Ыам ыйын 26 күнүгэр нэһилиэк уонна оскуола библиотеката республика библиотекаларыгар ыытыллар үгэс буолбут «Сила книги» тэрээһини ыыттыбыт. Быйылгы акция Ийэ сылыгар ананна. Народнай суруйааччы Н.Е. Мординов — Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыттан «Тирэх булуна» түһүмэхтэн быһа тардыыны нэһилиэк депутата, элбэх оҕолоох ийэ, И.Д. Христофоров аатынан оҕо искусствотын оскуолатын преподавателэ Арина Николаевна Харова умсугутуулаахтык аахта. Оҕолор болҕойон иһиттилэр, ырытыыга көхтөөхтүк кытыннылар. Роман геройдара Микиитэ уонна Сөдүөччүйэ оҕо-ийэ харысхаллаах тапталларын, сыһыаннарын көрдөрөр долгутуулаах түгэннэрин сэҥээрэ иһиттилэр.