1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
287 просмотров

«Мин Ойуунускайым» эссе конкурсун түмүгэ

Таатта улууһун М.Н.Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотекатын “Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүүтэ

 

Саха таҥарата,

Саха кэмин-кэрдиитин олуга,

Сата таас хайа киһи –

Олох уҥуоргу кытылын

Утары көрөр

Уоттаах харахтаах

Ойуунускай!

                                                        Гаврил Андросов.

 

         Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан Саха автономнай сэбиэскэй социалистическай республикатын  төрүттэспит, САССР Совнаркомун бастакы бэрэссэдээтэлэ, Саха Киин ситэриилээх кэмитиэтин бастакы бэрэссэдээтэлэ, саха советскай  литературатын төрүттээччи П.А. Ойуунускайга аналлаах “Мин Ойуунускайым” – эссе республикатааҕы айар конкурс түмүгүн билиһиннэрэбит:

I миэстэ — Надежда Андросова -Айтылы (Дьокуускай к.)

Грамотанан, Гаврил Андросов “Туомтуу тардыы” кинигэнэн наҕараадаланар.

II миэстэ —  Светлана Самсонова- Сиибиктэ (Кэбээйи, Мукучу)

Грамотанан, Мандар Уус “Барҕа санаам, сүбэ тылым” кинигэнэн наҕараадаланар.

III миэстэ — Маргарита Егорова (Таатта, Баайаҕа)

Грамотанан, Сындыыс “Тааттам сайар салгына” кинигэнэн наҕараадаланар.

         Конкурска  кыттыбыт дьоммутугар махтанан туран, айымньылаах үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, бары үтүөнү баҕарабыт!

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *