Алтынньы 10 күнүгэр М.Н.Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотекатыгар “Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүү ырытааччыта, хоһоонньута Галина Неустроева “Тырымнас тыллары оҕуруо кэриэтэ тиһиэҕим” диэн поэзия хонуутугар бастакы хараҥаччы кинигэтин биһирэмэ буолан ааста. Галина Иннокентьевна Неустроева – нуучча тылын уонна литературатын учуутала, РФ иитиигэ уонна үөрэҕириигэ бочуоттаах үлэһитэ, СӨ учууталларын учуутала, үөрэҕин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ. Кинигэни 50… Читать далее »
Архив за месяц: Ноябрь 2022
Алампа уонна баайаҕалар М.Н.Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотекатын “Алампа уонна баайаҕалар” диэн үөрэтэр, сырдатар, үйэтитэр бырайыага быйыл саҥа ааттарынан, ситиһиилэринэн, айымньыларынан кэҥиир. Бу туһунан сэргээн билсиҥ! Быйыл саха тыллаах сүгүрүйэр улуу поэта Алампа төрөөбүт күнүгэр биир дойдулаахтарбыт ааттара ааттанна, үлэлэрин үтүө түмүгэ көһүннэ. Ол курдук “Чолбон” сурунаал бас редактора, поэт Гаврил Андросов түмэн оҥоруутунан Алампа… Читать далее »
Сэтинньи 14 күнэ — А.И. Софронов — Алампа төрөөбүт күнэ Владимир Андросов Алампа ахтылҕана Ааҕыахтара Аныгы ыччаттар Алампаны, Анаарыахтара Ааспыт үйэ Араҥа-араҥа араллаанын, Аймах дьон Ааһар-быстар Алдьархайын, Алампа барахсан Араҕан биэрбэт Аймалҕанын. Аһара долгуйа Арыйыахтара Араҕастыйбыт Айымньылар лиистэрин, Таайыахтара Таабырыннаах таптал Таҥаратын, Сэрэнэн-сэгэтэн Сэрэйиэхтэрэ Сиппэтэх сэһэн Симэһинин… 2011с. сэтинньи 19 күнэ. Баайаҕа Томторо А.И.Софронов-Алампа… Читать далее »
Улуу Өктөөп бырааһынньыгынан! Бүгүн, “Сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүгэр”, Сир үрдүгэр, аан дойдуга саҥа олох үөскээбитэ, Сэбиэскэй тутул Сэбиэскэй киһи диэн саҥа үйэ киһитин төрөппүтэ. Советскай норуот Өктөөп суолунан туппут, турууласпыт олоҕор, Аҕа дойду көмүскэлигэр Улуу Кыайыыны ситиспит холобура суох хорсун быһыытыгар сүгүрүйэбит! Нэһилиэкпит литературнай түмсүүтүн аҕа саастаах кыттааччыта Татьяна Афанасьевна Куличкина, улахан поэт эппитиии: “Я-гражданин… Читать далее »