Улуу Өктөөп бырааһынньыгынан!
Бүгүн, “Сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүгэр”, Сир үрдүгэр, аан дойдуга саҥа олох үөскээбитэ, Сэбиэскэй тутул Сэбиэскэй киһи диэн саҥа үйэ киһитин төрөппүтэ. Советскай норуот Өктөөп суолунан туппут, турууласпыт олоҕор, Аҕа дойду көмүскэлигэр Улуу Кыайыыны ситиспит холобура суох хорсун быһыытыгар сүгүрүйэбит!
Нэһилиэкпит литературнай түмсүүтүн аҕа саастаах кыттааччыта Татьяна Афанасьевна Куличкина, улахан поэт эппитиии: “Я-гражданин Советского Союза!” диэн киэн тутта этэр толору бырааптаах. Быйыл кини 85 дьыл хаарын уулларар ытык сааһа. Татьяна Афанасьевна идэтинэн учуутал, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. Кырачаан сааһыгар тулаайах хаалбыт кыысчаан, сэбиэскэй судаарыстыба кыһамньытынан босхо үөрэхтэнэн, хас биирдии сэбиэскэй киһи курдук үтүө суобастаахтык үлэлээн-хамсаан, бүгүҥҥү олоххо улахан дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ, эбэтэ.
Сэбиэскэй кэмҥэ олох бары эйгэтэ күөстүү оргуйара. Татьяна Афанасьевна онтон туора турбакка, оскуолаҕа, нэһилиэккэ төрөппүт, дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн уһун сылларга бэриниилээхтик, айымньылаахтык, киэҥ далааһыннаахтык үлэлээбитэ, кини салайар дьахтар түмсүүтэ республикаҕа инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Нэһилиэк депутата, түөлбэ үлэтигэр көхтөөх кыттыыны ылара. Олорон ааспыт олоҕун, үлэтин түмэр, оччотооҕу сэбиэскэй кэми кэпсиир “Олоҕу үтүөнэн түстээннэр” диэн олус истиҥ, кэрэхсэбиллээх кинигэтин библиотекаттан уларсан ааҕыаххытын сөп.
Татьяна Афанасьевна билигин Дьокуускай куоракка да олордор, иккис дойду оҥостубут нэһилиэгин кытта сибээһин быспат. Ол курдук, общественнай корреспондент быһыытынан Баайаҕа дьонун олоҕун, үлэтин-хамнаһын сырдатар, “Көмүлүөк күлүмэ” түмсүү биир бастыҥ хоһоонньута, хоһоон, кэпсээн кинигэлэрин автора.
Бүгүн, Улуу Өктөөр бырааһынньыгынан, Татьяна Куличкина — Татыйаас Баайаҕатын талааннаах “оһуордьут иистэнньэҥ далбардарыгар” анаабыт буруолуу сылдьар саҥа хоһоонун кытта билсиҥ!
Олоҕу кэрэнэн киэргэтэн
Олоҕу кэрэнэн киэргэтэр
Оһуордьут иистэнньэҥ далбардар,
Ойууну-мандары күрүөлээн,
Олуктаах алгыһы туойаллар.
Удьуортан ситим кыл дьиэрэҥин
Ураннык дьэргэтэ дьүөрэлээн,
Умсулҕан тиһигэр ылларан,
Ураты үөрүүнү өрөллөр.
Кыбытык тигиини ымпыктаан,
Кыҥкынас ырыалыы дьүһүйэн,
Сэттэ өҥ кустугу түһэрэн,
Сир кэрэ симэҕэр тэҥнииллэр.
Дьэрэкээн силигин ситэрэн,
Дьиктилээх ойууну күөрэтэн,
Дьиэрэҥкэй көрүгэр дьүөрэлээн,
Дьэргэлгэн дьиримин иэйэллэр.
Испэ туос ииспэрэй дьиктитин,
Эҥинэ бэйэлээх кэрэтин,
Арчылыыр оһуорун ыпсаран,
Алгыстаах тойугу түстүүллэр.
Барыга дьоҕурдаах ийэлэр,
Баайаҕа мындыра далбардар,
Оһуору-мандары дьэргэтэр,
Олуктаах алгыскыт тиийиэхтин!
Сэтинньи 3 күнэ, 2022 с. Татьяна Куличкина – Татыйаас