Алтынньы 1 күнэ — Аҕам саастаахтар аан дойдутааҕы күннэрэ Биһиги нэһилиэкпит литературнай түмсүүтүн аҕам саастаах кыттыылааҕа Анна Ефремовна Дедюкина сабыс саҥа буруолаабытынан хоһооннорун тиксэрбитин, Аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар күннэригэр дьоммутугар-сэргэбитигэр билиһиннэрэбит. Анна Ефремовна “Дьиэ кэргэн тойуга” хоһоон кинигэтин автора, хоһоонноро “Көмүлүөк күлүмүн суһумар”, “Кыайыынан кынаттаммыт олохпут” хомуурунньуктарга киирбиттэрэ. Биһиги Томторбут Бүгүҥҥү кырдьаҕас… Читать далее »
Архив за месяц: Сентябрь 2022
Балаҕан ыйын 30 күнэ — Аан дойдутааҕы тылбаасчыттар күннэрэ Аан дойдутааҕы тылбаасчыттар күннэринэн Баайаҕа нэһилиэгин “Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүү тылбаасчыттарын үлэлэрин билиһиннэрэбит. Макарова Ольга Николаевна РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэхтээһинин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Баайаҕа нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, “Методист Якутии”, “Таатта улуууһун культурата сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлээх СР суруйааччыларын сойууһун XVII съеһин кыттыылааҕа, литературнай… Читать далее »
“Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүү балаҕан ыйын 24 күнүгэр Туора Күөлгэ тыыл, үлэ бэтэрээнэ И.П.Щукин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллыбыт. Ийэтэ суох хаалбыт алта оҕотун соҕотоҕун атахтарыгар туруорбут Иван Петрович Щукин аатын билигин түмсүүлээх халыҥ аймах дьоһуннук ааттатарын илэ-чахчы көрөн-истэн, сэргээн, кэрэхсээн кэллибит. Оҕолор бары үлэһит, ыал-күүс буолан, айар-тутар далааһыннаах үлэлэрэ,… Читать далее »
Балаҕан ыйын 27 күнэ — Судаарыстыбаннас күнэ Көҥүл өй-санаа саамай сиппит-хоппут кэминэн ааспыт үйэ тиһэх уон сыла буоларын бары билинэбит. Ол биһиги бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев республиканы икки болдьоххо салайан, үлэлээн-хамсаан ааспыт кэмэ буолар. Саха сирин олохтоохторун баһыйар өттө омугуттан тутулуга суох ол сырдык өрө күүрүүлээх кэми билигин, былыт быыһынан күн тыган ааспытын курдук… Читать далее »
Саха бастакы балета «Сир Симэҕэ» 50 сыла Саха бастакы балета “Сир Симэҕэ” 50 сылыгар, киэн туттар биир дойдулаахпыт айар үлэтигэр, олоҕор анаммыт “И.Д.Христофоров Саха балетын бастакы үҥкүүһүтэ, педагог, балетмейстер” кинигэттэн Иннокентий Дмитриевич Христофоров “Сир Симэҕэ” балет туһунан ахтыытын билиһиннэрэбит. “1972 сыл Саха АССР тэриллибитэ 50 сааһын кытта тэҥҥэ саха бастакы балета “Сир Симэҕэ” сценаҕа… Читать далее »