Сэтинньи 11 күнэ Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт күнэ
П.А.Ойуунускай төрөөбүт күнүгэр саха народнай суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах “Нааста-таҥара кийиитэ” диэн кэпсээнигэр Баайаҕа модельнай библиотекатын литературнай түмсүүтүн критигэ Ольга Макарова ырытыытын таһаарабыт.
Куорсуннаах кэпсээнин геройа – Таатта улууһун Дэбдиргэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, уһун сылларга партийнай-салайар үлэҕэ үлэлээбит Анастасия Гаврильевна Аргунова, Ойуунускайы кырачаан оҕо сааһыгар биирдэ илэ көрүөҕүттэн идеал оҥостон, үйэтин тухары сүрэҕэр илдьэ сылдьыбыт улахан тапталын, бу туһунан кырдьан олорон суруйааччыга сүрэҕин кистэлэҥин арыйбыта кэпсэнэр. Кэпсээн бастаан “Далбар хотун” сурунаалга бэчээттэммитэ.
Е.В. Слепцова – Куорсуннаах “Нааста – “таҥара кийиитэ” кэпсээнигэр санаалар
“Далбар Хотун” сурунаал 2023с. алтынньы 18 күнүгэр бэчээккэ бэриллибит 7 нүөмэрин тутан олоробун. Бу сурунаалга тахсар үтүөкэн дьон туһунан суруйуулар, ньалҕаархай үчүгэй хааачыстыбалаах сирэйдэригэр тахсыбыт ураты тыыннаах хаартыскалар оҥостон олорон сыныйан көрөргө, ааҕарга анаммыт курдуктар. Ол эрээри сурунаал бу 7 нүөмэрэ уһулуччу долгутта. Долгутта үчүгэйдик билэр, ытыктыыр киһим Анастасия Гаврильевна Аргунова сүгүрүйүүлээх, бэриниилээх, кэриэс иэйиитин туһунан кэпсээннээх буоларынан, долгутта туспа тутан кэрэхсии, умсугуйар суруйааччым ураты уйаҕастык арыйан суруйуутунан.
Анастасия Гаврильевна Игидэй нэһилиэгэр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн сааһын тухары үлэлээбитэ, сэмэй көнө, ыраас майгытынан, дьулуурдаах, дьаныардаах үлэтинэн бар дьонун ытыктабылын, махталын ылыан ылбыта. Бу кэпсээҥҥэ киирбит куруһуба сөрүөлэри билэбин, көр, уонна иҥэн-тоҥон ырыҥалаабатах, көннөрү улуу киһиэхэ, кэриэс тылларыгар сүгүрүйүү быһыытынан эрэ көрөн ааспыт эбиппин. Ити буоллаҕа күннээҕи буолар-буолбат түбүккэ үтүрүйтэрэн олоххо буолар дьиктилэри, ураты чахчылары тарбах быыһынан саккыратыы, тыал хоту көтүтүү! Биллэн турар сөхпүтүм, хайҕаабытым, ол эрээри баайар киһи сатабылын, дьаныарын сөҕүү-махтайыы таһымыттан ыраатаахтаабатахпын. Елена Васильевна ытыс саҕа докумуоннартан, быстах-остох ахтыылартан киэҥ, дириҥ анаарыылаах ойуулааһыннары (философскай, психологическай панорамалары) оҥорор дьиҥ айдарыылаах суруйааччы. Анастасия Гаврильевна курусубатыгар ахтыытын таҥан дьикти уйаҕас истиҥ таптал, муҥура суох бэринии, сырдыык-сырдык кэриэстэбил эҥсилгэннээх тойугун суруйбут. Бээ, саас-сааһынан суруйуохха!
“Быйыл ытык киһибит П.А. Слепцов – Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сыла. Бу төгүрүк сылы бэлиэтиир кэмнэргэ, киниэхэ дьон-сэргэ ураты уйаҕас сыһыаннарын көрдөрөр ахтыылартан тэттик кэпсээннэр тиһиллэн таҕыстылар…” – диэн тумулук тылларынан саҕаланар “Нааста – “таҥара кийиитэ” кэпсээн.
“Былатыан “Күһүҥҥү бырааһынньыкка” кэлэр үһү” диэн сурах дьоро күнэ үүммүтүттэн кэпсээн тутула баайыллар. 10 саастаах Нааста кыысчаан, көрбөт Испирдиэн кырдьаҕас көрсүһүүттэн матар буолбут хомолтолоро кыысчаан сирдьит буолар быһаарыныытынан солбуллар. Мааныга эрэ кэтэр эргэ хоттууһун Испирдиэҥҥэ таһааран, уулаах олгуйга, ийэтин үтүктэн, күлүгүн көрүнэн киһини сиэтэн Нааста айанныыр, аара Саабалаах тэлиэгэлээх аттарыгар олорсон Улахан Сайылыкка тиийэллэр, күүтүүлээх ыалдьыты көрсүһүүнү куоттарбаттар. “Күһүҥҥү ыраас халлаан тэтэримтийэр сабыытын анныттан, кыһыл сардаҥанан кыыспыт аттаах киһи алаас саҕатыгар киирдэ…” “ – Чугаһаатылар… Хараҕын уота чаҕылыҥныыр…” “кыһыл сардаҥанан кыыспыт,” “хараҕын уота чаҕылыҥныыр” тыллар олоҥхо бухатыырын көрөргө бэлэм турар оҕо туругун чопчу биэрбит. “Ый курдук туналҕанаах ньуурдаах… сып-сырдыгынан көрбүт харахтаах, хара баттаҕа тыалга үргэҥниир кэрэ киһи маҕан тиистэрин көөчүктүү мичээрдээбитинэн…” уоннаах Нааста оҕо сааһыттан олоҕун бүтэһик күннэригэр тиийэ үрдүктүк, сырдыктык, булгуччулаахтык кутугар-сүрүгэр чыпчылҕан да түгэҥҥэ өлбөөдүппэккэ, дьыл-хонук ытылҕанын билиммэккэ иитиэхтээбит идеала, кутун-сүрүн таҥарата “Биир — “Былатыан” диэн аат, хас саха киһитигэр кинини бүтүннүү суулуу тутан этэр сүдү күүстээҕэ. “Биһиги кинини хайдах таптыахпыт суоҕай? Кини биһигини биирдэ да таҥнарбатаҕа. – Нааста бүтүннүү ыарыынан, ахтылҕанынан туолбут хараҕыттан дьэҥкир таммах ыгыллан тахсыбытын былаатын уһугунан сотунна”, “Сэгэртэйим сыыһын сиэхситтэр сиэбиттэрэ… имниин сүтэрбиттэрэ”. Бу хайдахтаах курдук үрдүк таптал, дириҥ кутурҕан саспыт тыллара аахпыт эрэ киһини барытын долгутуохтара. Суруйааччы Надя Аргуновалыын киирбит кыһыл суһумнаах кыракый хосторугар туумба үрдүгэр турар мас араамалаах хаартыска кэпсээн бүтүүтэ эмиэ көстөн кэлэр. “Мин өҥөс гынан көрөөт, сүрэҕим “бар” гынна. Хаартыскаҕа Платон Алексеевич, ачыкыта кылбачыйан, ырбаахыта уонна тииһэ туртаһан, туох эрэ үчүгэйи санаан мичээрдии олорор.” Онтон Настаа, билигин, үйэтин тухары бииргэ олорбут тапталлааҕын аһыйан ытамньыйа олорор огдообоҕо майгыннаата.” Куорсуннаах бу ойуулааһына “үйэм тухары кини кэскиллээх тылларын, айымньыларын санаа сабыгар тиһэн куруһуба баайдым…” – диир саха сэмэй дьахтарын, сатабыллаах салайааччытын, истиҥ иһирэх киһитин муҥура суох бэриниитин, кыырпах да күлүгэ суох үрдүк тапталын бигэргэтэн кэрэһэлиир. Дьэ, бу эбээт ырыаҕа ыпсарар, хоһооҥҥо холбуур сандаарар ыраас “куба ырыата”(лебединая песня)! Биир эмиэ, балачча баайарга холонон туран, сөҕөн-махтайан көрбүт кыһыл таҥаска тигиллибит үрүҥ куруһуба төлөннөөх тыллар улаҕаа кистэлэҥнэрин суруйааччы көмөтүнэн арыйбыт, дьоһуннаах олоҕу булбут, дьиктилээхэй түгэним туһунан суруйдум.
Ольга Макарова