Пионерия 100 сыла
Ыам ыйын 19 күнүгэр В.И.Ленин аатынан Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ төрүттэммитэ 100 сылын туолар. Бастакы көлүөнэ пионердар “Ыраас олох иһин” диэн культурнай олоҕу тутууга, үөрэҕэ суохтары ааҕарга — суруйарга үөрэтэллэрэ, тыа хаһаайыстыбатыгар холбоһуктааһыҥҥа — колхуостары тэрийиигэ кытталлара.
Биһиги, эйэлээх олоххо улааппыт сэбиэскэй көлүөнэ, кырачаан сааспытыттан октябренок, пионер, комсомол буолан иитии-үөрэтии улахан оскуолатын ааспыт дьоллоох көлүөнэбит. “Үөрэниэххэ, үөрэниэххэ уонна өссө үөрэниэххэ!” диэн эһэбит Ленин эппит тылларын сүрэххэ иҥэрэн билиигэ-көрүүгэ дьулуспуппут, Герой пионердар, комсомолецтар хорсун быһыыларын холобур оҥостон Ийэ дойдуга бэриниилээх буола улааппыппыт. “Мэлдьи бэлэммит!”- девиһинэн Пионерия кэккэтигэр олоххо көхтөөх, барыга аһаҕас уонна сайдам буоларга уһуйуллубуппут. Тимуровскай хамсааһын оҕо саастан дьоҥҥо болҕомтолоох сыһыаны, амарах уонна аһыныгас санааны иитэрэ. Пионерскай сбордар, слеттар, фестиваллар, интернациональнай доҕордоһуу кулууба, “Артек”, “Орленок” сынньалаҥ лааҕырдара, костер тула пионерскай ырыалар о.д.а. үгүс кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр биһиги оҕо сааспыт ис хоһоонун үтүөнэн, кэрэнэн, сырдыгынан байыппыттара.
Биһиги нэһилиэкпитигэр пионерскай тэрилтэ үлэтин туһунан “Баайаҕа үөрэҕин кыһата”(Дьокуускай:Бичик, 2016с.), “Көлүөнэ ситимин холбуур энтузиаст тэрийээччи” (Дьокуускай: Бичик, 2003 с.), “Адрес: юным пионерам Якутии”(Якутск, 1997 с.) “Доҕордуу дьоҥҥо ыраах да чугаһыыр” (Дьокуускай, 1985 с.) диэн кинигэлэргэ булан ааҕыахха сөп.
Баайаҕа нэһилиэгин араас көлүөнэ пионердара, Пионерия 100 сылынан кыыһар кыһыл хаалтыстаах оҕо сааспыт аргыһа Татьяна Игнатьевна Андросованы итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эн, оҕо-аймах тапталлаах пионер — баһаатайа, киэҥ далааһыннаах үлэни-хамнаһы ыытан, кэлэр кэнчээри ыччаты патриотическай иитиигэ улахан кылааккын киллэрбитиҥ! Күн бүгүн олоххо суолбутун булунан туран, Эйиэхэ, суолдьут сулус оҥостор күндү киһибитигэр, бараммат-хороммот барҕа махталбытын тиэрдэбит! Сүрэҕиҥ төлөнө сөҕүрүйбэтин, кэскиллээх үлэҥ өссө да үгүс ыччакка эркээйи буоллун, чэгиэн буол, уһун үйэлэн!
“Көлүөнэ ситимин холбуур энтузиаст тэрийээччи” диэн Т.И.Андросова туһунан биир дойдулаахпыт Валерий Луковцев кинигэтиттэн:
Ойор күннээх оҕо саас арахсыспат аргыһа
Т.И.Андросова оҕо общественай тэрилтэтин салайар баһаатайынан үлэлээбит 25 сылын тухары республика үрдүнэн холобурга сылдьар ьастыҥ тэрийээччи быһыытынан биллибитэ. Рионерскай хамсааһыҥҥа саҥаны киллэрээччи, оҕо билиитин-көрүүтүн кэҥэтэр сайыннарар үлэни табан ыытааччы баһаатай үлэтэ киэҥ биһирэбили ылбыта. Кини салайбыт дружината комсомол КК, Бүтүн Союзтааҕы пионерскай тэрилтэ Бочуотунай грамоталарынан, вымпелларынан, өйдөбүнньүк үбүлүөйүнэй лиэнтэлэринэн наҕараадаламмыта, алта төгүл уҥа флангаҕа турааччы аатын ылар чиэстэммитэ. Татьяна Игнатьевна Бүтүн Союзтааҕы баһаатайдар слеттарыгар бастыҥ пионердары кытары “Отзовитесь, горнисты!” диэн киин телевидение программатыгар кыттыыны ылбыта. Дружина пионердара араас конкурстарга, акцияларга, фестивалларга кыайан, “Артек”, “Орленок” , “Океан” , “Найрамдал”норуоттар икки ардыларынааҕы, союзнай лааҕырдарга пктевка ылан сынньаммыттара.
1973 с. үлэтин саҕалаабыт “Алгыс” интернациональнай доҕордоһуу кулууба 4 төгүл “Норуоттар доҕордоһуулара” фестивальга кыттыыны ылбыта, дойду үрдүнэн ИДК көрүү дипломана буолбута. Эйэ фондун вымпелынан бэлиэтэммитэ. Сүүһүнэн оскуоланы кытары сибээс олохтоммута. Ити ыраах тыа сирин оҕолорун билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтэллэригэр, сайдалларыгар улахан көмөлөөх үлэ үтүө түмүктэрэ оччотооҕу кэмҥэ улахан ситиһиилэринэн буолбуттара.
1968 с. тэриллибит Ленинскэй хоско (1970с. музей буолбута)киинээн ыытыллыбыт көрдүүр-чинчийэр үлэ, биллиилээх дьону, оҕо суруйааччыларын кытары сибээһи олохтооһун (ол иһигэр З. Воскресенскаяны, С. Михалковы кытары көрсүһүүлэр)оҕолор интириэстрин кэҥэппитэ. Үлэ уопутугар олоҕуран “Революционнай, бойобуой уонна үлэҕэ албан аат” муннугун, “Пионерскай албан аат” хоһун тэрийии оскуола, нэһилиэк историятын көрдөрөр баай матырыйаал хомулларыгар кыах биэрбитэ. Үтүө үгэстэрдээх Баайаҕа орто оскуолатын пионерскай дружината үгүс көлүөнэ үөрэнээччиэри олоххо активнай позициялаах, билиигэ-көрүүгэ дьулуурдаах, ааспыт историяны кэрэхсиир, ытыктыыр буоларга ииппит хаһан да ааспат, умнуллубат өҥөлөөх.