Баһылай Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» кинигэтэ Тааттаҕа сүрэхтэниитэ
Сэтинньи 29 күнүгэр Таатта литературнай олоҕор бэлиэ күн буолан ааста. Саха сирин суруйааччыларын Сойууһа, И.А.Аргунов аатынан аатынан Ытык Күөл киин библиотеката тэрийиилэринэн народнай суруйааччы Василий Егорович Васильев — Харысхал “Ааспыт кэм аартыктарынан” диэн бүтэһик кинигэтин тула кэпсэтии буолла.
Улахан суруйааччы сүүрбэттэн тахса сыл сындааһыннаах, илистиилээх сүдү үлэтин түмүгэ буолан тахсыбыт документальнай роман республикаҕа аан бастаан Тааттаҕа сүрэхтэниитин М.Н.Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотекатын “Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүүтэ иилээн-саҕалаан ыыттыбыт.
Харысхал “Ааспыт кэм аартыктарынан” кинигэтэ 2021 сыллаахха, бэйэтэ күн сириттэн күрэммитин кэннэ тахсыбыта. Кинигэ эмиграцияҕа барарга күһэллибит, репрессияҕа түбэспит саха бастакы үөрэхтээх араҥатын, үөскээн испит интеллигенциятын ыар дьылҕатын кэпсиир. “Сахам ааҕааччыларыгар баччааҥҥа диэри айах кэпсээнигэр эрэ сылдьыбыт саха ытык-мааны дьонун, ытыллыбыт ыралаах ыччаттарын тустарынан этиллибэтэх кырдьыгы кэпсиир страницаны арыйдаҕым буолуохтун!”, — диэн аан тылыгар суруйар.
Кинигэ Зинаида Архипова “Түһүлгэ” кыһатыгар таҥыллан, хаартыскаларынан, уруһуй мэтириэттэринэн байытыллан, олус үчүгэй кумааҕыга бэчээттэнэн, ис хоһоонугар толору эппиэттиир дьоһун буолбут. Бу – кинигэни бэлэмнээн, оҥорон таһаарбыт эдэр суруйааччылар аҕа саастаах үтүө доҕордоругар, Учууталларыгар сүгүрүйүүлэрин, кэриэстэбиллэрин бэлиэтэ буолар.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ аат ааттаан кэллилэр: “Чолбон” сурунаал бас редактора, кинигэни көрөн-истэн, редакциялаан таһаарбыт Гаврил Андросов, Василий Егоровиһы кытта бииргэ алтыһан үгүс үлэни ыыппыт чугас доҕотторо-Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах борохуотустубатын дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ А.С. Владимиров, СР культураҕа нэһилиэстибэтин объектарын харыстабылын департаменын салайааччы Н. А. Макаров.
Саха народнай суруйааччыта, Россия улахан литературнай Бириэмийэтин лауреата, Духуобунас академиятын академига, Саха АССР 12-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин народнай депутата, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Егорович Васильев — Харысхал саха литературатыгар, театр, киинэ искусствотыгар, ону тэҥэ 90-с сылларга үөскээбит сувереннай республикабыт саҥалыы сайдар саҕахтарыгар киллэрсибит кылаата сүҥкэн.
Өскөтүн Өксөкүлээҕи, Ойуунускайы, Алампаны кытта биһиги олохпут, сайдыыбыт бары өттүн ситимниир буоллахпытына, Амма Аччыгыйа “саха норуотун олоҕун энциклопедиятын” суруйбута диир буоллахпытына, биһиги Харысхалы “Күөрэйиэхтэрэ умнуллан хаалбыт киһи уҥуохтара” диэн улуу Алампа этиитин, кэриэһин, кэс тылын толорбут суруйааччы- гражданин, патриот быһыытынан көрөбүт. Баһылай Харысхал оҕо сааһыгар аҕата ыйбыт суолун тутуһан : “Сыал улахан уонна кылбачыгас буолуохтаах” диэн, хаһан чинчийээччи — суруйааччы ындыытын сүгүөҕүттэн оннук улахан, угуйар үрдүк соругу кини бэйэтин иннигэр туруоран, ол сорук бары ыарахаттарын уйан, өйүнэн-санаатынан кыайан, үлэлээн, олорон ааспыта.
Биһиги литературнай түмсүүбүт ырытааччылара О. Н. Макарова, Г.И. Неустроева, М.Р. Егорова, В. С. Андросов документальнай романы бары өттүттэн дириҥник хорутан ырыттылар, суолталаах түмүктээһиннэри оҥорон, инники соруктары туруордулар. Кэпсэтиигэ бу романтан үөскээн тахсыбыт санааларын, көрүүлэрин В.В.Бурнашева, А.С.Жулева, З.Л.Санникова, И.А.Сивцева, Е.Д.Петров үллэһиннилэр.
Харысхал “Ааспыт кэм аартыктарынан” кинигэтин курдаттыы кууспут санаанан, бэйэтэ суруйбут “Аан тылыттан” саҕалаан — “ Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолбатаҕа буоллар…” диэн, булбут чахчыларынан бигэргэтиилээх. Кэпсэтиигэ кыттыбыт дьон бу тула мөккүөрдээх санаалары эттилэр. Россия империятын үрдүнэн сатыылаан олох отуорун төрдүттэн хамсаппыт, уларыппыт, аан дойдуга саҥа тутулу үөскэппит добун холорук тула мөккүөр үйэлэр тухары барыа турдаҕа.
А. С. Владимиров история хаамыытынан буолбут уустуктар олохтон сотуллубаттар, онон революция кэннэ буолбут, гражданскай сэрии кэмигэр тахсыбыт быһыыны-майгыны төһө да ыараханын үрдүнэн ылынан, салҕыы сайдыах тустаахпыт диэтэ. Афанасий Семенович Хаҥалас салалтатыгар үлэлиир кэмигэр Баһылай Харысхалы билсиэҕиттэн, кини чинчийэр, суруйар-бичийэр, айар үлэтигэр биир тулхадыйбат тулааһын буолбут киһинэн буолар. Норуот кырдьыктаах историятын төннөрүүгэ: “Мин сахабын, саха буоларбынан киэн туттабын!”,- диэн саха норуота бэйэтин булунан, билинэн, үүнэн-үрдээн иһиитигэр суол аспыт В.Е.Васильев-Харысхал курдук дьон тахсыытыгар бастакы Президент Михаил Николаев улахан оруоллааҕын, онуоха кини үлэтин биир сүрүн хайысхата — норуот Духуобунаһын өрө тутуу — буолбутун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ону биһиги, баайаҕалар, киэн туттар биир дойдулаахпыт Мандар Уус холобуругар эмиэ көрөбүт. Өйдүүбүт дии, ити кэмтэн ылата кини үлэтэ саҕыллан, өйөбүл-тирэх ылан барбытын. Күн бүгүн Баайаҕаҕа эрэ буолбакка, бүтүн республика олоҕор хайдахтаах күүстээх хамсааһыны, сайдыыны аҕалла билиҥҥи кэм духуобунай сирдьитэ — биһиги Мандарбыт?! Афанасий Семенович маны тэҥэ, суруйааччы бу кинигэни ыччакка туһаайбытынан, ыччаты историяҕа сыһыарар аналлаах бырайыакка ылсан үлэлэһэр санаатын дьон биһирээн, ытыс тыаһынан доҕуһуоллаан иһиттэ.
Николай Афанасьевич Макаров Харысхаллыын үгүс чинчийэр экспедицияҕа тэҥҥэ сылдьан, кини сүдү талааныгар, киһи быһыытынан кэрэмэһигэр сүгүрүйээччи буолан, араас өрүттээх көмөнү оҥорбут чугас доҕоро, биир санаалааҕа. Бэйэтин этиитигэр бииргэ сылдьан үлэлээбит кэмнэрин аҕынна, Харысхал литератураҕа, театрга, киинэҕэ айар үлэтин сырдатта. Түмүгэр ыалдьыттарбыт: “Уу сахалыы уус-уран тылынан ырытан, анааран тэрээһини үрдүк таһымҥа ыыппыккытыгар таатталарга махтанабыт!”,- диэн, астыммыттарын биллэрдилэр.
Бэйэбит ыччаппыт Гаврил Андросов В.Е.Васильев — Харысхал общество, былаас, экономика да боппуруостарыгар хорсуннук уонна аһаҕастык санаатын тиэрдибитин эттэ. Бүтүн институт тэҥэ баай нэһилиэстибэтэ хайдах хараллыахтааҕын тула кэпсэтии буола турарын иһитиннэрдэ. “Ааспыт кэм аартыктарынан” айымньыта Ойуунускай “Ааспыт күннэр-дьыллар”, Далан “Дьылҕам миэнэ”, Софрон Данилов “Санаам туймуулара” кинигэлэр кэккэлигэр турар улахан суолтатын ыйда.
Таатта улууһун дьаһалтатын баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы А.Г. Гуляева, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Г.Г.Вырдылин, кииннэммит библиотека ситимин директора А.К.Билюкина кэлбит ыалдьыттарга махтаннылар, өйдөбүнньүктэри туттардылар, Гаврил Андросов бу сылга тахсыбыт бэйэтин үлэлэрин киин библиотекаҕа бэлэх уунна.
Тэрээһин кытыылаахтара бука бары В.Е.Васильев-Харысхал төрөөбүт норуотун кырдьыгын туруулаһарга бэйэтин харыстамматах хорсун быһыытын, баараҕай айар талаанын ыччакка, дьоҥҥо тиэрдэр туһугар кыһаллыаҕыҥ диэн биир санааҕа кэллибит. Ааҕааччы, эн эмиэ онно кыттыс, “Ааспыт кэм аартыктарынан” кинигэни булан аах, кэпсээ, тарҕат!
Александра Кустурова,
М.Н.Хатылаева аатынан
Баайаҕа модельнай библиотекатын
библиотекара, “Көмүлүөк күлүмэ”
литературнай түмсүү салайааччыта.
Ахсынньы 1 күнэ, 2022 сыл.
Хайыһардаах, буурҕа устун,
Хараабыллаах, көмүөл устун,
Хатыыс киһи, хахай киһи,
Хаҥыл убай, хаарыан убай
Ханна бардыҥ, тоҕо бардыҥ?
Хаалла үлэҥ, таалла үйэҥ…
Харыс аатыҥ-Харысхалыҥ
Хайдах буолан быыһаабатай?
Харыс үрдүүр, харда биэрэр
Хайысхалаах этиҥ эбээт-
Хадьардаһар, өрөлөһөр
Харсаах хааныҥ оргуйбатах…
Хаалла Аммаҥ, аймах дьонуҥ,
Халыҥ, тахса илик томуҥ…
Ханна да хайыс өрүү баар
Халыҥ-үгүс доҕотторуҥ
Харыһыйбыт хаһыылара
Хараҕаланна сүрэхпэр…
Хаардаах чыпчаал буолан үрдүүр
Хайа саҕа киһи аххан,
Харысхалбыт, быдан уххан…
Баардаах байҕал курдук сырдыыр
Барҕа баайдаах баатыр убай,
Баһылайым, чэ, быраһаай…
Гаврил Андросов, Россия Суруйааччыларын бырабылыанньатын сэкиритээрэ,
“Чолбон сурунаал бас эрэдээктэрэ.