан,  үөрэҕириигэ саҥа  суолу тобулууга  кылаатын киллэрсэн, кини аата  икки улахан  буукубаттан суруллар Учууталларбытын кытта  кэккэлэстэ.  Биһиги Надябыт, Надежда Николаевна, туһунан кинигэ   республика тутаах кинигэтин кыһатыгар, “Учуутал үрдүк аата” дьоһун серияҕа тахсыбыта барыбытын  үөрдэр,  кини  сулус курдук чаҕылхай олоҕун туоһута буолар.

            Кинигэ “Ханна төрөөбүтэй да, онно туһалаабыта” Надежда Мандарова сырдык кэриэһигэр”  диэн Айтылы  эссетиттэн  саҕаламмыт.  Мин  маннык  хабааннаах кинигэ  эссеттэн саҕаламмытын түбэһэн ааҕа иликпин, аан тыл, киирии тыл диэн буолааччы. Ол кэннэ иккис бэлиэтээбит уратым  — Надя биографията,  олоҕун хас биирдии  кэрчигин ахсын  хаартыскаларынан ситэриллэн, “Олох субуллар суола” диэн ааттанан  кэпсэммит.  “Орто дойдуга кэлэн, дьоллоох оҕо сааспытын, устудьуон кэрэ кэммитин киэргэтэн, үлэ-олох суолугар истиҥник, чугастык алтыһан ааспыт күндү киһибит сырдык кэриэһигэр ананар бу кинигэбит” ,- диэн бу олук түмүктэнэр.   

            Кинигэ ис тутула маннык кэрэхсэбиллээхтик, уратытык саҕаламмыта,  хас биирдии түһүмэх, ыстатыйа хайдах  аттарыллан, ааттанан  киллэриллибитэ – Татьяна Игнатьевна, Айтылы  Надяҕа уһулуччу, тапталлаах  сыһыаннарын  көрдөрөр.  

              Айтылы эссетэ  — Надя олоҕун ис хоһоонун уус ураннык дьүһүйүү:

                        “Күн бүгүн ааттара саха норуотугар дорҕоонноохтук иһиллэн-биллэн ааһар түөлбэм ыччаттарыгар: уустарыгар, иистэнньэҥнэригэр, артыыстарыгар, уруһуйдьуттарыгар, тыл үөрэхтээхтэригэр, үҥкүү эйгэлээхтэригэр — барыларыгар дьүөгэм кэрэҕэ тапталын сырдык кыымнарын көрөргө дылыбын, Ол томтор үөһэ турар Моҕол ураһа сандаархай күөнүгэр көстөр курдук дьүөгэм сырдык мөссүөнэ, биллэр курдук кини сир олоҕун кыратык да тупсарар туһугар дьулуспут дьулуһуутун туолуута, дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр –сахалыы төрүт эйгэтигэр хаһан да уостубатах таптала, түөлбэтин ыччатын кэрэҕэ кэскиллээбит кэрэмэн эркээйитэ”, -диэн суруйар Айтылы.

            Дьэ бу санааны  кинигэ 7 түһүмэҕин тухары   учууталлара,  бииргэ үөрэммит доҕотторо, коллегалара, дьүөгэлэрэ, научнай эйгэ үлэһиттэрэ,  бары аймах-билэ дьоно   истиҥ-иһирэх ахтыыларынан  бигэргэтэн,   сиһилии  кэпсээн, Надежда Николаевна сырдык эркээйилээх олоҕо, кини киһи быһыытынан кэрэтэ, дьоһуна  толору арыллыбыт.   

            Айтылы бу курдук  суруйар: “Концепция сүнньүнэн үлэ саҕаланыыта дойдутугар, били этэргэ дылы, наадалаах кэмҥэ, наадалаах сиргэ, тиийэн кэлэр. Ону бэйэтэ айар көҥүл куттаах оскуола дириэктэрэ  (В.С.Андросов- мин бэлиэтээһиним), бу кыыһы, сахалыы сэргэх-сайаҕас, этигэн чуор дууһалаах талааннаах киһини, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин эйгэтин өркөн өйдөөхтөрүн, төлөн сүрэхтээхтэрин түмэн суруллубут “Эркээйи” диэн ааттаммыт бырагыраамманы оскуолаҕа боруобалааһыҥҥа чинчийэр үлэ салайааччытынан аныыр”.         “Наадалаах кэмҥэ, наадалаах сиргэ, тиийэн кэлэр.”, -диэн олус бэргэнник суруйар.  Холобура, ааспыт үйэ 60-с сылларыгар биһиги нэһилиэккэ икки кийиит кыыс кэлэн хайдахтаах курдук хамсааһыны таһаарбыттарай? Оскуолаҕа Татьяна Игнатьевна, библиотекаҕа  Матрена Николаевна диэн холобурдуубун. Оччолорго дьон-сэргэ билиигэ, үөрэххэ утаппыттыы умсар кэмигэр Матрена Николаевна  библиотекарь  быһыытынан  киллэрбит кылаата сүҥкэн дии саныыбын.  Кини кэргэнэ Иннокентий Михайловичтыын тандем буолан  бүтүн нэһилиэк сайдыытыгар  улахан өҥөлөөхтөр. Онтон  Надежда Николаевнаҕа  директора,  уһуйааччыта  Владимир Семенович,  оччотооҕу оскуола кэллэктиибэ бары турунан, эрэллээх тулааһын буолан тахсыылаах үлэтигэр бигэ тирэх буолбуттара. 

            Н.Н.Мандарова  ким да үктэнэ илик хайысхатыгар научнай үлэ ыллыгын  дьоһуннук тэлбитэ.  “Эркээйи”  салайааччыта Т.М.Ильина суруйарынан,  “Баайаҕалар  норуокка төрүт да умнуллубут, наукаҕа ырытылла илик тиэмэни ылбыттара.  Ол эмиэ олохтоох этэ: баайаҕаларга былыр былыргыттан мындыр өйдөөх, айылҕаттан айдарыылаах араас уустар, уран тарбахтаах маастардар олорон ааспыттар эбит. (…)  Үлэ Мандар Уус саҥалыы көрүүлэрин сэргээн, кини айар үлэтигэр олоҕурбута”. Надежда Николаевна  саха оҕотун уйулҕатыгар,  уратытыгар, удьуоругар   олоҕуран иитэр-үөрэтэр  чинчийии үлэтэ психологическай наука  доктора А.П.Оконешникова үрдүк сыанабылын ылбыта, “Утумнааһын, удьуордааһын оскуолата”  тиэмэнэн үлэлээбит Баайаҕа оскуолата республикаҕа “Сыл бастыҥ оскуолата” буолбута.  

             “Оскуола эрдэхтэн дьүөгэ кыыстаах этим. Дьэ бу дьүөгэм оҕолортон чорбойор биир уратылааҕа. Кини куруук этэринэн, биһиги дойдубут дойдуттан эрэ үчүгэй, ураты үһү.” ,- диэн саҕаланар эссе. Бары билэбит,  Надя Баайаҕаны саамай бастыҥ дойду диирин.  Күн бүгүн Баайаҕа Моҕол Ураһалаах, “Мандар Уус”- саха кэлим олоҕун көрдөрөр  сэдэх этнологическай музейдаах  ураты дойду.   

                        Биһирэмҥэ Надежда Благовещенскай куоракка студент сылларын  дьүөгэлэрэ, коллегалара, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо, аймахтара Дьокуускайтан, Горнайтан, Хаҥаластан, Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчыттан, Дэбдиргэттэн, Ытык Күөлтэн, Чымынаайыттан, Победаттан, Уолбаттан муһуннулар.  Надежда Николаевна кыыһа Айталина Мандарова —  Дьокуускайга олорор,  Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин сүрүннүүр специалиһынан  үлэлиир, ийэтин аатын ааттатар,  кэлбит ыалдьыттарга махталын бэлиэтин  ырыа ыллаан  бэлэхтээтэ.   

             Н. Н.Мандарова  Благовещенскайга бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ биһирэм туһунан санааларыттан билиһиннэрэбит: “Таатта талыы-талба сиригэр Баайаҕаҕа, эдэр сааспыт доҕоро, күн күлүмүн курдук чаҕылхай Надя Мандарова сырдык кэриэһигэр кинигэ презентациятыгар сылдьан астынан, дуоһуйан, курустук дьүөгэбитин ахтан-санаан кэллибит. Презентацияҕа саалаҕа толору киһи кэлбит. Киирэн кэлбиппит дьүөгэбит Надя хаартыскалара бу мичилийэн, көрөн олороруттан хараастан харах уута ыган кэлбитин нэһиилэ хам баттаан аһарынныбыт. “Учуутал үрдүк аата” серияҕа Надежда Николаевна Мандарова сырдык аата үйэтитиллибиттэн дьүөгэлэрэ киэн тутта санаатыбыт. Тэрээһин олус истиҥник , ис сүрэхтэн тахсар тылларынан доҕуһуолланан биир тыынынан буолла. Киһи  иһиттэр истэ олоруон курдук.  Биһиги Надябыт үөрэн-көтөн, күлэн-мичилийэн, үөрэххэ-үлэҕэ көхтөөх, ханнык баҕарар киһи кутун тутар киһи этэ буоллаҕа.” Үтүө дьүөгэлэр Надя  студеннаабыт дьоллоох кэмнэрин хаартыскаларынан  көрдөрөн кэпсээтилэр, долгутуулаах ахтыылары оҥордулар. Благовещенскай куоракка бииргэ үөрэммит,  билигин республика араас муннугар үлэлии сылдьар учууталлар  ааттарыттан  Надя, Надежда Николаевна, үөрэммит, үлэлээбит  оскуолатыгар принтер бэлэҕи туттардылар. 

            Кырачаан сааһыттан дьиэ кэргэнигэр үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэккэ күн курдук күндүтүк көрүллэн улааппыт, итии  тапталга, кыһамньыга эрэ сууламмыт кыысчаан,   бэйэтин тула  эмиэ тапталы, кэрэни, үөрүүнү  эрэ  сыдьаайар киһи буолан тахсыбытыгар,  айымньылаах үлэтин үөһүгэр тулхадыйбат тулааһын, бигэ тирэх буолбут  ийэтигэр Александра Андреевнаҕа, эдьиийигэр Любовь Николаевнаҕа, күтүөтүгэр Роман Дмитриевичка   дьон-сэргэ махтал тылларын тиэртилэр.

            Учуутал, педагог Надежда Николаевна  Мандарова кылгас олоҕор Баайаҕабыт бүгүҥҥүтүн, кэлэр  кэскилин  түстэспит улахан олоҕу  олорбута, бар дьонугар  сырдык  өйдөбүлү хаалларбыта кинигэҕэ үйэтитилиннэ,  кини мөссүөнүн  сүрэхтэригэр  сөҥөрөн илдьэ сылдьар   үгүс сиртэн мустубут көрүөх- билэ дьонун тылыгар өссө төгүл иһилиннэ.  Чахчыта да,  Өксөкүлээх туойбут “Кырасыабай кыыһыгар” дьүөрэлии  эргиччи Кэрэ киһи этэ буоллаҕа биһиги Надябыт.

                                   Тохсунньу 28 күнэ, 2022 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *