1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
270 просмотров

Саха бастакы балета «Сир Симэҕэ» 50 сыла

Саха бастакы балета  “Сир Симэҕэ”  50 сылыгар, киэн туттар  биир дойдулаахпыт айар үлэтигэр, олоҕор анаммыт  “И.Д.Христофоров Саха балетын  бастакы үҥкүүһүтэ, педагог, балетмейстер” кинигэттэн Иннокентий Дмитриевич Христофоров “Сир Симэҕэ” балет туһунан ахтыытын билиһиннэрэбит.

    “1972 сыл Саха АССР тэриллибитэ 50 сааһын кытта тэҥҥэ саха бастакы балета  “Сир Симэҕэ” сценаҕа турбута 25 сылын туолар. Композитордар Г.Литинскэй, М.Жирков, драматург Суорун Омоллоон- либретто ааптара уонна постановщик  балетмейстер С.Владимиров бары саха тематыгар остуоруйа  сюжетыгар балеты айыыга толорооччулардыын саҥа  холонон көрүүлэрэ этэ. Сотору кэминэн  Саха АССР 25 сылын туолар юбилейыгар балет сценаҕа тахсыытынан, биһиги барыбыт киэн туттуутунан, күндү бэлэхпитинэн сценаҕа көрөөччү иннигэр тахсыыта буолбута.  Музыкальнай-театр-студия  “Сир симэҕин” бастакы туруоруута республика уонна театральнай искусство бүттүүнүн бырааһынньыгынан сыаналаныан сөп.  Саха хореографическай искусствотын сайдыытыгар бастатан туран толорооччулар эбэтэр олохтоох кадр күүс буолуохтааҕа дьэҥкэ буолбатах дуо?! Толорооччулар айар талааннара саҥа аһыллыытынан үҥкүү  искусствотыгар саха оччотооҕу ыччата дьоҕурдааҕа көстүүтэ, классическай да балеты туруорар кэскиллээҕэ, чинчилээҕэ көстөн тахсыыта үчүгэй түмүгү биэрбитэ ордук чорбоччу сыаналанар.  Итиниэхэ буолар бастакы балеты айбыт дьон үтүөлэрэ-өҥөлөрө. Бу саха хореографическай искусствотын сайдыытыгар биир боччумнаах хардыы быһыытынан сыаналаныан сөп этэ. Балекка сүрүннээн педагог-балетмейстер И.А.Каренин бэлэмнээбит 1944 сыллаахтан балет артистара К.В.Посельская “Сир Симэҕэ”, И.Д.Христофоров Харахсын Бэргэни, атын сиртэн кэлбит балет артисткалара Нелли  Сильванович “Сир Симэҕэ” дублерунан, М.Я.Жорницкая  Тимир Дьигиликкэ, үөрэнээччи  Ирина Троицкая дублерунан, балет артистката  М.М.Попова сваханы, үөрэнээччи Петр Окоемов сваты, драма артистката Мария Никифоровна Белолюбская Бэйбэрикээни сүрүннээн толортообуттара. Маассабай сыанаҕа уонна групповой үҥкүүлэргэ үөрэнээччилэр (кордебалет) кыттыыны ылбыттара. Мантан көстөрүнэн балет састааба үксэ үөрэнээччилэртэн буолан профессиональнай кадр ситэтэ суоҕа өйдөнөр ини. Оччолорго биэс эрэ балет артыыстаах этибит.

         Барыта эриэ-дэхси үчүгэй буолбатаҕа, сыыһа-халты, алҕас, балет кыаттарбат өттө үгүс этэ. Ол курдук үөрэнээччилэр балет диэн тугун, хайдах буолуохтааҕын практическайдык оонньоон көрдөрүүлэрэ репетицияҕа бытааннык сайдара уонна өйдөнөрө. Драматическай, мимическай, фантомическай, артистическай оонньооһуннар, музыканы табатык истэн,  өйдөөн туһаныы кыаттарбатаҕа.  Онтон студияҕа итинник предметтэри үөрэтэр кылаастар суохтара.

         Постановщикка  фольклорнай консультант быһыытынан С.А.Зверев ыҥырыллыбыта. Кини урукку өттүгэр балет диэни кытта билсэ илик, хореография үөрэҕэр сыһыана суох буолан, көннөрү биирдиилээн аҕыйах хамсаныыны көрдөрбүтэ. Сороҕор бэйэтэ өйүттэн була сатаан көрдөрүүтүн уларыппакка киллэрэр, үҥкүүлэтэр санаалаах эбит этэ. Сорох табыгастаах хамсаныылары классика хамсаныытынан үҥкүү терминигэр киллэрбэккэ, ону сөбүлээбэккэ: “Бу саха үҥкүүтэ буолбатах, эһиги мин көрдөрбүт хамсаныыларбын уларытан иһэҕит”,- диирэ. Специальнай хореографическай үөрэҕэ суох буолар искусствоҕа сыһыаннаах киһиэхэ улахан алҕас эбитэ буолуо. Дьиҥинэн кини хайысхата натурализм диэки таттарыылаах этэ.

         С.В.Владимиров И.А. Каренин курдук саха үҥкүүтүн хамсаныыларын нуучча классическай үҥкүүтүн   сүрүн хамсаныыларыгар сатаан дьүөрэлии холбоон, ситимнээн туһанара, онон балет сүрүн хайысхата классикаҕа улахан таттарыылаах этэ. Ол да иһин толорооччулар көрөөччүлэри интириэһиргэппиттэрэ. Онтон Зверев өйдүүрүн курдук наар саха хамсаныыларын туруордахха, профессиональнай классическай балет төрүтүттэн (основа)аккаастаныы , төттөрүтүн самодеятельнай искусствоҕа таттарыы буолуо этэ. Классическай, народнай характернай үҥкүүлэр төрүттэрин көмөлөһүннэрэн, постановщик балекка биирдиилээн уонна парнай үҥкүүлэргэ саха фольклорун үгүстүк туһаныыта, национальнай колориты туттан саха хореографиятыгар урут киирбэтэх сонуну киллэрбитэ балет идейнэй өттүгэр биллэрдик көмөлөспүтэ.

         Ол курдук Харахсын Бэргэн  солотугар саха спортивнай илии-атах оонньууларын киллэрэн, булчут, быһый киһи тоҥуу хаарга ыстаҥалаан, кылыйан, куобахтаан быыралдьыта сылдьарын курдук, эбэтэр кураанах да саанан бэргэнник ытарын уо.д.а. бултуу сылдьарын ис сүрэҕиттэн билбит курдук табатык санаан толкуйдаан туруорбута миигин, толорооччуну, сөхтөрбүтэ уонна Харысхан Бэргэн оруолун табатык  толорорбор өй-санаа, күүс-уох уган көмөлөспүтэ.

         Ол курдук Харысхан Бэргэн солотыгар 1 акт толооҥҥо үүммүт сибэкки хайдах курдук кыраһыайбай кыыс оҕоҕо кубулуйан, бэйэтин үөрүүтүн орто аан ийэ сирэм күөх хонуутугар үҥкүүлээн лыах курдук көтө, аһыҥа курдук тэйэ сылдьарын классика көмөтүнэн сахалыы колориттаах ис киирбэх варицияны айбытын балет артистката, бастакы толорооччу К.Посельская нарыннык, ис киирбэхтик толорон, көрөөччүнү сөхтөрбүтэ. Онтон “Сир Симэҕэ” бэйэтин тапталлааҕа Харахсын Бэргэнниин ис дууһатын долгутар иэйиилээх дуэтнай адажиоларын туруортаабытын билиҥҥэ диэри саныы сылдьар гына иҥэн хаалбыт.

         “Сир Симэҕэ” балет либреттота норуот фольклоругар олоҕуран  суруллубут буолан, остуоруйа балет дэнэр. Олоҥхоҕо буоларын курдук үөһээ, аллараа дойдулаах, абааһылаах, айыылаах. Олоҥхоҕо үксүгэр абааһы аймаҕар эр киһи сүрүн оруолу оонньуур, бу балекка, “Сир Симэҕэр”, утары турар күүһүнэн абааһы кыыһа Тимир Дьигилик буолар. Абааһы кыыһын сүрүн идеята Сир Симэҕин суох гынан баран, албынынан-көлдьүнүнэн, дьүһүн уларыттан Харахсын Бэргэҥҥэ кэргэн  буолаары гынар. Харахсын Бэргэн уонна Тимир Дьигилик дуэттарыгар Владимиров абыыһы кыыһыгар ойуун, удаҕан хамсаныыларын үтүктэн классическай виртуознай (эргийэр) хамсаныылары, ыстаныылары (жете, пируэты) уо.д.а. туттан итэҕэтииилээхтик туруоруута кэрэхсэниэн сөп.

         Манна даҕатан эттэххэ, саха хореографията сайдыытыгар норуот остуоруйата уонна олоҥхото, үҥкүү хамсаныылара (движение) саҥа үөскээн тахсыыларыгар улахан сабыдыаллаахтар.

         Балет маассабай сыанатыгар ордук чорботон национальнай норуот абыычайын, үгэстэрин тутта сатааһын үчүгэй уопут быһыытынан сыаналаныан сөп.

         С.В.Владимиров бу балеты туруоруон иннинэ бэйэтигэр бэлэмнэнии

(запись) былаан оҥостубута буолуо, ол ханнык эрэ архивка эбэтэр бэйэтин личнэй дьыалатыгар баар буолуон сөп….Киниэхэ сыаналаах сүбэлэри либретто ааптара С.Омоллоон биэрэр этэ. Музыка ааптара композитор М.Н.Жирков, дирижер Борисов биһиги репетицияланар кэммитигэр куруутун кыттыыны ылаллара, бэйэлэрин санааларын, эбиилэрин, сөбүлээбэтэх өрүттэрин критическэйдик этэн, сүбэнэн туруорар көннөрөр суолга тиэрдэллэрэ.

         С.В. Владимиров- Климовка кини саха советскай хореографическай сайдыытыгар үтүөлэрин иһин Саха АССР үтүөлээх артиһын аата иҥэриллибитэ”.

“        Быть участником первого профессионального балета-большая честь. Ведь мы коллектив театра-студии,- должны создавать настоящий высокохудожественный спектакль, чтобы балетное искусство якутского народа далее развивалось и совершенствовалось. А для этого образы героев балета должны быть правдивыми, жизненными, понятными, а танец-привлекать  и волновать зрителя.

         Работая над ролью Берген – молодого охотника, мне хотелось создать образ, полноценный в художественном онтоншении.

         Не знаю, насколько мне это удалось, но я приложил к этому все свои знания и искусство, приобретенные мною за годы овладения хореографическим искусством.”

                                               Иннокентий Христофоров.

  Социалистическая Якутия.-1947.- 1947.- 21 июня.- С.3.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *