1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (1 оценок, среднее: 5,00 из 5)
Загрузка...
436 просмотров

Алампа уонна баайаҕалар

М.Н.Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотекатын “Алампа уонна баайаҕалар” диэн үөрэтэр, сырдатар, үйэтитэр бырайыага быйыл саҥа ааттарынан, ситиһиилэринэн, айымньыларынан кэҥиир. Бу туһунан сэргээн билсиҥ!

Быйыл саха тыллаах сүгүрүйэр улуу поэта  Алампа төрөөбүт күнүгэр   биир дойдулаахтарбыт ааттара ааттанна, үлэлэрин үтүө түмүгэ көһүннэ.  Ол курдук “Чолбон” сурунаал бас редактора, поэт Гаврил Андросов  түмэн оҥоруутунан  Алампа Софронов “Ыллыым ээ, ыллыым”  диэн хоһооно 32 омук тылынан тылбаастанан, биир хоһоон  антологията буолан таҕыста. Кинигэни Саха сирин суруйааччыларын Сойууһа “Якутскэнерго” тэрилтэ өйөбүлүнэн  таһаарда. Идиэйэ ааптардара — Наталья Харлампьева уонна Гаврил Андросов. Поэт төрөөбүт күнүгэр ыытыллыбыт кинигэ сүрэхтэниитин Гаврил Андросов уонна Зинаида Архипова иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Владимир Андросов эппитинии:

“Алампа барахсан

Араҕан биэрбэт

Аймалҕанын” Поэзиятын биир чыпчаала буолбут “Ыллыым ээ, ыллыым” хоһооно, народнай поэт Наталья Харлампьева суруйарынан : “ 32 омук тылынан аймана туойда!”

 

“Алампаҕа айан” бырайыак ааптара,  педагогическай наука кандидата, А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей директора Изабелла Александровна Сивцева  А.И.Софронов-Алампа аатынан  общественнай Бириэмийэ лауреата буолан “Алампаҕа сүдү бэриниилээх” номинацияны тутта.

“Уран” дизайн-студия салайааччыта, меценат Вячеслав Яроев “Өрөгөйдөөх өйөөччү” номинация  ылан, “Алампа” общественнай Бириэмийэ лауреата буолла.  Изабелла Александровна, Вячеслав Васильевич Бириэмийэни, скульптор Николай Чоччасов оҥорбут статуэткаларын Алампа төрөөбүт күнүгэр  Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын  дьиэтигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.

Киэн туттар биир дойдулаахтарбытыгар  Изабелла Александровна Сивцеваҕа, Василий Васильевич Яроевка, Гаврил  Гаврильевич Андросовка  эҕэрдэбитин тиэрдэбит, айымньылаах үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

Иис-күүс кистэлэҥнэрин баһылаабыт уран тарбахтаах Тамара Яроева

сүгүрүйэр поэтын портрета

 

ЫРЫА ТАҤАРА ИЙЭ 

                                                                  «Эйигин сүрэхпинэн көрөбүн,

санаабынан таайабын… »

А.С.     28-V-29 c.

Кини эйигин көрбөтөҕө,

Сымнаҕас түөскэр сыппатаҕа,

Минньигэс сыккынан сирдэтэн,

Илгэлээх тумуккун уоппатаҕа.

Төрүүрүгэр сулус туруутуттан,

Толуктаах ый-күн үүнүүтүттэн,

Түүллээх оҕонньор төлкөтүнэн

Куоттарбыккыт хотон түннүгүнэн.

Үс көрбөт ыал илиитин имигэр,

Тылынан эрэ саатанар эйгэтигэр,

Барбыта уолчааҥҥыт норуотугар –

Харах-көс буолар дьылҕатыгар.

Оо, хайдах этигиний, Дьэлиэнэ,

Уран санаа ойууһутун ийэтэ,

Ураты дьоҕуру хааҥҥынан

Утумнаан ыыппыт бэйэҕинэн?

Үрэх сир нарын-намчы дьахтарын,

Уйан сырдыгын, кылгас олоҕун  –

Тоҕо эйигин өрүү саныыбын,

Уһуор дьүһүҥҥүн өйдүү сатыыбын?..

Ырыа кутун көстүбэт аанньала,

Салгын устун талбаара тайана,

Үрүҥ чүөмчү тыынынан  үрэрэ,

Сэбирдэхтии илибирии сипсийэрэ –

Ырыаларын кыаһааннаах кылыһаҕа,

Тойуктарын томоонноох дорҕооно,

Хоһооннорун холлотор доҕоччуга,

Буолтуҥ киниэхэ Ырыа Таҥарата!

Атын үгүскэ кини үҥпэтэҕэ,

Атын үтүөҕэ кини үлүһүйбэтэҕэ,

Атын күндүгэ-көмүскэ аралдьыйбатаҕа,

Ыҥырар ааттала биирэ – Ырыа Соргута!

Арыт иэйии иэмэхтиирэ сүрэҕин,

Арыт хомолто хоруотуура дууһатын –

Санааларын аар кырыымпа матыыбар

Алгыы тиһиллэрэ эн күндү аатыҥ.

Сирдээҕи эндиргэ эрэйин чэпчэтэриҥ,

Чолбон сулустуу тосхойо сырдыырыҥ,

Сыыйылла тохтор тойугуҥ дьүрүһүнүн

Этинэр тылыгар   эймэһийэ кутарыҥ.

Кини хоһооннорун амарах арчытыгар

Айыы тыыныҥ арыала кыттыһара,

Кини тылларын уйаҕас кылларыгар

Уһуор дьүһүнүҥ ойуута оонньуура.

Ол барыта биһиэхэ кэлбитэ,

Бүтүн сахаҕа сүрэҕинэн киирбитэ –

Суулаан ыыппыт куобах суорҕаҥҥынан,

Онно түспүт харах уутун таммаҕынан!

Баарыҥ тапталын үҥэр аалтаарыгар,

Баарыҥ норуотун бастакы айхалыгар,

Атааргыыр аҥы халлаан анныгар,

Улуу сорунан эргиллэр суолугар…

Барыта суруллубута сүрэх хаанынан,

Ырылыйбыта кылаан кырдьыгынан,

Аһынар, таптыыр айылгы муҥунан,

Дууһаны туотар Күн Ийэ тылынан!

…Тиһэх тыыныытыгар, эргиллэн,

Алааһын ньаассын биһигиттэн,

Арахсыбаттыы түөскэр  ылбытыҥ,

Уолчааҥҥыныын кыйаарга көппүтүҥ.

 

 

Куочун

Ааста төрөөбүт күнүҥ, Алампа,

Ааспат төрөөбүт дойдуга ахтылҕан,

Айбыт айымньыларыҥ  — үйэлээх өйдөбүл

Ааҕыллыа турдаҕа үйэлэри уҥуордаан.

 

Тапталы хоһуйбут тылыҥ ууһа

Тылыннаҕа дьиҥ ис сүрэхтэн,

Олорон ааспыт олоҕуҥ

Олорчу анаммыт аанньалыгар.

 

Арахсыы, соҕотохсуйуу дьиҥинэн

Анаммыт дьылҕаҕын уларыттаҕа,

Арай төрөөбүт дойдуга тапталыҥ

Ааспат, арахпат ахтылҕан.

 

Көскө, күһэлэҥ үлэҕэ сылдьар кэмнэргэр,

Күүскэр күүс эптэҕэ

Төрөөбүт дойдуга тапталыҥ

Туллуккар сөҕүрүйбэт тапталыҥ.

 

Ол кэмҥэ эн айбыт

“Дорообо, дойдум” хоһооҥҥор

Олоҕуҥ суола барыта көстөр,

Дойдугар тапталыҥ толору арыллар.

 

Аахпытым эн хоһоонноргун өрдөөҕүтэ

Айар тыл алыптааҕа Алампа,

Ааҕыам турдаҕа хат хатылаан

Ахтылҕан кууһар кэмигэр хатылаан.

Туймаада хочото. 15.11.22.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *