1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
315 просмотров

“Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүү балаҕан ыйын 24 күнүгэр Туора Күөлгэ тыыл, үлэ бэтэрээнэ          И.П.Щукин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллыбыт. Ийэтэ суох хаалбыт алта оҕотун  соҕотоҕун атахтарыгар туруорбут Иван Петрович Щукин аатын билигин түмсүүлээх халыҥ аймах дьоһуннук ааттатарын илэ-чахчы көрөн-истэн, сэргээн, кэрэхсээн кэллибит. Оҕолор бары үлэһит, ыал-күүс буолан, айар-тутар далааһыннаах үлэлэрэ, дьоҕурдара, ситиһиилэрэ улууска эрэ буолбакка республикаҕа биллэр-көстөр, биһирэнэр, туһалыыр.  Ону кэрэһэлиир улахан быыстапканы туруорбуттарын сөҕө-махтайа көрдүбүт. Ийэ туттубут улахан эдьиийдэрэ Анна Ивановна Кузьмина тула түмсэн төрөөбүт-үөскээбит тэлгэһэлэригэр аҕаларыгар аналлаах Музей — дьиэни астылар, “Үтүө санаалаах Бойуот Бөҕө” сэһэнин кинигэ оҥорон таһааран биһирэмнээтилэр. Аҕалара, баара-суоҕа 5 кылаас үөрэхтээх киһи, бу айымньытын 1956 сыллаахха суруйан саҕалаабыт уонна 1965 сыллаахха Реас Кулаковскай  “Бойуота”  бэчээттэнэн тахсан, суулаан ууран кэбиспит. Кэлин оҕолор, кэнчээри ыччатым таһаарыа диэбит. Бэлиэтээн эттэххэ, бу кинигэни кийиитэ, М.Р.Егорова, биһиги литературнай түмсүүбүт  редактора,  4 сыл устата рукописьтан бэчээттээн бэлэмнээбит, автор тылын-өһүн, сюжетын энчирэппэккэ үрдүк таһымнаахтык суругун-бичигин өттүгэр үлэлэһэн редакциялаабыт.

 Аҕаҕа сүгүрүйүү  бэлиэтэ буолан аһыллыбыт Дьиэ кэргэн музейа республикаҕа да сэдэх буоллаҕа, маны ааһан бүтүн  нэһилиэк оҕотун, ыччатын иитиигэ туһаайыылааҕын истэн, бу аймах кэскиллээх дьайыытыгар, ыллыктаах киэҥ өйүгэр-санаатыгар махталбытын тиэртибит.  Чөркөөх музей-комплексын директора Н.Е.Попов дьиэ кэргэн музейа чугаһынан суоҕун, суолтатын бэлиэтээтэ,  сүбэ-ама биэрдэ, музейга анаан экспонат  бэлэхтээтэ.  Олохтоох оскуола директора О.Н.Гуляева оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ улахан көмөлөөх буолуоҕун, бииргэ үлэлииргэ бэлэмин биллэрдэ. 

         Кинигэ биһирэмин нэһилиэк библиотекара Мария Хаптагаева,  И.П.Щукин улахан уола Николай Егоров — Баайаҕыын — СР культуратын туйгуна, хоһоонньут, уус,  норуот маастара, чинчийээччи, үгүс кинигэ автора, Мандар Уус үөрэҕин, үлэтин тарҕатааччы, иилээн-саҕалаан ыыттылар. Түмсүүбүт литературнай критиктэрэ Ольга Макарова, Владимир Андросов, Галина Неустроев кинигэни үрдүк таһымҥа ырытаннар мустубут дьон кэрэхсээн, иһийэн олорон иһиттилэр, кинилэргэ туһаайан элбэх махтал, хайҕал тылын эттилэр.   Баһылык  О.Д.Осипов нэһилиэккэ  историяны үөрэтэргэ, үйэтитиигэ үлэлэһэллэрин, элбэх кэрэхсэбиллээх кинигэлэр тахсалларын эттэ,  дьоҥҥо-сэргэҕэ  тиэрдэргэ  бу курдук дьоһуннаах   тэрээһиннэр үксүүллэригэр баҕаран туран,  бэйэтин кинигэтин  бэлэхтээтэ.  

          Маны тэҥэ нэһилиэк салалтата олоҥхо биһигэ Дьүлэй кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин киэн тутта көрдөрдө, история кэрчиктэрин билиһиннэрэн кэпсээтилэр. Баай ис хоһоонноох  тэрээһинтэн олус дуоһуйан, астынан кэллибит.

         “Үтүө санаалаах Бойуот Бөҕө” кинигэни библиотекаттан уларсан, норуот номоҕор олоҕурбут умсулҕаннаах сэһэни кэрэхсээн ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

      

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *