Алтынньы 1 күнэ — Аҕам саастаахтар аан дойдутааҕы күннэрэ
Биһиги нэһилиэкпит литературнай түмсүүтүн аҕам саастаах кыттыылааҕа Анна Ефремовна Дедюкина сабыс саҥа буруолаабытынан хоһооннорун тиксэрбитин, Аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар күннэригэр дьоммутугар-сэргэбитигэр билиһиннэрэбит. Анна Ефремовна “Дьиэ кэргэн тойуга” хоһоон кинигэтин автора, хоһоонноро “Көмүлүөк күлүмүн суһумар”, “Кыайыынан кынаттаммыт олохпут” хомуурунньуктарга киирбиттэрэ.
Биһиги Томторбут
Бүгүҥҥү кырдьаҕас көлүөнэҕэ
Баайаҕа Томторо элбэҕи санатар буоллаҕа…
Билиигэ-көрүүгэ тардыспыт,
Сайдыыбыт кыһата —
Үөрэммит мас дьиэбит
Иккис тыынын ылынан,
Саҥалыы дьэндэйэн,
Саха тимир уустарын
Түмэр түһүлгэтэ буолан,
Томторбут килбэйэр киинигэр
Туос Моҕол Ураһа сандааран,
Көмүлүөк оһохтоох,
Саханы саха дэппит
Балаҕан дьэндэйэн,
Ыччатын ыҥырар —
Сайдыыны тускулуур
Томторум барахсан.
Көмүлүөк
Көмүлүөк барахсан,
Кырдьаҕас көлүөнэ
Олоҕун туоһута буолаҕын.
Кыымнаргын ыһаҥҥын,
Суоскунан угуттааҥҥын,
Удьуору, утуму салҕаатыҥ.
Кыһыҥҥы хараҥа киэһэлэргэ
Көмүлүөк сырал иннигэр
Оллоонноон олорон,
Тойуксут туойара.
Ийэбит барахсан
Суорунатын эргитэрэ,
Мас талкы үлэтэ
Тохтообокко кыыкыныыра…
Көмүлүөк холумтана билбитэ
Үс муннуктаах сурук үөрүүтүн,
“Хара сурук” кутурҕанын,
Харах аһыы уутун…
Сырдыкка тардыһыыбыт,
Үөрэххэ умсугуйуубут
Саҕаламмыта ээ, мантан,
Көмүлүөк оһохпут инниттэн.
Кэрэ кэпсээҥҥэ ахтылла тур,
Ахтылҕаннаах көмүлүөк оһоҕум!
Анна Дедюкина
Баайаҕа Томторо, балаҕан ыйын 29 күнэ, 2022 с.