1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
259 просмотров

6 июня — Пушкинский день России

А.Пушкин

Кыһыҥҥы суол

Будулук тумаҥҥа сууланан

Ый умсаахтыы сөтүөлүүр,

Курус төлөннөргө

Ыһыахтыыр ыйдаҥа сырдыгын.

Кыһыҥҥы тыргыллар суол устун

Торуойка сыарҕата сыыйыллар,

Биир кэмник чугдааран

Чуораана салгыта тыаһыыр.

Туох эрэ иһирэх иһиллэр

Дьаам сүүрдээччи тойугар,

Дохсун көр көччүтэр ымсыыга,

Сүрэх хараастар ыарыыта.

Иччитэх толооммут сыыйыллар,

Түҥкэтэх сир, хаар…

Айаны көрдөрөр остуолба

Хам-хаадьаа ааһар.

Степанова Валентина тылбааһа

***

Семен Дедюкин — Тээкэ Сэмэн А.Пушкинтан тылбаастара

Чаадаевка

Таптал, эрэл, албан аат

Адаҕата ааспыта,

Мэник кыдьык сүппүтэ,

Түүл туманныы көппүтэ.

Көрдүгэнниирэ арай ыра

Батталлаах былааһы утары,

Мөхсөрө сүрэх тулуйбакка,

Босхолонор чааһын сураһа.

Туоххаһыйа күүтэбит

Көҥүл күнэ үүнэрин,

Көрсөр кэмин болдьоспут

Эдэр уоллуу долгуйан.

Күн диэки уунарбыт тухары,

Сүрэхпит тэбэрин тухары,

Доҕоччугуом, дойдубутугар,

Дьол-соргу уһансан, туойуохха!

Эн итэҕэй, тахсыаҕа ,

Умсулҕан дьол сулуһа,

Уһуктан, Арассыыйа туруо,

Урусхаллаах баттал сууллуо,

Оччоҕуна ааппыт суруллуо!

***

“Кууһаары гыннахпына”

Кулуһуннуу таһааҕын,

Кууһаары гыннахпына,

Таптал нарын тылларын,

Тыыныахтаан  ыстахпына,

Тыйыскын, туттарбакка,

Төлө көтөн иһэҕин.

Эрэммэттик, сонньуйан,

Эппиэттиигин доҕоруом.

Албыннатыы абата,

Ааспат, эмэр эйиигин,

Аахайбаккын ол иһин,

Аат харата истэҕин…

Умна сатыам, наара суох

Уолан сылдьан быһыыбын.

Болдьохтоһон көрсүспүт,

Садка саспыт түүннэрбин.

Кэмсинэбин, сипсийэн,

Эрэл кыымын сахпыппын

Имэҥ суоһун иҥэрэн

Эрэйдээбит кэмнэрбин.

***

Уматыллыбыт сурук

Быраһаай тапталым илдьитэ, быраһаай! Модьуйбута…

Өр да тулуйдум, өр да илиим барбата

Сүрэҕим чопчута сурукпун, уокка биэриэн баҕарбакка!..

Түксү, сөп буолуо: уот сиэтин, таптал илдьитин.

Синэ биир: уолуйбат аны сүрэҕим.

Баҕардар иҥсэ төлөн мэҥиэһиннин…

Тохтоо! ..күлүм гынна…сандаарыйда…тыргылынна буруо,

Санаам хоту, симэлийэ устаҥныы…

Доҕорҕум көлөөскө бэчээтин мэлдьэһэн,

Сургуус ууллан оргуйар…Тыый көһүннэ!

Дьиктитиэн, Хараара эриллэр чох торбо:

Сөҕүрүйэр төлөнүн күөнүгэр умсулҕан мөссүөнэ

Кубарыйан…Тыыным кылгыыр. Күкээркэйиэм,

Муҥнаах дьылҕам быстах үөрүүтэ

Аһыылаах сүрэхпиттэн сүтүмээриий, тыыннаахпар…

***

Мэҥэ да тааһы суорбакка үйэтийдим

Мэҥэ да тааһы суорбакка үйэтийдим,

Оспокко тыргыллыа дьон ыллыга онно

Нөрүйбэт төбөнөн үрдээн көстүө, кини

Өлөксөөндүр остуолбатыттан.

Өлбүтүм да иһин сүрэҕим иэйиитэ

Өһөҕүрбэккэ көстүөҕэ төлөннүрэ,

Айхаллана туруом аан ийэ дайдыга

Аҥардас айыыҥ хаалыар дылы.

Тилийэ көтүө сураҕым нуучча сирин,

Омук тыллаахтара ааттыахтара ааппын,

Киэмсик славян сиэнэ, финн, бүгүн түҥ бүтэй

Тоҥус, истиэп ыччата калмык.

Сүтүөм суоҕа дьон өйүттэн үйэлэргэ

Сүрэхтэрин таарыйар ырыаларбынан

Амырыын үйэттэн көҥүлү уруйдаан,

Амарах сыһыаны айхаллаан,

Үөһэттэн аналгын дьүһүйэн толорууй,

Өстөөхтөн өспөккө, өҥөнү түөспэккэ

Арбыыр, атахтыыр аайы аралдьыйбакка

Аҥалалыын аахса барбакка.

***

Түннүк

Түннүккэ түспүтэ барыҥый,

Толбоннурбут иччитэх ый

Туманныы устаҥныыр суһума

Тунаарда сырдатан ылара

Түннүгэр соҥуйбут кыысчааны.

Кистэлэҥ кэтэһии долгуна,

Эппэҥнэс түөһүттэн биллэрэ,

Быллаарга тимирэр суол төрдүн

Хараҕа уутуйан, кэтиирэ.

“Бу баарбын!”-иһилиннэ сипсиир,

Уолуйбут титирэс илиилэр

Түннүгү төлүтэ астылар,

Ыйбытын былыттар саптылар.

“Хаарыаны!”-сөҥ түһэн ылбытым,

Эйиэхэ, дьол-соргу тосхойор,

Онтон миигин түлүрбэххэ хаһан,

Ким кэтэһиэй, түннүгэр хатан?

«Сайын, кинигэ уонна мин» ааҕыы лааҕырын оҕолоро бүгүн А.Пушкин «Сказка о мертвой царевне и о семи богатырях» остуоруйатын дорҕоонноохтук ааҕыыны саҕалаатыбыт. Уон  күннээх лааҕыр устата дьарык кэннэ ааҕан бүтэриэхпит.

 

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *