1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (2 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
485 просмотров

Алтынньы 10 күнүгэр М.Н.Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотекатыгар  “Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүү ырытааччыта, хоһоонньута  Галина Неустроева “Тырымнас тыллары оҕуруо кэриэтэ тиһиэҕим” диэн поэзия хонуутугар бастакы хараҥаччы  кинигэтин биһирэмэ буолан ааста.

Галина Иннокентьевна Неустроева – нуучча тылын уонна литературатын учуутала, РФ иитиигэ уонна үөрэҕириигэ бочуоттаах үлэһитэ, СӨ учууталларын учуутала, үөрэҕин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ.

            Кинигэни 50 экз. “Айар” национальнай кыһаҕа бэчээттэтэн таһааран, оҕолоро, сиэннэрэ дьоһуннаах сааһыгар сөп түбэһиннэрэн бэлэх ууннулар.

            Республика литературнай эйгэтигэр ырытааччы быһыытынан үрдүк  ситиһиилэрдээх Г.И.Неустроева,   бу сырыыга хоһоонньут быһыытынан киэҥ эйгэҕэ таҕыста, атын өттүнэн арылынна.  

“Тускун” культура киинин уус-уран салайааччыта Андрей Андреев музыка доҕуһуолунан автор  хоһоонун иэйиилээх ааҕыытыгар уйдаран, Галина Неустроева поэзиятын “дьикти кытылыгар” тигистибит. Уран тыллаах, истиҥ хоһооннордоох кинигэ тула киэҥ кэпсэтии  таҕыста.  Ол курдук Санкт-Петербургтан, Дьокуускайтан, Уус-Алдантан  куйаар ситиминэн кыттыһан ырыттылар, эҕэрдэлэрин тиэртилэр.   Поэзияны таптааччылар “Тырымнас тыллары оҕуруо кэриэтэ тиһиэҕим” кинигэттэн  сөбүлүүр хоһооннорун аахтылар.  “Көмүлүөк күлүмүн”  ырытааччылара  М.Р.Егорова,  О.Н.Макарова, В.С.Андросов, С.В.Жиркова  автор поэзиятын бары өттүнэн ырыттылар, үрдүк сыанабылы биэрдилэр. Литературнай түмсүүбүтүгэр быйыл саҥа киирбит элбэх кинигэ автора В.А.Иванова – Христофорова  ис кутун, санаатын таарыйбыт хоһооннорго тохтоон, үчүгэйдик ырытта. Айар куттаах дьоммут Баайаҕыын, Айаанньа Уус, Дабайаана, Д.И.Бабаранова санаа үллэстэн, Айаанньа Уус бүгүҥҥү  тэрээһиҥҥэ Анабыл хоһоон бэлэхтээн   тэрээһини киэргэттилэр, баай ис хоһоонноотулар.  Бары ырытааччылар автор   тылга улахан болҕомто уурарын, сатаан туттарын, билэрин, иэйиитигэр холбоон киһини долгутар, умсугутар  уран айымньы  оҥорон таһаарарын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр, лирическэй герой  араас уобараһын сатамньылаахтык, талааннаахтык   арыйбытын ыйдылар.  Владимир Семенович  автор  3 хоһоонун    нууччалыы      тылбаастаан бэлэх  уунна.  Санкт-Петербургтан  Т.П.Чярина     чугас дьүөгэтин  талаанын соһуйа,     сөҕө-махтайа арыйбытын эттэ. Маны таһынан 
Т.И.Андросова, В.Г.Винокурова, “Айар” национальнай кыһа эҕэрдэлэрин ыыттылар. 

            Дьокуускайтан видеонан кыттыспыт  түмсүүбүт кыттыылааҕа,  учуутал Вера Егоровна Мандарова,  Санаайа “Киһитийии сэһэнэ” кинигэтигэр Алампа хоһоонун ырытыытыттан сиэттэрэн тахсыбыт санаатынан автор поэзиятын    маннык сыаналаата: “ Алампа этэринэн, ийэ тылын чахчы баһылаабыт эрэ киһи саргылаах саҥаны саҥарар. Онтон мин санаабар — саргылаах саҥа диэн-киһиэхэ дьайар күүстээх саҥа. Биһиги бары  билэр, күннэтэ туттар тылларбытын сатаан салайан, сатаан ситимнээн, онон биһиги саныыр санаабытын түмэн, хоһуйан таһааран дьайар  сатабыл Галина Иннокентьевнаҕа баар.”

“Санааттан санаа саҕыллар,

Сэргэх сэһэн саҕаланар,

 Сылаас иэйии иитиллэр,

Сарсыҥҥыбыт салаллар”, — Галина Иннокентьевна поэзиятыгар анаабыт тэрээһиммит  киниэхэ саҥа саҕахтары арыйдын!

Түмүккэ, эһиги болҕомтоҕутугар, Дьокуускай куоракка олорор литературнай түмсүүбүт кыттыылааҕа, биир дойдулаахпыт, поэт Надежда Андросова — Айтылы  ырытыытын таһаарабыт .

            ГАЛИНА НЕУСТРОЕВА НАРЫН ИИҺЭ

Хаһан эрэ өрдөөҕүтэ, ким кэпсээбитин өйдөөбөппүн, СГУ уопсайыгар хостору бэрэбиэркэлии сылдьар актыбыыс уолаттар биир хоско киирбиттэр (араас бэрэбиэркэ элбэх буоллаҕа). Онно биир уоллара тоҕо эрэ элбэх кыыстан арааран, түннүк таһыгар олорор биир хатыҥыр дьикти кыыһы өйдөөн көрбүт. Кыыс, киирбиттэргэ кыһаммакка, олус тартаран тугу эрэ быысыбайдыы дуу, оҕуруонан тиһэ дуу олорор үһү. Кини нарын тарбахтарынан аргыый сыыйан оһуордуу олорор оҥоһугун сииктэригэр Таатта уолун сүрэҕин итии утахтара тэҥҥэ тиһиллэн, оргууй хатыһан бардахтара ол. Галина Неустроева хоһооннорун бастакы хомуурунньуга тахсыбытыгар аатын көрөөт, ол түгэни санаан кэллим. Эдэркээн сааһыттан иискэ умсулҕана дьылҕатын суола уонна тылын ууһа-оһуора буолан тиһиллэн тахсыбытын сөхтүм, кинигэтин булан ааҕыахпын баҕардым. Эрдэттэн кини суруйарын сэҥээрэрим. Үчүгэй иистэнньэҥ, оһуордьут сиигэ көнөтүн курдук, айылҕалыын силлиспит кутун-сүрүн туругун уурбут-туппут курдук тутан хоһуйарын сөбүлээбитим.

Прозаик бэйэтин айымньытыгар дьиҥ олоҕу эбэтэр толкуйдаан таһаарар олоҕун сиһилээн суруйар. Онтон поэзия олоҕу өйдөөһүнтэн чочуллан тахсар, дьиҥ олоххо буолбут эбэтэр оҥорон көрөн өй-сүрэх нөҥүө аһарбыт араас санаалары түмэртэн, олору араас бэлиэлэринэн биэрэртэн.

Галина Неустроева кинигэтин арыйдыҥ да, кини олоҕун оһуор көбүөрэ туох да эгилитэ-бугулута суох иннигэр тэлгэнэ түһэр. Саха ииһэ хайдах курдук аа-дьуотук, наллаан иистэниллэрин курдук, кини тылын-өһүн нарын сыыйыы утахтара ааҕааччы кутун-сүрүн бэйэтигэр мындырдык эпсэри тардан, аар айылҕа ортотугар сириэдиппит бэйэтин бүччүм кэрэ муннугар – тыа ыалын ийэтин, эбэтин күнүн көрбүтүнэн турар айылҕалыын силлиһэр тэлгэһэтигэр, ол онтон тыаҕа тыргыллар ыллыктарыгар,  сыһыыга сыыйыллар суолларыгар.

Тыл иистэнньэҥин оһуор көбүөрүн үөһээ өттүн көрөбүт. Ордук тырымнас уоттаах хоруоҥкалары талан, кини оҕо сааһын туһунан бичийэр. Манна баар мааныттан мааны Марха өрүс, “сып-сырдык чарылыыр сүүрүктээх, сылаас тыал илгийэр кытыллаах, сурулуур кырылас кумахтаах, сибэкки арааһа симэхтээх”. Ааптар, бастатан туран, өрүс оҕото, өрүс кыаҕа, күүһэ, көмүөлэ, кини ханна да тиийдин, кинилиин син биир бииргэ сылдьыһар, кыракый дьүүктэ уутунуу кутугар-дууһатыгар, этигэр-хааныгар тыга сылдьар, кэрэнэн диэлийэр, уратынан туолуйар сүүрүктээх. Өрүс кини ааспат ахтылҕана: “төннүөх этим кыл түгэн таастаах күндү биэрэкпэр”, эбэтэр “Мархам тааһын ымыы гынан илдьэ сылдьыам аттыбар, дойдум сытын, сылаас тыынын иҥэриммит курдук кини” диирэ ааптар өрүһүнүүн оҕо эрдэҕиттэн оонньообут тааһын нөҥүө быстыбат ситимин илдьэ сылдьарын этэр. Бэйэтин икки өрүс – чаҕыл дохсун сүүрүктээх Мархауонна дьиппиэн, холку сүүрүктээх Аллан – оҕотобун диир ааптар, дьылҕатын түөрэҕэ түспүт кыракый үрэхтээх туспа сирин кыараһырҕаттар даҕаны, санаатын күүһүнэн дойдутугар тиийэ турар. Манна баар ааптарга бэйэтигэр ханыылыы дойдутун дьулугурас бэс маһа – добун халлаан тойуга, баар харыйа тыатын күөх тумарык суугуна. Ааптар оҕо сааһын оонньууларыгар ураты сылаас ахтылҕаннаах. “Оонньуур суоҕа эрээри, оонньуу олус дэлэйэ” диир кини. Ат, торбостоох ынах, хонууга кэккэлэтэ ууруллан дьиэ да буолар судургу ураҕас ааптар ойуу сэһэнин “күндү мала” буолан оннук-маннык легоҕа бэриллибэтин туһунан этиллэр. Бу хоһоон былыргы оҕо ордук баай оҥорон көрөр дьоҕурдааҕын туһунан кэпсиир, аҕам дьону оҕо саас күндү түгэннэригэр эргитэр. Оһуор сэһэн көбүөргэ – биир улахан тимэхтээх сүгэһэр суумкалаах кырачаан оскуола оҕото. Ааптар сэттэ сааһыгар үөрэммит букубаарын, санаатыгар хамсаан барыах ойууларын, сэттэ уон сааһыгар диэри өйүн-сүрэҕин муннугар илдьэ сылдьан, лабыргыыр хаптаһын хаппахтаах лаҕыйбыт улахан паартатыгар олорон,  билигин да дьэҥкэтик көрөр, күндүргэтэ, долгуйа арыйар, түөһүгэр иилиллибит хордуоҥка сулуһун имэрийэр, хаһыакка сууламмыт күүтүүлээх Саҥа дьыллааҕы бадаарагыттан долгуйа үөрэр.  Салгыы көбүөргэ – кылаас оонньоон кылыйбахтыыр кыра кыыс ойуута. Кыыс табыгас тааһын таптаан сиэбигэр укта сылдьара, көрдөөтөхтөрүнэ, кинилэр эмиэ кыайдыннар диэн, боччумура түһээт дьүөгэлэригэр уларсара – бу оҕо улахан олоххо бэлэмниир оҕо саас оонньууларыгар ураты  боччумнук сыһыаннаспытын туоһулуур. Үүнэр кэрэ сааска кэлэр оҕотук ыраас иэйии ааптары тумнубатах. Ол туһунан кини килбик иэйиитин иһиттэн сандаарар таас оҕуруолуу тиһэн суруйар: таптаатым быһыылаах кинини, хардатын букатын күүппэккэ, таптыырбын таайыа диэн эрэнэ, таптыыртан бүтэйдии дьоллоно”. Төһө да харда ылбатар, кини бу бастакы, куйаары кытта ситимнээх маҥнайгы тэһии иэйии туругун олоҕун устун илдьэ барар, ону билбитигэр махталлаах хаалар. Бу эмиэ – дьүөгэлэри кытта тоҕотун билбэккэ күлсэр сааскабэйэтин сырдыгын дьылҕаҕа барытыгар түһэрэр олох кэрэ оскуолата. Оҕо саас дойдута кыысчаан өйүгэр умнуллубаттыы хаалар: Онно куруук сып-сылаас, сулус чугас, тырымнас, ардах сылаас, курулас, хаардыын кытта сымнаҕас

Тыл оһуор ойуутун салгыы көрөбүт. Дьэ маннык уйан-намчы дууһалаах кыысчаан сэргэх-сэмэй ыччаттаах Сэргэлээххэ дьиҥнээх доҕорун көрсөр, киниэхэ санньыйбыт санааҕын сүгэһэр оҥостуом, хомолтоҥ аҥаарын бэйэбэр эбиниэм, үөрүүгүн үллэстэн икки бүк үрдэтиэм, олоҕуҥ суолугар доҕор диэн ааттаныам диэн мэктиэ тылын биэрэр. Сүрэх аалай өҥүнэн ойууланар бу кэм олох көбүөрүгэр – дьахтар буолар истиҥ иэйии халлааныгар көтүппүт, ийэ буолар дохсун үөрүү кынаттарын үүннэрбит эн эбиккин – эр киһи… Дьахтар дьикти тулуурун, өспөт модун санаатын эр киһи эрэ арыйарын бэлиэтиир. Дьахтар кылгас өйүнэн” “уһун кэскили түстүүркүүстээҕин, оттон эр киһи дохсун күүһүнэн сир ийэ кэрэтин түмэр сылаас нарын сүрэхтээҕин бэрт кылгастык, мындырдык чопчу этэн кэбиһэр.

Оттон бу көбүөр ортотугар тугу көрөбүт? Көрөбүт аны дьикти-мааны оһуор хаппахчыны. Тыа ыалын ийэтин элбэх түбүгүн быыһыгар кини ардыгар көҥөс дууһатын халҕанын кичэйэн хатаан, санаа, ахтылҕан хаппахчытыгар киирэн иһийэр, онно кини туспа дугуйданар дойдулаах, сир киэниттэн ураты сиэдэрэй сибэккилээх бэйэтэ эрэ дьаарбайар хоһоон хонуулаах.  Кини ол дойдутун маннык этэр: Мин ырам дойдута уйаҕас, …бардам да санааны сэрэйэр… кырыалаах түннүгүм ойуутун одуулуур оҕолуу үөрүнньэҥ. Кини сэмэй, аакка-суолга, дуоһунаска баҕарбат, олоруон баҕарар сүрэх баҕа санаатынан, өйө тугу сэргииринэн – кини бэйэтин ис баайын чочуйар, дириҥэтэр, сааһылыыр күн баҕалаах. Хоһоон – дууһам ырыата, хоргус санаам хонуута, хаҕыс сыһыан хапсыыра, хоһоон – дууһам ырыата, хорсун санаам ыллыга, хоһуун өйүм тускута  диэн кини хайдах да туругун хоһоонугар кутан уоскуйарын, хоһоон суруйан күүһүрэрин этэр. Кинини ардыгар соҕотохсуйуу тыына кууһар – бэйэтин тымныы тыал хаҕыс тыыныттан туруттан түһээри тэлимниир соҕотох сэбирдэххэ холонор, бу – айар киһи ырыаттан-хоһоонтон мунчаарар чараас уйулҕатын чаастатык көрсүллэр туруга, ол да иһин өссө ааптар ситэ-хото илик сааһыгар түҥкэтэх аатырар. Кини бүтэй курдук, ол гынан баран барытын истэ-билэ, дууһатын дириҥ улаҕатыгар хомуйа, иҥэринэ сылдьар, дьонун-сэргэтин хаһан эрэ хойутун хомоҕой хоһоонун хонуутугар хоннороору, ыллам ырыатын кырдалыгар ыалдьыттатаары. Поэзия кинини дьоҥҥо, олоххо таһаарар аартыга сэгэйэр: олох миигин умнума, оҕолообут оҕоҕун, дьылҕа миэхэ анаама дьэбир, дьыбар сыһыаны. Дьолу көрдүүр мин ыырбар дьикти дьонно ыҥыр эрэ, билии булар ыллыкпар буллар эрэ доҕоттордо.  Ити гынан баран ааптар бэйэтин айар үлэтин дьиҥнээх иэйиинэн аахпат, кини сыттаах, амтаннаах, араас дьүһүннээх, майгылаах тыллары оҕуруолуу наардыырын таптыырын туһунан этэр. Ол иһин мунаахсыйан ыйытар: Уран уус  уус тыллаах урааҥхай саха утумабын дуо, сатала суох саҥалаах саҥа үйэ сахатабын дуу? Балысхан толкуйдаах бороҥ урааҥхай удьуорабын дуо, бэтэрээнэн билиилээх билиҥҥи кэм сахатабын дуу?Кини онно чопчу хоруй истиэн баҕарар – Мин кимминий, ким этэр миэхэ?Ол аата кини салгыы үүнэр, поэзия дириҥ далайыгар дириҥник умсар кыахтаах.   Тыл күүһүн айар дьоҥҥо кини сүгүрүйэр дьонноох: ол – санаатын утаҕын сириэдитэн, силигилэтэн сиргэ сиэтэн түһэрэрМандар Уус, үйэлэри уҥуордаан, сөптөөх тылы ситэрОндороос Хабырыыс, сахалыы саймаархай сайгыччы тыллаах хоһоонноох хатыламмат биир Сайа уонна өҥөнөн көрөр тирэҥсэтин оһуоругар холоонноох дьикти тыллаах хоһоону айар Арылы Дуйдаах. Ааптар төрөөбүт тылыгар махтанар: сахам тыла – мин баайым, истиҥ иэйии сырдык ыыра, ахтар сүрэх алы буолар уратылаах чуумпу сирэ… сүппэт-оспот албаһым, симэлийбэт тирэҕим, соргу көрдүүр ыллыгым, сахам тыла – тапталым…

Көбүөр ортотун оһуордаах хаппахчытыттан уран утумнар тэнийэллэр. Ахтылҕанын ырыатыттан дойдум миэнэ хайатай? диэн мунчаарыыта иһиллэр. Ол гынан баран ааптар бэйэтэ оҕото сүүрэр ыллыгын сылаанньыйа маныырыттан, сиэнэ хааман тоотойор тэлгэһэтин таптыырыттан манна эбит мин дойдум, дьолбун булбут бу сирбэр, силистэрбин тэниппит түөрэх түспүт сиригэр… диэн түмүк оҥостор, кута-сүрэ уоскуйар – төлөрүйүүм баттыктан, тэйиим, күҥҥэ талаһыым, соргу үүнүн мин тутуум. саргылааммын салайыым. Билиҥҥи кэмҥэ сытыытык турар ийэ дойдуну таптааһын тиэмэтигэр ыччакка аныыр кэс тыллара олус оруннаахтар: силис-мутук тардыбыт төрүт сиргэ тапталы өрө тутан олоруҥ, ийэ сылаас тапталын иҥэриммит илгэлээх төрүт тылы умнумаҥ”.

Галина Неустроева бэйэтэ нуучча тылын учуутала идэлээҕин быһыытынан, тылбааска эмиэ холонор. Ааттаах поэт Арбитаны нууччалыы, Пушкины уонна Есенины төрөөбүт тылынан саҥардыбытын киһи кэрэхсиир. Аатырбыт хоһооннор умнуллубат муусукалыы тэтимнэрэ бэркэ диэн иһиллэр, ону ааптар сатаабыт.

Ахтылҕан баттыгыттан босхолонон, түөрэҕэ түспүт дойдутун ылынан, ааптар салгыы үрэх, алаас сир айылҕатын таптыыр, саһархай ньургуһунун хайгыыр, хатыҥ маһын оҕо, кыыс, дьахтар, эмээхсин сэбэрэлэригэр доҕуйан, тыл уран ууһунуу хоһуйар.  Саҥа хаары аны ырыалаах кыыдамнатар, таптыыр кэмэ саас кэлиитин, сааһы арыаллыыр көтөр кынаттаахтары – туллугу, турааҕы, туруйаны – туойар, оһуордаах түһүлгэтин үрдүнэн күөрэтэ көтүтэр, айылҕа уһуктуутун тылы араастаан имитэн-оонньотон күйгүөр кэрэ тэтими түһэрэн биэрэр, айылҕаны – улуу ууһу олус сөҕөр-махтайар, ол иһин күһүҥҥэ кини маннык диэн этэр: Дьэ кырдьык, сөҕөбүн эйигин, сүдү эн талааҥҥын хайгыыбын, ол эрэн килбиктик тыллыбыт ньургуһун кэрэтин суохтуубун.  Кини сүгүрүйэрэ, үҥэрэ – күн. Дьыл ханнык да кэмигэр күн хайдах турбутуттан ааптар күнэ саҕаланар. Онтон, ардыгар, сылыппат да буоллар, син биир үөрдэр кыһыҥҥы күн туһунан маннык устуруокалар үөскээн тахсаллар: Хоргус санаа хоруоҥката – саппах санаа илдьитэ тиһиллибит курдук сапка. Сылыппатар даҕаны, күнүм мичик аллайар, сырдыгынан сыдьаайар. Мүччү туппут хоруоҥкам көстүбэттии ыһыллар…Күн биир кэмчи уоттаах мичээриттэн саппах санаа хоруоҥката тиһиллибит саба быһа бардаҕа ол.  Оттон тохсунньу ый киниэхэ дьиктитинэн күүтүүлээх эбит –  тоһуттар тымныылаахэрээри, ичигэс ис тыыннаах. Ол – толору-томтоҕор туолбут хаарын халыҥ сылаас үллүгэ, быһыыта, бу ыйы итинник уратылыыр.  

Кийиит буолбут сириттэн тапталлаах Марха өрүһүгэр тиийэ сылдьан, ааптар санаата хараастар: Сир ийэ барахсан чэлгийэр күөх ньуура тоҕута тэпсиллэр ыар-нүһэр ынчыга, тыыннааҕы өһөрөр сүлүһүн долгуна – бүгүҥҥү мин Мархам арахпат ыарыыта.

Ардыгар ааптар тыла-өһө, иэйиитэ худуоһунньук хараҕыныы олуһун урансыйар, нарыннык чараастыйар. Ааҕыҥ эрэ бу устуруокалары: Үрүҥ күн былыттан өҥөйдө килбиктик, мөһүүрэ кырыаҕа сып-сырдык утаҕын ыйаата киэргэтэ. Кэрэтиэн күһүҥҥү дьэрэкээн хартыына, уус илии кыһанан оҥорбут ойуута. Манныгы уус эрэ харахтаах, сүрүнэн сэрэйэн ситэр сүүһүнэн умайар сулустаах, таҥнары сатыылыыр кустуктаах, былыкка сөрөммүт таммахтаах, үүт туман аргыстаах санаалаахайылҕалыын силлиһэ силистээх  киһи эрэ өйдөөн көрөр. Кини кулгааҕа эмиэ уран: сааскы хараан киэһэҕэ кырыымпалыы кырылыыр кэбирээбит сааскы муус тохтор тыаһын истэр. Кини айылҕа ыарыытын кып-кыра сэбирдэх туллан түһэр ыарыытынан да таайар, сэрэйэр, тэҥҥэ ыарыыланар.  Кини айылҕа көстүүтүттэн, тыаһыттан-ууһуттан, дьайыытыттан кутунан тыл дьиҥин истэр. Кини таптыыр сулустаах халлааннаах сирдээҕи чуумпуну, ытатата ыллыыр ыйдаҥа суһумун”. Ханнык баҕарар халлаан уларыйар түгэнигэр, кини күүһүнүүн, кыаҕыныын, куоппакка, саспакка, бииргэ буолуохтаах быһыыны ааптар билэр, холобур кини кыыһыран ньирилиир этиҥи саспакка сэҥээрэ иһиллиир– онтон тус олоххо үтүө уларыйыы сүүрээнэ киириэхтээҕэр эрэллээх. Ньирилээтэ суоһурҕана, сатараата уордайа сааллар этиҥ үрдүбэр, курбуулаата уотунан…  Харах уутун уйбата, халбарыйда хара былыт. Ырааһыран, өссө сырдаан, чэмэлийдэ үрүҥ күн…”, эбэтэр улуу тымныы күн эмиэ айылҕа күөнүгэр буолан ылыахтааххын ааптар санатар: Дьиэттэн тахсан, тумаҥҥа дьоролдьуйа хаамыаҕым, тымныы миигин куттаама, торуоскаҕын тыаһатыма – тымтар кылыс тымныыны таптыыр саха буолабын”. Этиҥнээх ардах эҕэрдэ ньиргиэрин, үллүктүү түһэр үрүҥ хаар үҥкүүтүн, дьиэрэҥкэй тэбэр дьэргэлгэн дьириминортотугар туран, кини биһигини күлэ-дьоллоно ол үөскэ ыҥырар.  Кини ханнык баҕарар киһини тула баар, бэйэтэ көрөр кэрэтин өйдөөн көрөргө ыҥырар: Көрүҥ эрэ, доҕоттор, күн уота сырдыгын, күөх халлаан үрдүгүн. Көччүйүҥ бу күөххэ, көрүлээҥ бу күҥҥэ.

Галина Неустроева – сибэкки куттаах киһи. Ол тэҥинэн олоҕун оһуордаах көбүөрүн кытыыларын араас айылҕа уонна олордор сибэккилэрин дьэрэкээн көстүүлэринэн симээбит. Сибэкки абылаҥар ылларыыта оҕочоос сааһыттан саҕаламмытын кини маннык эппит: Хатыйыы күрүөнү өҥөйөн, харахтаан көрбөтөх сибэкким чөмөхтүү үүммүтүн сэҥээрэн өр да өр турарым одуулаан. Ол ыра санаатын батыһан, кыһыннары-сайыннары чэлгийэр араас сибэккини дьиэтигэр, оскуолатыгар, олор тэлгэһэлэригэр үүннэрдэ ини, үүннэрбэтэ ини. Онон сибэккилэрдиин сиэттиһэр ааптар хас биирдии сибэкки майгытын эҥкилэ суох билэрэ, ону хоһоон хомоҕой тылынан кэпсиирэ хаһаайкаларга үтүө сүбэ буолара саарбаҕа суох. Кини бэйэтин эмиэ айылҕа үүнээйитигэр  ханыыланар эбит: Үүнээйи курдукпун билэбин. Тыллабын саас аайы саҥалыы сырдыкка, сылааска тардыһан, күһүҥҥү сэбирдэх кэриэтэ кыһыны күүппэппин мин үөрэ. Сыыс от тумнара үүнэрин сайынын сэҥээрбэт эбиппин, силиспин-мутукпун харыстыыр сир ийэ оҕото буоллаҕым”. Бэйэтин тэлгэһэтигэр олордубут дойдутун үүнээйилэрэ: кытыан, хаппырыас, лүөн, кырсаада – киниэхэ дойдутун кэмчи илдьиттэрэ, курус санаа ыырыттан тэйитэр, уоскутар доҕотторо буолаллар.

Галина Неустроева – элбэх оҕолоох ийэ, элбэх сиэннээх эбэ. Ыччаттара икки өттүнэн күөх тыа буолан алардыы сэлэлээн киирэн, сириэдиһэн эрэллэр. Мантан кини  дьоллонуон дьоллонор, сиэннэрин биирдии ааттаан, таптаан хоһуйбута, олоҕун көбүөрүгэр араас быһыылаах туораах хоруоҥкалар гынан киллэрбитэ, чуопчаарыччы күллэрбитэ, кырачаан саастарын сурукка үйэтиппитэ хойутун эбээ барахсаҥҥа махталынан туолуйуо.

Ааптарга олоҕун көмүс күһүнэ эмиэ өрүһүн барахсан көмүс күһүнүн кытта ханыылаһан кэлэр, бу ойуу олох көбүөрүгэр үрүҥ көмүс хоруоҥкаларынан тиһиллэр: Сүүрүккэ сөтүөлүүр сулустар сүүһүнэн  чаҕылхай уоттара – күһүҥҥү өрүһүм дьиктитэ, көмүстүү кутуллар күлүмэ… Ол көмүс дуй суолунан кини  мас тыытыгар үрүҥ баарыһы тииринэн, сааһырыы боруогар да туран, кэрэни сэргиирим баа буолбат диэн, салгыы айанныыр. Кини аныгы үйэ ситиминэн сарсыарда аайы далбаатаһар доҕоттордооҕор дьылҕатыгар махтанар, кыргыттарым-уолаттарым диэн ааттыыр. Ол онтон кини сааһа элбиирин билбэт: Сааһым элбиир-элбиир, сэрэйбэппин арай бэйэм халыҥаабыт ол сааһы, ханна баарый, доҕоттор? – диэн муодаргыы ыйытар, сүрэҕэ өрүү эдэрин, кырдьар диэни билбэтин этэр. Ааспыты кэмсинэ ахтымаҥ, ардыгар сыыспыт да буоллахха, быыкаайык сиэн оҕо мичээрин ботуччу дьол эбит дии саныах диэн үөлээннээхтэригэр туһаайан этэр.

Ааптар хомуурунньугун Дойдубар тапталым диэн хоһоонунан түмүктээбит. Кини ааспат-арахпат ахтылҕаныгар төннөн кэлэр, оҕо саас лыахтаах хонуутун, халлаанын сайыҥҥы күнүн, өрүһүн кырылас чай тааһын, сүүрүккэ кыбыста көрүнэр иирэтин эмиэ эргитэн саныыр, саҥалыы хоһуйуон баҕарар. Дууһа эмиэ оҕолуу ырааһырар, сырдыыр, чэпчиир, Кэрэ Олох кэпсэнэр оһуордаах кэпсээнэ салҕанар, нарын ииһэ сыыйыллар…

 Галина Неустроева хоһооннорун устуруокаларын быыһыттан биһиги, ааҕааччылар, тугу көрдүбүт? Көрдүбүт ааптар кэрэни ураннык кэрэхсиир уус хараҕын, аакка-суолга наадыйбат, тыл эрэ таҥаралаах сэмэй сүрэҕин, холуон тылтан, быһыыттан сэрэнэ, тэйэ туттар тэһии, сэргэх кутун, дириҥник ахтар-таптыыр дууһатын, доҕоругар, доҕотторугар бэриниитин, айылҕалыын этинэн-хаанынан силлиһиитин, ийэ, эбэ дэппит харыс, чуумпу дьолунан толорутун.  Барытын биллибит, аахтыбыт, таптаатыбыт. Кини биһиэхэ чугаһаата, сирдээҕи кэрэни биһиэхэ чугаһатта, сирдээҕи олоҕу, тапталы тыл күүһүнэн өссө чиҥэттэ, олох дьикти уран көбүөрүн оһуордаан биэрдэ. Олохпун саҥаттан анаара айанныым күһүҥҥү киэһэҕэ…

  

                                                                   Надежда Андросова-Айтылы

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *