«Оо, нап-нарын дууһалаах Алампа барахсан!..»
(Р.А. Кулаковскай ахтыыларыгар Алампа мөссүөнэ)
эссе-ырытыы
Сылдьарым тухары, бэйэм да билбэппинэн, күннэтэ түбэһэр иһитиннэриим, суругум-бичигим быыһыттан биир сэҥээрэ түһэрим, ымпыктаан ааҕарым суруйааччы А.И. Софронов-Алампа олоҕун, кини айымньыларын туһунан суруйуулар уонна, биирдэ эмэ күндү таас курдук кылах гынан ылар, кини туһунан биир үйэлээхтэрин ахтыылара буолаллар эбит.
«Чолбон» сурунаал бу сааскы нүөмэрдэригэр суруйааччы Реас Кулаковскай Алампа туһунан, ханна да бэчээттэнэ илик диэн ааттаммыт балачча уһун ахтыылара тахсаннар, сурунаал миэхэ олус күндүтүйэн көһүннэ. Арыый урутаан эттэххэ, бу ахтыылартан сорох өттө урукку өттүгэр атын, ол эрээри чахчылары биирдик сырдатар тылынан-өһүнэн суруллан, 1980 с. «Олоҕу таптаа» (улахан саастаах оҕолорго кэпсээннэр) кинигэҕэ киирбиттэр эбит.
Реас Алексеевич ахтыытыгар, бэйэтэ этэн аһарбытын курдук, аҕатын туһунан билбит-истибит чахчыларын суруйдаҕына, бэчээттээччилэр тоҕо эрэ сороҕун кичэйэн туран сотон кэбиһэллэр эбит, ону кини «ити миигин сымыйаччынан ааҕалларыттан эбитэ дуу, туохтан төрүттээҕэ эбитэ дуу» диэн мунаарар эбит. Ол курдук, бу Алампа туһунан урукку өттүгэр ахтарын эмиэ эрэммэтэҕэ буолалларын туһунан ахтыытыгар маннык этэр: «Мин Алампа туһунан урут тугу билбиппин, истибиппин, кэпсэппиппин суруйталаан турабын да, наар сотон, биитэр көннөрөн кэбиһэр этилэр». Итинтэн сэрэйдэххэ, урукку ахтыылара кылгатыллыбыт, сарбыллыбыт буолуохтарын сөп. Ол да бэрээдэгинэн бу толору ахтыыта онуоха-маныаха диэри диэн сукуна анныгар анньылыннаҕа.
Сыл-хонук дьиҥ кырдьыгы сууйан-сотон кылбатан таһаарарыныы, маннык ахтыылар билигин, дьэ, бэчээттэнэн, биир үйэлээхтэрин суруйууларыгар суруйааччы аныгы дьоҥҥо тыыннаахтыы эттэнэн-сииннэнэн арыллан ылыыта сүгүрүйээччилэригэр кэрэ бэлэх, ытыктыыр суруйааччыларын уобараһыгар өссө биир умнуллубат сурааһын эбиллиитэ буолар эбит. Ол тустаах киһини байытар, үөрдэр, долгутар.
Реас Кулаковскай оччолорго бииргэ төрөөбүттэриттэн соҕотох тыыннаах хаалан, Елена, Уйбаан Соппуруонаптар эмиэ соҕотох хаалбыт сыдьааннара Алампа туһунан бэйэтэ көрбүтүн-истибитин бичийэн хаалларбыта олус да үчүгэй, махталлаах, сыаналаах күндү-кэрэ быһыы, кэнчээри ыччакка кэс-кэриэс буолар эбит.
Ахтыытын суруйааччы маннык саҕалыыр: «Саас чугаһаан иһэр. Аны умнуган-төннүгэн буолан, үйэм сыыры таҥнары сүүрдэн мэҥитэн иһиэ дии санаатым. Онон, адьас кыра да буоллар, сурукка төһө кыайарбынан хааллара сатыырга сананным. Баҕар, ол кимиэхэ эмэ наада буолуо…» Суруйааччы сөпкө да санаабыт эбит, билиҥҥи кэмҥэ Алампаҕа кэрэхсэбил сылтан сыл улаатан иһэр.
«Өлүөхтэрэ биир буолбут доҕорун Өлөксөй оҕотун, миигин, улаханнык сымаансыйа көрсөрө, кэпсэтэрэ», – диир Реас Кулаковскай. Алампа Соппуруонап биир дойдулааҕын, биир айар тыыннааҕын Өксөкүлээх Өлөксөйү өйүн-билиитин, улахан талаанын уонна киһи быһыытынан кэрэтин иһин олус ытыктыыра, дириҥник таптыыра, бастыҥ-истиҥ доҕоро этэ. Москва куоракка өлөр охтуутугар сыттаҕына ыарыылаабыта, доҕоро ыарахан ыарыыны кытта бүтэһигэр диэри охсуһан тыына быстыбытыгар, онно көмүс уҥуоҕун көтөхсүбүтэ. Кинилэр иккиэн эдэр саастарыттан хараҥа норуоттарын туһугар ыалдьар, айар-тутар, олохторун анаабыт дьон буоланнар, бэйэ-бэйэлэрин олус өйдөһөллөрө, талааннарын күүһүнэн атын айааччылартан үрдүкү туралларынан, өйдөрүн-санааларын тиксиһэр, ыпсыһар түгэннэрэ элбэҕэ. Ол иһин көрүстэхтэринэ өрүү уус тылынан дьээбэлэһэр-хаадьылаһар чугас доҕордуу эбиттэр. Ааптар бэлиэтээн этэринэн, Алампа ис санаатын мучумаанын дэбигис кимиэхэ да аспат эбит: «Күн сиригэр Өлөксөйүнүүн эрэ эн-мин дэһэн, санааларын сайгыы атастаһаллар эбит». Ол курдук тэҥнээх доҕордуу эбиттэр улуу классиктарбыт.
Алампа Өксөкүлээх Москваҕа балыыһаҕа сыппыт кэмин уолугар Реаска кэпсиирэ (бука, ол Реас учуутал техникумугар үөрэнэр сылларыгар кэпсээтэҕэ буолуо) бастакы сирэйтэн суруллубута киһини долгутар: «Аҕаҥ эмп үлэһиттэрин ураты биһирээн, бары араас сыһыаннарыгар махтанан бөҕө сытаахтаабыта. Бэл, сиэстэрэ кыргыттар киирдэхтэринэ, арааһынай эйэҕэс тылынан эйэргэһэ сытаахтаабыта». Улуу киһи мөлтөөн сытар да кэмигэр улуу. Саха сирин аарыгырар уорҕатын аттаах да, сатыы да уһаты-туора сыыйбыт ахан, араас мүччүргэннээх, өлүүлээх кытаанах суоллартан мүччү түспүт уол оҕо одьунааһа, киһи киэнэ киргиллээҕэ Өксөкүлээх Өлөксөй бааһыран сатыылаабыт баараҕай өксөкү курдук, төһө да балыыһа түөрт истиэнэтигэр хаайтардар, киэҥ көхсүн кыараппатаҕа, хоһуун санаатын сатыылаппатаҕа, оонньуулаах майгытын уураппатаҕа Алампа кэпсиириттэн көстөр. «Өлөрүн эрдэттэн билбиппит. Бэйэтэ да билбитэ уонна бастаан утаа ону кыйдыы, ол туһунан санаабат буола сатыырга бэйэбитин күүһүлэнэр этибит. Оттон Алексей Елисеевич бэйэтин өрүсүһэр курдук туттара, үлэ бөҕөтө», – бу тылларыгар Алампа доҕорунуун кини күчүмэҕэй күннэригэр биир киһи курдук силлиһэн хаалбыта «билбиппит», «бэйэбитин күүһүлэнэр этибит» дэтэлиириттэн биллэр. Өксөкүлээх бу да буолан сыттар, кэккэ былааннардаах эбит, ол иһигэр кэнэҕэски дьоҥҥо кэс тыл суруйан хаалларыы, оҕолоругар кэриэһин этии. Ону кырыыстаах ыарыы толотторботох. Кэлин, бүтэһик эпэрээссийэтэ туһата суох буолуоҕун быраастартан истэн, Алампа доҕоругар кииримэ диэн этэн көрбүт, баҕар ол-бу буолан хаалыа, ол оннугар эпэрээссийэлэммэккэ күнэ-дьыла, аҕыйах кэмҥэ да буоллар, уһуу түстүн дии санаатаҕа. Онуоха доҕоро кини диэки «доруобай эрдэҕинээҕитин курдук сүр тэбэнэттээхтик көрөн олорон», «Алампа баба» диэн суустаабыт, эн эмиэ аһыныыгынан сирдэтинэҕин диэбит. «Алампа барахсаан, эн биһиги букатыннаахтык арахсарбыт адьас бу кэллэ ээ. Билигин миэхэ хайдах өлөбүн эрэ диэн санаа баар: ыарыыга таах сытан биэрэн көмүллэтэн өлөбүн дуу, биитэр кинини кытта кыам кыргыһа сытан өлөбүн дуу диэн. Мин иккиһин ордоробун». Салгыы баҕар эмчиттэр ыарыытын ылан кэбиһиэхтэрин сөбүгэр өссө да эрэнэрин, уонна быһыы-майгы хайдах да буолбутун иһин, ону билии хирургия сайдыытыгар туһалаах буолуо диэн, Өксөкүлээх бэйэтин туһугар итинник кытаанах быһаарыныы ылыммыт. Ол күннэргэ Алампа доҕорун күүскэ аһына-харыһыйа санаабыта кэлин аҕыннаҕын аайы көбөн кэлэн, хараҕын уутун таһаартарар эбит.
«Хомойорум баар – дойдубар ийэм ааҕы кытта, эбэтэр убайбын кытта кэккэлэһэ көмүллүбэтим, – диэхтээбитэ», – диэн, Алампа ахтыытын түмүктээбит. Ити, дойдубар көмүллүбэт буоллум диэн доҕоро хомолтотун эппитин, Алампа бэйэтигэр сыһыаннаан, бастаан соччо суолта биэрэ санаабатын туһунан ахтыбыта баар. Кэлин ону дириҥник өйдөөбүтэ кини сыылка сындааһыннаах сылларын эрдээхтик тулуйан, дойдутугар тыыннаах эргиллэн кэлэригэр тирэх буолта буолуо дии саныыбын. Биллэн турар, онно төрөөбүт дойдутугар, таптыыр киһитигэр күүстээх таптала, тардыһыыта көмөлөстөҕө. Туох да диэбит иһин, Алампа көмүс уҥуоҕа Сахатын сиригэр, ааһа баран тапталлаах Тааттатын сылаас сымнаҕас буоругар хараллан сытара саха хааннаах санаатыгар астык, оноотугар ордук.
Өксөкүлээх бэйэтэ да, кэлин уола Арыйаас да Алампаҕа хонор, түһэр эбиттэр. 13 саастаах тулаайах уолчаан Тааттаттан, күһүөрү, ыҥыыр атынан аан бастаан куоракка киириитэ ойууланар («Олоҕу таптаа…», 1980 с.). «Ойууттар, абааһылар, ороспуонньуктар тустарынан араас ынырык кэпсээннэри истэн үөскээбит уонна киһиттэн ураты куттаҕас буоламмын, ыалга киирэртэн наһаа дьаахханабын…» – диир эбит Р.Кулаковскай. Бу кэмҥэ кини сааһынан өссө да кыра, аны төгүрүк тулаайах, бииргэ төрөөбүттэрэ ыал буолбакка өлүтэлээн – ол барыта киниэхэ бэйэни харыстанар-көмүскэнэр майгыта бүтэйдии күүһүрэригэр тиэрдибитэ эбитэ буолуо. Улуу киһи бүтэһик сыдьаана буолан, олох, төрүт-уус салҕаммакка, төрдүнэн быһа охсуллар куттала, оҕоҕо бэйэтигэр биллэрбэккэ, тыаһа суох үрдүнэн суоһаан кэлбитин этинэн-хаанынан даҕаны сэрэйэр буоллаҕа.
Алампа мэтириэтин суруйааччы ахтыыларыгар хас да сиргэ маннык ойуулаан аһартыыр:
– «Алампа киһи быһыытынан ураты сымнаҕас, көрсүө, ыгымсыйбат, кыыһырбат, саҥа таһааран күлбэт, сирэйэ киһи көрүөн үчүгэй гына сырдыы түһэн мичээрдиир уонна хаҥас илиитин ытыһынан сүүс өттүн, онтон иэдэһинэн аллараа өттүн соттон, сэҥийэтинэн аллара түһэрэн кэбиһээччи»;
– «Алампа уҥуоҕунан орто, хоп-дьип курдук бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх, ол да курдук тутта-хапта сылдьар буолара. Хап-хара баттаҕын наар бэрээдэктээхтик тараана сылдьара. Таҥаһа-саба көннөрү. Этигэр сөрү-сөптүк олоро сылдьар харааран көстөр көҕөччөр көстүүмнээҕэ (ону өтүүктээн эрэрин төрүт көрбөтөҕүм. Бэйэтэ сылдьан эрэн кумаламматах, ыраас буолара). Мэлдьи араарбат хара шарфиктааҕа. Түргэн-түргэнник, ол гынан баран наһаа харбыаласпакка туттан-хаптан хаамара, сылдьара. Дьону кытта кэпсэттэҕинэ, бастаан соһуйбут курдук көрө түһэрэ уонна ол киһитин сириччи көрөн туран наҕыллык кэпсэтэрэ»;
– «оҕомсох этэ, ол эрээри ымманыйа сылдьыбат, көннөрү көрөрө-истэрэ сымнаан, тылынан майааннаһан ылар этэ»;
– «Алампа диэн ураты сымнаҕас, насыыба, чиҥ өйдөөх, көрсүө ахан, чараас, нарын дууһалаах киһи этэ. Бэл, саҥа таһааран алларастаан күлбэт этэ. Күллэҕинэ сирэйэ мичээринэн сырдыы түһэр уонна сирэйин соттумахтаан ылар. Оччоҕо дьикти да үчүгэй көстүүлэнэрэ»;
– «Алампа орто уҥуохтаах уҥуох сула киһи этэ. Хаамарыгар, үкчү бэйэтэ хоп-дьип курдук таҥна сылдьарыгар маарынныырдык, сүр чэпчэкитик туттан хаамара, сылдьара. Дьүһүннүүн-бодолуун кыыс кэрэ киһи этэ. Бу сэмэйин, көрсүөтүн көрүөҥ. Наҕылыын, наҕылын. Атын киһи саҥатын төрүт быспакка, дьүккүччү соҕус туттан иһиллии олорор буолааччы. Онно оннооҕор тыынарын кытта тохтотон им-дьим олороро уонна киһитэ тохтоотоҕуна, убайын курдук ытыһынан сирэйин соттумахтаан кэбиһэрэ».
Бу ойуулааһыннартан биһиги бэрт чэбэр-ыраас, сэмэй-көрсүө, төрөөбүт үрэҕин курдук холку-наҕыл, киһиэхэ уһулуччу болҕомтолоох, ол быыһыгар саҥа таһааран күлэрин оннугар, киһи сүрэҕин ортотунан киирэрдии, соһуччу соҕус сырдыктык мичээрдээн ылар Алампаны көрөбүт. Маннык сиһилии Алампа туһунан ойуулааһыны кимиэхэ көрбүппүтүй? Суох буоллаҕа. Бу – киһини таптыы да, аһына да кыраҕытык көрөн уйаҕастык ойуулааһын суруйааччы Реас Кулаковскай уратыта буолар. Кини эмиэ Алампа курдук гуманист-суруйааччы. Холобур, эмиэ «Олоҕу таптаа» диэн кинигэтигэр киирбит «Оо, аҕаккам!» диэн кэпсээнигэр дьоруойун туһунан кини маннык суруйар: «Мин ити киэҥ-дэлэй көҕүстээх киһини, мэлдьи мичээринэн көрсөр кырдьаҕаһы, биһирии, сөҕө-махтайа, кини үтүө майгытыгар ымсыыра олороммун, эмискэ биир дьикти түбэлтэни өйдүү биэрдим». Киһи үтүө майгытыгар ымсыырыы диэн киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэтэ буолуо. Бу – суруйааччы киһини хайдах курдук өрө тутарын, сыаналыырын, ытыктыырын көрдөрөр култууратын уһулуччу үрдүк таһыма. Артыыс Пантелеймон Васильев туһунан Реас Кулаковскай кылгастык, ол эрээри чопчу тылларынан саҥа аллайар: «Оо, барахсан, сатаан да үөскээбит үчүгэй киһи этэ!» – диэн. Таарыччы этэн аһардахха, Реас Кулаковскай ити «Оо, аҕаккам!» диэн саха дьоно үрүҥ-кыһыл буолан гражданскай сэрии будулҕаныгар икки өттүттэн араас бырапагаандаҕа өйдөрө-санаалара бутуллан, чугас дьону утары саа туппуттарын туһунан трагедия кэпсээнэ киинэ сценарийа буолуон сөп ыйыллаҕас сытыы сюжеттаах айымньы буолар. Оттон, кэлин сахалартан бастакынан САССР норуодунай артыыһа буолбут Пантелеймон Васильев сүдү талаанын Алампа эрдэттэн өтө көрөн, бу ахтыыга «улуу да артыыстаммыт эбиппит» диэн эппитэ баар.
«Олоҕу таптаа…» диэн ахтыытыгар суруйааччы Алампаны куоракка көрсөрүн маннык этэр: «Киэһэ Алампа кэллэ. Сөҥ түспүтэ киһи хараҕар өтө көстөр эбит этэ». Оҕо киһи да ону өйдөөн көрөр эбит. Оттон «Алампа Соппуруонап» диэн ахтыытыгар маннык диир: «Тас өттүттэн көрдөххө, Алампа ураты ыар санааҕа ыллара сылдьар курдук этэ. Онтукатын атын дьоҥҥо төрүт биллэрбэт, кэп туона, сордоно-муҥнана сылдьыбат буолара». Атын дьоҥҥо биллэрбэт буола сатыырын, Реас Кулаковскай, кыраҕы муҥутаан, дьэ таба көрөр эбит. Алампа тоҕо оннук туттарын кини маннык быһаарар: «Киниэхэ оҕото суоҕа сүрдээх улахан охсуу этэ. Онтукатыттан буолуо ээ, киһиттэн эрэ барытыттан итэҕэс киһи курдук туттара». Алампа кимҥэ да мунчаарыытын төрдүн эппэтин, биллэрбэтин үрдүнэн, ааптар итинник быһаарыы биэрэр. Өссө этэр: «Кини оҕото суоҕуттан мунчаарыыта күүһүрэн кэллэҕинэ, арыгы иһэн аралдьыйар эбит», – диэн. Бу арыый тутах. Алампа оҕо эрдэҕинэ улахан ыарыһах, аны төрөппүт соҕотох уоллара ыар буруйу оҥорон хаайыыга барбыт ыал тубарсыйбыт салгыныгар иитиллэн, эрдэттэн, бэйэтэ этэринии «санньылхай соҕус санаалаах» улааппыт буолуохтаах. Ол эрээри, кини төһө да күн сирин көрбөтөх соҕотох оҕолоро аараттан төннүбүтүгэр ытыы-ытыы көмтөр, поэзиятыгар оҕото суоҕуттан мунчаарарын туһунан биир да устуруока суох. Баҕар, сүппүт күннүгэр, хоһоонноругар баара эбитэ дуу? Эгэ, кэргэнин буруйдуо дуо, таптыыра-харыстыыра өссө улааттаҕа. Мунчаарарын чааһын эттэххэ, Алампа, норуот суобаһа киһи, тус дьолун-соргутун норуотун кытта бииргэ силлиһиннэрбит уонна онтон буруйга-сэмэҕэ тиксибит киһи буолар.
Алампа тус олоҕор элбэх ыар охсууну ылбыта. Олору ааптар биир-биир ааҕар: «Оҕото суоҕа; ойоҕун киһи былдьаан баран, бэйэтин дьыалаҕа-донуоска эрийэн хаайыынан, көһүнэн кыйдаабыттара; доруобуйатын сүтэрэн, өлөрө чугаһаан; Өлөксөйүн аһыыта». Манна эбиэххэ сөп төрөппүт ийэтин билбэккэ улаатыыта, ийэтэ, бииргэ төрөөбүт убайдара, балта оҕолуун-уруулуун эрдэ өлүтэлээһиннэрэ. «Барыта түмүллэн, хараҕын уутун кыаммат буолан хаалбыт этэ», – диир Кулаковскай.
Кини Алампа саҥата суох хараҕа ууланарын, ытыырын элбэхтэ көрбүт. Аан бастаан ону, 13 сааһыгар куоракка киирэн, хоноһолуу сытан билбитин суруйар: «Саҥата суох балай эмэ сыттыбыт. Мин, халтаһаларым силбэһэн нухарыйан эрдэхпинэ, кини: «Дуням барбыта… – диэн иһэн, ситэ саҥарбакка ах баран хаалла. Сотору-сотору муннун өрө сыҥарыттан сабаҕалаатахпына, ытыыр быһыылаах этэ». «Ордук көскө, хаайыыга сылдьан кэлэн баран, наһаа уйарҕаабыта», – диир ааптар. Доҕорун Өлөксөй өлүүтүн кэпсээтэҕинэ, хаартыскатын да көрдөҕүнэ уйадыйар эбит.
Аан дойдуга аһары уйан дууһалаах дьон киһи аймах 20 бырыһыанын ылаллар диэн баар. СЧЛ (сверхчувствительные люди) дьон үөрүүнү да, хомолтону да сытыытык ылыналлар, буола турар быһыыны-майгыны билэллэрэ көннөрү киһитээҕэр түргэн, чараас, дириҥ. Алампа оннук дьоҥҥо киирсэрэ өтө көстөр.
Дьиҥнээх сылаас хааннаах, киһини эрэнэр-итэҕэйэр киһи, оҕо эрдэҕиттэн чуубустубаларын саба баттатар хаҕыс сыһыаны дьолго билбэккэ, аһыныгас, харыһыгас уйулгуну көрөн улааппыт киһи маннык буолуон сөп. Кини хомолтотун-хоргутуутун ыраас дууһа хараҕын уутунан таһаарар. Иһигэр хам тутар таастыгана, бүтэйэ суох, ол иһин кини поэзиятын тыла туох да оҥоро сатааһына суох көҥүл кутуллан, дууһаны таарыйар буоллаҕа. Төрүт ытаабат буолуу – дьэ ол сиэртэн туорааһын: эбэтэр олус дьэбир сүрэх, эбэтэр ырата-баҕата хам баттаммыт, өйө-санаата оҕо сааһыттан тууйуллубут киһи. Олохпутугар Алампа курдук ураты уйан, аһыныгас, билигэс дьон баар буоланнар, үтүө, мөкү кыраныыссалара чуолкайданаллар, кинилэр баар буоланнар, айылҕа, оҕо аймах, кыыл-сүөл уонна киһи дьоһунун көмүскэлэ, кырдьыктаах быһыы кылбайара диэн баар.
Эдэригэр кини ытабылын хоһоонноругар кутара эбитэ буолуо. Оттон көскө сылдьан итиччэлээх сору-муҥу көрөн, сахатын дьонуттан тоҥуйдук туора анньыллан баран (ким да, саатар, сурук суруйбат эбит), кини сүрэҕэ өһүрүөн, таастыйыан, ымыттыбат да буолан кэлиэн сөп этэ буоллаҕа. Суох, кини оннук буолбатаҕа, ордук уйарҕаан-кэбирээн кэлбитин көрдөрөртөн кыбыстыбатаҕа, таптыыр киһитин, саатар, түннүкпүнэн көстөн аастын диэн көрдөһөрө да баар. Кини киэбирэр, киэмсийэр диэни (гордыня) билбэт киһи буоларын туһунан Реас Алексеевич ахтыытын бүтүүтүгэр маннык эппит: «Оо, Алампа барахсан, киһи-киһи курдук саныыр, улаатар диэни билбэт сэмэй да киһи этэ». Кимниин да үрүҥ күн анныгар ааты-суолу, солону-билэни, үбү-харчыны – кыра да ньэгири былдьаспатах киһи буолуохтаах Алампа Соппуруонап.
Алампа сыылкаттан дойдутугар эргиллибитигэр, устудьуон Реас Кулаковскай баран көрсүбүт. «Кини сэбэрэтэ улаханнык уларыйбатах этэ буолан баран, наһаа көҥү-хайа түспүт, ырыганнаабыт уонна ураты муккуйа туттар буолбут этэ». Бу тыллары урукку өттүгэр Николай Заболоцкай ахтыыта диэн таһаарбыттарыгар аахпыт курдук саныыбын. Көрүөххэ баар этэ. «Син элбэхтик ону-маны кэпсэтэр этибит. Кини хаста да боччумнаах нүһэр тыллары уонна сүбэлэри биэртэлээбитэ. Ол тухары биирдэ эппитин иккистээн, биитэр мээрилээн эппэт этэ». Ааптар «чиҥ өйдөөх» диэн бэлиэтээн эппитин курдук, Алампа сааһыламмыт өйө-санаата кини драмаларын сюжеттарыгар, тылыгар-өһүгэр туох да ордуга-хоһо суоҕуттан дьэҥкэтик көстөр.
Дьиэтигэр сырыттаҕын аайы соҕотох буоларын ааптар бэлиэтиир. Алампа ити кэмҥэ хайдах курдук ыарахан балаһыанньаҕа, хаан-уруу сахатын дьонун ортотугар туоратыыга сылдьыбытын саныахха курус, хомолтолоох. Биирдэ Реастыын тыйаатырга «Күкүр Уус» драмаҕа сылдьыбыттар. Эдэр доҕоро билиэт аҕалбытыгар анараата хайдах көрсүбүтүн ааптар суруйар: «Алампа үөрэ түһээхтээтэ. Сирэйин соттумахтаата. Чаһытын көрдө. Хаска буоларын ыйытта. Ити кини обургутук долгуйдаҕына итинник туттара». Бу наһаа үчүгэй, кылгас чопчу этиилэринэн бэриллэр, киһини долгутар тыыннаах ойуулааһын. Өссө маннык баар: «Алампа, мэлдьи кэппит көстүүмүн кэтэн, шарфигын эринэн, баттаҕын суунан, тараанан, үөрбүт-көппүт, чэпчээбит көрүҥнэнэн, чөрөллөн бэлэм олорор эбит». Алампа ханан да толбоно суох олоҕун бүтэһик күннэрин итинник, кылгастык да буоллар, сэргэхситэн ааспыт эдэркээн Арыйаас Кулукуоскайга махтал буолуохтун. Бэлиэтээн аастахха, ахтыы барыта Алампаны аһыныы-харыһыйыы тыынынан суруллубута «соҕотоҕун олороохтуур», «кэри-куру буолан олороохтуур», «үөрэ түһээхтээтэ» уо.д.а. диэн тылларынан бэриллэр.
Тыйаатырга Алампалаах Реас антракт кэмигэр тахсан, түннүк анныгар турбуттар. «Дьон биһигини икки чөҥөчөк курдук элэс көрүтэлээн ааһаллар. Ону даҕаны дэҥнэтэ бэрт аҕыйах киһи. Ким да дорооболоһо, кэпсэтэ сатаабата. Онно бааллара ээ билигин Алампа «поклонниктара», «Өлөксөйү дьиҥнээхтик өрүһүйбүт» аатырар дьон. Суруйааччылар даҕаны», – диэн ахтар ааптар. Бэйэтэ тэрийбит, айар үлэтин анаабыт тыйаатырыгар итинник сыһыан Алампа уйан сүрэҕин төһөлөөх мууһунан хаарыйбыта буолуой?! Ол иһин даҕаны ааптар салгыы суруйуутугар: «Алампа дьиэтигэр төннүүтүгэр улаханнык сылайбыт, санаата түспүт көрүҥнээҕэ», – диир. Төһө да дьон сыһыаныттан хомойдор, Алампа суруйуон-айыан баҕарар өрүкүйбүт эдэр киһиэхэ испэктээги, артыыстар оонньууларын ырыппыт, боччумнаах сүбэлэри-амалары биэрбит. Ол сүбэлэрин аахтахха сүрүнэ маннык: «Итинник быһаҕынан тэлэкэчийэн, саанан ытыһан дьон чувстволарыгар тиийэр судургу. Дьон чувстволарыгар тыл күүһүнэн тиийиэхтээххин. Тылыҥ күүһүнэн ытат, күллэр, иэннэрин кэдэҥнэт, үөрт-көтүт. Суруйуу күүһэ диэн – ол буолуохтаах»; «пьеса итинник уһун буолуо суохтаах. Ол көрөөччүгэ да, көрдөрөөччүгэ да сылаалаах. Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах». Аҕыйах тылынан ааҕааччытын ытатар кыахтаах тыл улуу маастарын сүбэлэрэ итинник.
Дьэ, итинник эмиэ да курус, эмиэ да оччотооҕу бэйэни, эдэр устудьуон уолу – сымнаҕас дириҥ харахтардаах, ис киирбэх дьүһүннээх оҕотук, хоргус Арыйааһы – киэргэтиммэккэ күлүү да гынааһыннаах бэртээхэй ахтыылары ааҕан бүтэрдибит. Алампаны көмө тахсыыга Реас Кулаковскай «ким да билбэт уола манна тоҕо кэлэн хаалла диэхтэрэ дии санааммын уонна суруйааччылартан куттанаммын, саатаммын барбатаҕым» диэбит. Кырдьык, оччолорго ол уолчаан Алампалыын истиҥ-сылаас сыһыаннаах эбитин уонна кэлин ол туһунан сахатын дьонугар суруйуоҕун ким даҕаны сэрэйбэт буоллаҕа. Тэҥнээн көрдөххө, биир эмиэ эдэр биир дойдулааҕар, өлөөрү сыттаҕына киниэхэ дьуһуурустубалыы кэлбит уолга Алампа: «Доҕоор, эн миэхэ сылдьыбат этиҥ ээ…» – диэн хомолтотун эппитэ баар.
Сергей Есениҥҥэ маннык устуруокалар бааллар: «Я знаю сильных, что взахлёб рыдали, и слабых, что несут кресты». Мин харахпар Алампа, көмүскэтин түгэҕэр сырдык харах уулаах, олоҕун кириэһин – «Алампа остуолбата» дэнэр икки хоту улуус кыраныыссатыгар туруорбут суруктаах баҕанатын – санныгар уурунан, үрдүк хайаны дабайан иһэрэ көстөр.
Дьэ, итинник санааларга аҕалла миигин, оҕо эрдэҕинээҕи Алампа уонна Арыйаас диэн сэдэх ааттарынан хааланнар, норуоттарыгар сүрэхтэрин кырдьыгын суруйан-бичийэн ааспыт икки аанньал курдук сырдык ыраас санаалаах саха гуманист суруйааччыларын истиҥтэн истиҥ сыһыаннарын туһунан ахтыы кэпсээн.
Галина Неустроева
Уран тылга уһуйуллуу…
А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй уола Реас Алексеевич Кулаковскай туһунан баайаҕалар бэрт үтүө өйдөбүллээхтэр. Алексей Елисеевич анаан-минээн даҕаны, Өймөкөөҥҥө айаннаан да иһэн былыргы Байаҕантай улууһун киинин Томтору быһа ааспат эбит. Ордук кини олоҥхоһуттары, уус тыллаах сэһэнньиттэри сэҥээрэн, хонон — өрөөн ааһарын туһунан ахтыыларга көрүөххэ сөп. Онтон Реас Алексеевич Кулаковскай Баайаҕа орто оскуолатын учууталынан үлэлээбитэ.
Иннибэр сытар “Аҕам олоҕо” кинигэ — Реас Кулаковскай аҕатын уустук дьылҕатын туһунан ымпыктаан-чымпыктаан суруйан хаалларбыт сүдү үлэтэ.
Кинигэҕэ Өксөкүлээх Өлөксөй төрдө-ууһа, олохсуйан олорбут сирэ-уота, үөлээннээхтэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, кинилэр төрөппүттэрин майгылара-сигилилэрэ, тыллара — өстөрө, өйдөрө — санаалара олус истиҥник, киһи эрэ кэрэхсиэн курдук кырдьыктаахтык ойууланар.
Ааҕа олорон ордук Өксөкүлээх Өлөксөй тыл сүмэтин-сүөгэйин уус тыллаах сэһэнньиттэртэн, өрөөбөт уостаах олоҥхоһуттартан иҥэриммитин таһынан ийэлээх аҕатыттан, чугас дьонуттан уһуйуллубутун толору итэҕэйэҕин, сөҕөҕүн.
“Холумтан” диэн тыл суолтатын бары үчүгэйдик билэбит. Бу тыл бэрт дириҥ, киэҥ өйдөбүллээх . “Холумтан” ыал, нэһилиэк, улуус ураты тэринэн олорор олоҕун укулаатын, тулалыыр эйгэҕэ тус сыһыанын, онтон тирэҕирэн сиэрин, майгытын- сигилитин, өйүн-санаатын, тылын-өһүн уратытын кэрэһэлиир.
“Аҕам олоҕо” ахтыы-сэһэҥҥэ ордук Өксөкүлээх Өлөксөй ийэлээх аҕатын, убайын Иваны, абаҕатын Быргыйы кытта бэрт кылгастык да сэһэргэспит түгэннэригэр хайдах курдук элбэх өс хоһоонноро, норуот бэргэн этиилэрэ бэрт хомоҕойдук “киллэһик” буолан, кэпсэтии ис хоһоонун байыталларын бэрт дьоҕус холобурдарыгар тохтоон ааһыахпыт. Бу да бэрт кыра холобурга олоҕуран, дьиэ кэргэн олоҕун укулаата, тыла-өһө иитиигэ-үөрэтиигэ бигэ акылаат буолар диэн саарбахтаабакка этиэххэ сөп.
Настааччыйа, Дьэлиһиэй Кулаковскайдар дьиэ кэргэн быстах да кэпсэтиилэрэ майгы-сигили маанытын, өй-санаа ырааһын, тыл — өс ылбаҕайын туоһулууллар. Кинилэр улаxан уолларын Иваны сэниэ соҕус ыал кыыһын кэргэн ылларгын “биирдэ дьиэлэнэ-уоттана түһүөҥ, дьон тэҥэ олоруоҥ” диэн, тылларын тиэрдэн көрөллөрүн ылыммат, онуоxа ийэтэ:
-Һыллыый, аҕаҥ тылын кэчэһээри гынааxтыыгын дуу? “Кырдьаҕаһы xааһаxxа xаалаан сылдьан сүбэлэт”, диэн бука мээнэҕэ этээxтээбэтэxтэрэ буолуо… Тоxтуу түстэxпинэ диэxтиигин. Онон тугу туһаныаxxыный? “Аччыгыйыттан ачалаабыт аҕа баһын тосту олорор аналлааx, сааһыран баран санаммыт санныгар сааныгы саанар”, -диэн буолар.( А.О.8 стр).
Бу маннык наҕыл, ыллыктааx этиини толкуйдааx оҕо иһиллиирэ чахчы, оннук даа буолар, уол Биэскэлэйдэргэ кыыс көрө барарга сөбүлэһэр.
Салгыы ийэлээx аҕа, убай киһи Иван аны Өлөксөйдөрүн ыал оҥорор баҕаларын кэпсэтиилэригэр болҕомтобутун уурабыт.
-“Ойуур xарамайа олоxтооx, xаллаан көтөрө xаныылааx” диэн буолар дии…,- Настааччыйа уолугар Өлөксөйгө туһаайан этэр.
Убайа Иван Оруоһуттары кытта уруурҕаһары сөбүнэн ааҕар:
-“Бэйэ оҕото саары чаккылааx… Дьадаҥыбыт. Ити биһиги мөлтөx өттүбүт. Ол эрээри төбөлөөxпүт. Күүспүт ити.”
-“Баҕа баҕатыгар, чоxу чоxутугар xаныылаһара ордук буолуо эбитэ ини,”- Настааччыйа саарыыр. Xайа үрдүгэр олорор киһи алларанан сылдьар дьону куруук таҥнары көрө олорор буолбат дуо?
Өссө салгыы бу этиитин бигэргэтэн, ураты чаҕылайдык холобурдаабыта, ийэлэрэ Настааччыйа сытыы өйүн туоһута буолар:
-Арҕаxxа утуйа сытар эҺэ үрдүнэн сүүрэкэлии сылдьар мыычаар : “Бу эһэ кыыстаннаҕына мин ойоx ылыаҕым”, — диэбитин курдук буолумуоҕуҥ.
Иван сөбүлэспэт:
-Киһи мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр…ат үтүөтүн миинэн, соло үрдүкүтүгэр сылдьан үйэтин моҥоотоҕуна, уол оҕо буолан төрөөбүтүн билиэхтээх.
Кэпсэтиигэ, итинник тыл-тамаx оонньуутугар олорсо түһэн, аҕалара Дьэлиһиэй оҕонньор кыттыһар:
-Тукаам, “улуу күөл уорааннаах дииллэрэ дии”…
Иван кэпсэтиигэ тус санаатын маннык чиҥэтэр:
-“…баҕана үүтэ барҕалаах, кэлии үүтэ кэриҥнээх, тоһоҕо үүтэ торумнаах дииллэр”…, — боруобалыыр наадатын санатар.
Ийэтэ сөбүлэспэтэх санаатын бэрт бэргэнник өс хоһоонунан чиҥэтэр:
-“Эриэн ыт элэгэр, күөрт ыт күлүүтүгэр барыахпыт… Били торбос абааһыта кулуҥҥа чарапчыламмытын курдук буолаайабыт…”.( А.О.61 стр.)
Бу икки да түгэн Кулаковскайдар дьиэ-кэргэттэрин уус, уран тылларын-өстөрүн, үтүөкэн майгыларын толору көрдөрөр дии саныыбын. Аны Алексей Елисеевич айаҥҥа сырыттаҕына кэргэнэ, оҕолорун Лариса, Ясон ийэлэрэ Настайа ыалдьан олохтон барбыт түгэнигэр ийэтэ Настааччыйа туох баар хомолтотун, хоргутуутун, аһыныытын үгүс-элбэх лахсыыра суох, бэрт дириҥ суолталаахтык тиэрдээхтиир:
-Тоойуом, бу туох ааттаах куоска кутуругар хаппыт хабаҕы баайбыт курдук буолан хаалаахтаатыҥ?
Уола Өлөксөй огдообо хаалан иккистээн ыал буолар сураҕын истэн, Настааччыйа эмиэ олус судургутук туох-ханнык кийиит кэлэн эрэрин чопчу быһаарар:
- Тукаам, орон эрэ оҥхойо, тэллэх эрэ тэһэҕэһэ диэн ылаахтаабатыҥ ини?… Ол хотунуҥ үрүҥү көрбөтөx үрүмэччи, ууну булбатах ураанай курдук буолан кэлбэтэ ини?
Өлөксөй ийэтигэр чахчы “өйдөрүнэн өйдөһөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан ханыыластыбыт” диэн, ийэтэ үөрэн саҥа аллайар:
-Ол аата, тоойуом, татыарыйбыт санаабын таҕыарыттаҕыҥ, кыараабыт көxсүбүн кэҥэттэҕиҥ дии…( А.О.99 стр.)
Аны Өлөксөй саамай биир чугас киһитэ, абаҕата Быргый Уйбаан ылыннарыылаах тыла-өһө эмиэ ураты:
-Тукаам, “сонньуйдахха сон иҥнибэт, ытаатахха ырбаахы кэҥиир” диэн номоx баар этэ. “Тыыннаах хаалбыт титирик тыаны кытта доҕордоһон тыа буолар аналлаах” диэн номох эмиэ баар ээ. …”( А.О.97 стр.)
Маннык уран тыл уйатыгар уһуйуллан, уһаарыллан, саха уус- уран литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй айар үлэ абылаҥар ыллардаҕа…
Неустроев Константин Константинович, 1999 с.,
Таатта улууһа, Баайаҕа нэһилиэгэ
«Көмүлүөк күлүмэ» литературнай түмсүү
Реас Кулаковскай «Олоҕу таптаа…» кэпсээнэ
«Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат» диэн биһиги өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэттэр. Хас биирдии киһи үтүөнү оҥорбута, кэрэни кэрэһэлээбитэ үйэлэргэ умнуллубат, кэлэр көлүөнэ ыччакка холобур буола сылдьар. Ол курдук, биһиги улуу суруйааччыларбыт айар үлэлэрэ, айымньылара олохторун кэрэһиттэрэ буолаллар. Итинник дьонтон биирдэстэрэ, уран тыл ууһа Реас Алексеевич Кулаковскай буолар.
Саха омуга норуоппут тылынан уус — уран литэрэтиирэтин төрүттээбит Улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй уола, туйаҕын хатарааччыта Реас Кулаковскай быйыл төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтээбиппит. Кини саха уус-уран литэрэтиирэтигэр айбыт айымньылара күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри оҕо, ааҕааччы кутун — сүрүн туталлар, болҕомтотун тардаллар.
Ол курдук, мин Реас Алексеевич Кулаковскай олоҕу кырдьыктаахтык көрдөрөр «Олоҕу таптаа…» диэн кэпсээнин ырытарга сананным. Бу айымньы ааптар бэйэтин олоҕор олоҕурбут.
Кэпсээн ис хоһооно Реас Кулаковскай куоракка киирэриттэн саҕаланар. Айымньы саха литэрэтиирэтигэр драма жанрын төрүттээбит улуу киһибит Анемподист Иванович Софронов-Алампаны кытта ыкса ситимнээх. Ааптар айымньы саҕаланыытыгар айылҕаны, дьоруой ис туругун өйдөнүмтүөтүк тириэрдэр. Кэпсээҥҥэ Реас Алампа Соппуруонапка ыалдьыттыы тиийэрэ, кинини кытта алтыһара көстөр. Ааптар Алампаны олус үчүгэйдик, эйэҕэстик саныыр. Улуу суруйааччы Реас тиийэригэр, соҕотох таптала Дуня барбыт кэмэ быһылаах. Бары билэбит, Алампа Дунятын хайдахтаах курдук таптыырын. Ааптар Алампа хайдах курутуйарын истибитин суруйар.
Кэпсээн иккис аҥарыгар Реас техникумҥа үөрэнэр кэмэ көстөр, техникумҥа үөрэнэ да сылдьан, кини Алампаны умнубат. Күннээҕи түбүктэрин, сырыыларын, олохторун-дьаһахтарын кэпсэтэллэрэ. Бу кинилэр доҕордуулара күүстээҕин көрдөрөр. Кулаковскайдыын тыйаатырга сылдьан испэктээк көрөллөр. Алампа Реаска айымньыны, испэктээги хайдах сыаналыырга, ырытарга сүбэ-ама биэрэр.
Реас Кулаковскай уонна Алампа сыһыаннара кэпсээҥҥэ олус итэҕэтиилээхтик тириэрдиллибит. Алампа уонна Реас аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй улахан доҕордуулар этэ, Реаска доҕорун Өксөкүлээҕи көрөрө буолуо дии саныыбын. Анемподист Иванович уонна Реас бэйэ — бэйэлэригэр олус эйэҕэстик сыһыаннаһаллар. Ааптар Алампаны ытыктыыра, убаастыыра көстөр. Суруйааччы Алампа тиһэх суолугар барыар диэри алтыспытын туһунан суруйар.
“Өйдөө, киһи өйө-санаата билигин ситиспититтэн хаһан даҕаны дуоһуйбат үгэстээх. Бииргэм наһааттан наһааҕа дьулуһааччы. Оннук буоламмыт үөрэх үксүүр, өй-санаа дириҥиир. Ол иһин олох тупсар, сайдар”,- диэн Алампа Реас Кулаковскайга бэйэтин санаатын этэр. Хас биирдии киһи олоҕун сыаната – бу орто дойдуга сиэрдээхтик олоруу, төрдүн-ууһун тэнитии уонна сүрэҕин баҕатынан сөбүлүүр дьыалатын, үлэтин өрө тутуу дии саныыбын.
Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылыгар суруйааччы «Ардах» хоһоонун учууталларбыт Мария Ивановна Андросова, Елена Порфирьевна Мандарова сиэннэрэ ааҕыыларыгар көрүҥ, сэргээҥ!