1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
486 просмотров

Бэс ыйын 1 күнэ — Оҕо көмүскэлин күнэ

Бэс ыйын 1 күнэ – Оҕо көмүскэлин күнэ

 

Надежда Андросова- Айтылы

Дьолум-оҕом

 Кыыспар Сайаанаҕа

Чарыыс-чараас субачааммын,

Сыллыам-ууруом кыысчааммын,

Мири-мири минньигэһин,

Күнүм сыта күндүккэйин.

 

Күүскэ таптыы, күүскэ ахтар

Сүрэхчээни бүөбэйдиэм,

Нарыын-нарын айыы талба

Иэйиитигэр иитиэхтиэм.

 

Түөспэр кууһан, хааным ирэн

Сылаанньыйа дьоллонуом,

Күүстээх кэрэ киһи дэтэн

Улаат, кыысчаан, мин дьолуом.

 

Чороон курдук үчүгэйкээн,

Хара көмүс, көмүһүктээн,

Сылаас хааным, ыраас кутум,

Сүрэх быата ньургуһунум.

 

 

Гаврил Андросов

Аҕа ырыата

Кып-кыра, кэп-кэрэ таҥарам-

Мин оҕом чыычаахтыы саҥарар!

Сып-сырдык күн курдук мичийэн

Сүрэхпэр дьол тылын бичийэр.

 

Мап-мааны, мап-маҥан туллугум

Чээ чэчик кэриэтэ тыллаҕын,

Дьэп-дьэҥкир сиик курдук ырааскын-

Эһэлээх эбэҕэр бырааскын!

 

Күп-күндү, көп-көмүс кылаатым

Дьэдьэнчээн иэдэһин сыллатар,

Киэҥ далай сүүтүкчээн сүрэҕэр

Аан дайдым үтүөтэ түмүллэр…

 

Мэп-мэник, сып курдук кулунчук-

Мэммээтин уобалыыр хотунчук,

Тап-талба тапталым ымыыта-

Ийэкэҥ курдуккун, быһыыта…

 

Владимир Андросов

Оҕолор

Оҕолор-дьоннорун дьоллоро,

Оҕонньор, эмээхсин үөрүүтэ,

Көмүскэс күн айыы дьонноро,

Көмүс күн күөрэйэ көтүүтэ.

 

Кыыс оҕо кыратык атааҕа

Кыбыстыы букатын  буолбатах,

Кып-кыра сэрбэйбит бэйэтэ,

Кырдьык да, ол кини кэрэтэ.

 

Уол оҕо, ол тэҥэ дэбдэҥэ

Улахан буруйа буолбатах,

Уоскуйуҥ, киһигит кииллийэн

Улаатыа, эр бэрдэ тахсыаҕа.

 

Аһары түспэттии атаахтааҥ,

Ардыгар алыс да мэниктээҥ,

Айылҕа маанылаах дьонноро-

Аҕалар, ийэлэр дьоллоро.

 

Любовь Васильевна Андросова

Сиэннэргэ

Күн-дьыл ааһара түргэниэн!

Бириэмэ сыыдамын сөҕөбүн!

Кыракый оҕолор улаатан,

Үөрэнэн үлэһит буоллулар.

 

Дьылҕа хаан ыйааҕын тутуһан,

Ыал буолан дьоннорун үөртүлэр.

Билигин эн эбэ буолбуккун

Сорохтор соһуйа көрөллөр.

 

Эбээҕит түбүгэ дьэ элбиир,

Күннэтэ сиэннэрин биэбэйдиир,

Бүппэтэх кэпсээнэ, ырыата,

Кинигэ ааҕаллар, күлсэллэр.

 

Ардыгар мөккүһэн ылаллар,

Араас суол айылҕа кэрэтин,

Киһиэхэ туһата элбэҕин

Сөҕөллөр, кырачаан оҕолор.

 

Күннэтэ үлэҕэ үөрэтэр,

Сүбэлиир, такайар туһатын

Сиэннэрбит бу үөрүү кыымнара,

Кэнники билэннэр үөрдүнэр.

 

Олоххо тапталбыт бэлиэтэ,

Сүрэхпит чопчута, бу дьолбут,

Инники кэскилбит, ырабыт,

Бу кини – оҕобут оҕото.

 

Олохпут салҕанар киһитэ,

Бу күммүт, сирдээҕи сулуспут,

Ааппытын ааттатар чыычаахпыт,

Сиэннэрбит чуопчаара үөрдүнэр.

 

Сүрэҕи үөрдэллэр, ол иһин

Кырдьыыны, ыалдьары кыйдыыллар.

Үйэбит уһаатын, эбээлэр!

Уһуннук олоруҥ, эһээлэр!

 

Парасковья Башарина

Оҕочоос саастарым

Күһүҥҥү кэмнэри,

Күндэлэс күннэри

Күндүлээн этиэҕим

Күн-күбэй ийэбэр.

 

Эйигин санааммын

Эгэлгэ тылларбын

Эһиэкэй оонньуулаан

Этээхтиэм эйиэхэ.

 

Оҕо-саас үөрэҕи

Олоччу умнубат,

Үтүөнү-кэрэни

Бэрсибит киһини.

 

Өй-санаа өйдөтөр,

Ол кэми санатар,

Оонньуу-көр аргыһы,

Арааһы барыны.

 

Владимир Белолюбскай- Айылгы

Саҥа киһи

Үрдүк күүстэр ыйаах ууран,

Сиргэ кэллэ Саҥа киһи.

Күнү кытта тэҥҥэ үөрсэ

Дьылҕатын сулуһа умайда,

Саҥа киһи дьоһун суолун

Сандаарыччы сырдатта.

Ийэ-аҕа дьоло буолан,

Сиргэ кэллэ саҥа киһи.

Дьоллоох олох суолун тута

Сиргэ кэллэ кыра киһи,

Таптал кэрэ бэлэҕэ,

Кэллэ, кэллэ Дьоллоох оҕо!

 

Оҕо саас

Орой мэник оҕо сааспар

Маҥнай отчут дэппитим.

Талах отуубут таһыгар

Оллоон уотун одуулуурум,

Оттоотоҕо буоламмын,

Аҕыс тиистээх кыраабыллаах

Биэстээх бэдик мин этим.

Хадьымалга утуйарым,

Эһэм бугулум үөрбэтин

Миҥэ гынан миинэммин

Ойуоккалыы оонньуурум.

Татьяна Куличкина – Дедюкина

Оҥой – соҥой кыра сиэннэр

Оҥой-соҥой кыра сиэннэр

Сэллэриһэн кэлэллэр,

Илии туппай, атах мээнэ

Дьээбэ дьоннор диэтэҕиҥ!

Киирээттэрин сыыҥы сотуу,

Сыллаан ылаат, куустуһуу.

 

Олоппоһу үөһэ ууран,

Ыскаап аанын ыга баайан,

Чугас иһити дьапсыйан,

Буочуканы хаппахтаан,

Туппайдартан дьаахханан,

Эбээлээх эһээ хамсаныы.

Тэллэй-бэллэй сиэн уолчаан

Арыт иһитин алдьатан,

Суоскатын да сүтэрэн,

Куоскатын да ытатан,

Ырааһынан көрөн туруо,

Ону, дьэ хайыаҥый?

 

Сайын күөххэ тэлгэһэҕэ

Атах туллай мээнэ барыа,

Суолга тахсыа, сүөһү кэйиэ,

Барытыгар сэрэнии,

Ол быыһыгар чугдаар дьоннуун

Өйдөтүһүү, кэпсэтии.

 

Сиэннэр сыыйа улаатан,

Туһа дьоннор буолуохтарын

Өрүү санаан манньыйыы,

Олохпутун киэргэтэр,

Утуммутун салгыыр дьоҥҥо

Алгыспытын сыалыыбыт.

 

 

 

Христина Павлова – Дабайаана

Сиэн сылааһа

Кып-кыра киһибит,

Кэрэ, нарын кырабыт,

Аламай күммүт салааһын

Аҕалла сырдык үөрүүтүн.

 

Күннүүн бииргэ күлүстэ,

Күнүн аайы үөрүстэ,

Көтүөх курдук даллайда,

Күүскэ-күүскэ сапсынна.

 

Хамсанара барыта

Харахтары үөртүлэр,

Мичээрдэрин сырдыга

Манньыта дьэ, куустулар.

 

Чуопчаарыйар саҥаны

Чуораанчыктыы чугдаарта,

Чыычаахтыы кэрэ ырыаны

Чыыбы-чаабы ыллатта.

 

Кырдьар сааспыт киэргэлэ

Кып-кыракый күөрэгэйэ,

Сэниэ биэрэр туллуга

Сибэккилээх хонуута.

 

Кыраһыабай сиэннэрдиин

Кэккэлэһэ хаамыахха,

Көтөҕөн ылан, көнньүөрэн,

Кууһан ылан сыллыахха.

 

Анна Дедюкина-Яроева

Оҕо саас

Көмүлүөк оһохпут

Кыымнара кытыастар.

Муус түннүк кырыаран

Кыһыны айхаллыыр.

 

Харалдьыт тахсыыта

Моҕотой бултуурбут

Сохсолоон, тиргэлээн

Соһуччу үөрэрбит.

 

Күөнэхпит тахсыыта

Көччөхпүт көтүүтэ

Күөрэгэй ыллыыра

Күндүтүн эбитиэн.

 

Хаптаҕас кытаран,

Моонньоҕон харааран,

Дьэдьэммит тэтэрэн

Олус да кэрэҕиэн.

 

Оҕо саас оонньуута –

Оһуохай ойуута

Эдэр саас иэйиитэ –

Эһиэхэй этиитэ.

 

Олус да күндүтүөн!

Олус да кэрэтиэн!

 

Матрена Мандарова – Мочоо

Эбээ дэтэр минньигэс

Уон сиэн, биир хос сиэн

Эбэлэрэ буолабын,

Эбээ дэтэр кэрэ эбээт,

Эбээ буолар күндүтүн!

 

Улахан сиэним Лиябыт,

Онтон кэлбит Розабыт,

Сибэккилэр сиэттиһэннэр,

Улааталлар эмдэй-сэмдэй.

 

Күндү киһибит Ксениябыт

Элбэх эбээ тапталлааҕа,

Кэскил кэтэһэр киһибит

Кэнэҕэски эрэмньибит.

 

Эбээ диэн эйээрэр

Сиэннэрдээхпин билигин,

Кыра сэрбэйбит сиэнчээннэр

Ордук минньигэс барахсаттар.

 

Эбээ буолар минньигэһин,

Эбээ буолар дьоллоохпун!

Кинилэринэн арыалланан

Өссө өр сыл олоруом!

 

Галина Неустроева

***

Доҕустан тиһиллэр

Мин дьолум:

Былытым кыйданан,

Күн тахсар үөрүүтэ,

Үрүччэм чарылыыр

Күлүмнэс сүүрүгэ,

Сылаас тыал илгийэн

Иэдэспэр биллэрэ,

Сибэкким хоҥкуйан

Сэмэйдик тыллара,

Алаадьым саһарчы

Оһохпор буһара,

Сиэн оҕом тиэргэҥҥэ

Тоотойо хаамара –

Үлүскэн мин үөрүүм…

 

***

Арай диибин үгүстүк

Ааспыт кэми сайыһа,

Тиһиллибит оҕуруолуу

Талбыт суолбун анаара.

 

Дьэрэкээн – оҕо саас кэрчигэ,

Дьиктилээх – эдэр саас олуга,

Дьолунан толору кэмнэри

Дьүһүйэр оҕуруо кэккэлээн

Кыыс оҕо төрөөбүт үөрүүтэ –

Кытархай бу кэрэ чэчиктэр,

Тиһиллэр күн тэҥэ таммахтар

Туойаллар уол оҕо уруйун.

 

Оҕуруом ырыатын ситэриэм,

Олоҕум олугун салҕааммын,

Сиэн оҕом киэргэтэн эбиэҕэ

Сырдыгы, чаҕылхай өҥнөрү.

 

Хос сиэним тойукпун уһатыа,

Хоруоҥкам чаҕылла умайыа,

Холбуоҕум субурхай саптары,

Ханнаный түмүгэ дэтиэҕим.

***

Күлэр-үөрэр бычыгырыыр,

Күндү киһи ким баарый?

Тэлгэһэбин үөрүүнэн

Толороруй күн аайы?

 

Сүүрэр-көтөр, элэстэнэр,

Туппаһырар, соло булбат.

Сэһэн-кэпсээн бараммат,

Тулуйаҥҥын иһит эрэ…

 

Тоҕус моһуок ыйытыыга

Эппиэттииргин эрэйэр,

Тэллэхпиттэн тардыһар,

Эрэллээхтик тутуһар.

 

Күнү киммит киэргэтэр,

Мичээринэн манньытар?

Кырачааным — сиэн кыыһым,

Мааныы-мааныы, мин оҕом .

Петр Неустроев – Айаанньа Уус

***

Тэлгэһэ көнө күөх ньууругар,

Сиэн уолчаан чаҕаара ойуолуур.

Тэлээрэ “көппөтөр” даҕаны,

Салгыны “хайытан” эрдэҕэ…

 

Биир “тутум” атахпыт үмүрүк,

Хатыйсан хойуостан да ылар…

Бурҕаллан туруоҕа, тэбэниэ,

Хайыспыт сиригэр ыстаныа.

 

Санаатын букатын түһэрбэт,

Хап-хара хараҕа уоттанар…

Сыҥсыйыа буордары-сыыстары,

Харытын сыыһынан ньухханыа…

 

Ол сылдьан эбээтин көрүөҕэ,

“Көмөҕө” хайаан да “наадыйар”…

Оҕуруот үлэтэ “кыаттарбат”,

Кинитэ суох “хайдах сатаныай”.

 

Эһээтин көрдө да сүүрүөҕэ,

Утары ыстаныа, “һоп-паа” – диэт.

Эрэнэр, куттаммат “үрдүктэн”,

Уунуоҕа эһээтэ “халлааҥҥа”…

 

 

Мария Петровна Слепцова

***

Оҕом, быыкаа сиэнчээним

Отой-тотой уолчааным,

Олус наһаа атаахтаан

Олуйума эбэҕин.

Ойор күнтэн тардыстан,

Оҕом улаат түргэнник.

Олох сырдык аартыгын

Олугуттан тутуһан.

Кэлэр кэмим кэскилэ,

Кэнчээрилиир ыччата

Сахам сирин саргытын

Салайсыһыа улаатан.

 

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *