1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
298 просмотров

Ахсынньы 13 күнүгэр саха литературатын төрүттэспит классик-суруйааччы, умсулҕаннаах лирик, бөлүһүөк, саха омук духуобунай лидерэ   А.И.Софронов — Алампа    “Ыллыым ээ, ыллыым…” хоһооно   32 омук тылынан саҥарбыт  антологиятын сүрэхтэниитэ дойдутугар Тааттаҕа үрдүк таһымҥа ыытылынна.  Тэрээһиҥҥэ антологияны хомуйан оҥорбут биир дойдулаахпыт Гаврил Андросов, хоһоон нууччалыы подстрочнигын бэлэмнээбит  тылбаасчыт Альбина Борисова кыттыыны ыллылар.

“Саргылардаах сахаларбыт салаһыннаах саҥаларын”  “сатардан саҥардыбыт”  улуукан поэппыт айар үлэтин атын тыллаах  үгүс омукка  тиэрдэр аартыгы арыйбыт Саха Сирин суруйааччыларын сойууһа саха литературатын сайдыытыгар биир улахан үктэли дабайда, бэлиэ хардыыны оҥордо,  саҥа саҕаҕы арыйда.

Умсулҕаннаах лирик таҥара оҥостон сүгүрүйбүт тапталын ымыытыгар   анаабыт ааттабыл  хоһооно,   омугуттан тутулуга суох,  хас биирдии ааҕааччы  сүрэҕэр  поэзия ытыыр-ылыыр кэрэтин итэҕэтэн уйа туттуоҕа, саха омук  “саталаах саҥата” буолан  киһи-аймах уус-уран литературатыгар суолу үктүөҕэ.

Антологияҕа народнай поэт Наталья Харлампьева “Алампа айманар тойуга” диэн киирии тыла   ураты  миэстэни ылар улахан суолталаах.  Наталья Ивановна    поэт лирикатын чыпчаала    буолбут    хоһоон  нөҥүө

“Алампа барахсан

Араҕан биэрбэт

Аймалҕанын” ( Владимир Андросов “Алампа ахтылҕана”)   ис номоҕун  ааҕааччыга  анааран арыйар,  Алампа поэзиятыгар холобурдаан дьиҥнээх поэзия үйэлэри уҥуордуур  үрдүк аналын ырытар.

Антологияҕа  Владимир Солоухин нууччалыы классическай тылбааһа киирбит.  Атын  омукка  тылбаастыырга анаан   подстрочник суруйбут Альбина Борисова бэйэтин тылбааһын ааҕан иһитиннэрдэ.  Дьэ бу тылбаас Таатта дьонун-сэргэтин биһирэбилин ылла,  сүрэҕин — быарын ортотунан сайа  охсон  киирдэ. Альбина Андриановнаҕа алаас уола Алампа  иэйиитин  нуучча омук тылыгар сүрэх кылын таарыйардыы тиэрдибитигэр  махтал  тыллара  этилиннилэр.

Хомуйан оҥорооччу Гаврил Андросов —  бырааттыы татар омугун  национальнай поэта  Абдулла Тукай остуоруйаларын 10 омук тылыгар тылбаастаабыт кинигэлэрин сэргээн,  бу үлэҕэ ылсыбытын, онуоха аан бастаан Алампа буолуохтаах диэн  суруйааччылар биир санааҕа кэлбиттэрин, классик поэты Пушкин, Гоголь, Есенин уо.д.а.айымньыларын бэйэлэрин тылларынан саҥардыбыт аан дойду ааттаах-суоллаах тылбаасчыттара үөрүүнэн ылсан (сорохторо тылланан туран),  биир-биэс харчыта суох үтүө баҕа санааларынан көмөлөспүттэрин  кэпсээтэ.

Биһирэмҥэ Алампа төрүт дойдута дьоһун дьохсоҕоннор аҕа баһылыктара Петр Захаров улуу биир дойдулаахтарын үйэтитэр үлэлэрин сырдатта, киэҥ этиини оҥордо. Александра Быллырытова, Ксения Хатылыкова, Оксана Андросова  кинигэҕэ дириҥ ис хоһоонноох ырытыылары оҥордулар.  Алампа хаан-уруу аймахтара  Изабелла Сивцева, Ирина Билюкина  тыйыс кэм тыынын илдьэ кэлбит былыргы хаартыскалары көрдөрдүлэр,  аймах удьуорун кэпсээтилэр. Алампа хоһооно уон омук тылынан ааҕылынна, ол иһигэр  Соҕуруу  Кореяҕа үөрэнэр Таатта оҕолоро кэриэйдии аахпыттара куйаар нөҥүө көһүннэ.

Биир хоһоон антологията сахаларга тахсыбыта, биир айымньы 32 тылга тылбаастаммыта суох. Маннык хорсун, улахан  бырайыак олоххо киириитигэр үлэлэспит Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһа, үөһэ ахтан аһарбыппыт курдук,  аан дойду литературнай эйгэтигэр кэрэхсэнэр  кыаҕын, ыытар үлэтэ  киэҥ далааһыннааҕын, дириҥ ис хоһооннооҕун, алгыһынан саҕаламмыт саха литературата кэскиллээҕин, Ойуунускай  төрөөбүт ийэ тылынан  генийдии, маастардыы айар-тутар  соругу туруоран үлэлээн-хамсаан ааспыт суолун утума салҕанарын туоһулуур.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *