Сэтинньи 14 күнэ — А.И. Софронов — Алампа төрөөбүт күнэ Владимир Андросов Алампа ахтылҕана Ааҕыахтара Аныгы ыччаттар Алампаны, Анаарыахтара Ааспыт үйэ Араҥа-араҥа араллаанын, Аймах дьон Ааһар-быстар Алдьархайын, Алампа барахсан Араҕан биэрбэт Аймалҕанын. Аһара долгуйа Арыйыахтара Араҕастыйбыт Айымньылар лиистэрин, Таайыахтара Таабырыннаах таптал Таҥаратын, Сэрэнэн-сэгэтэн Сэрэйиэхтэрэ Сиппэтэх сэһэн Симэһинин… 2011с. сэтинньи 19 күнэ. Баайаҕа Томторо А.И.Софронов-Алампа… Читать далее »