1 Звезда2 Звезды3 Звезды4 Звезды5 Звезд (Пока оценок нет)
Загрузка...
73 просмотров

Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла

Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла

Дойдубутугар Дьиэ кэргэн сылынан  тимир ууһа, ойууһут, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, Духуобунас академиятын академига, Саха Республикатын Бочуоттаах олохтооҕо Б.Ф.Неустроев — Мандар Уус “Ойуу тыла Айыы тыла” олоҥхо  кинигэтиттэн “Удьуор төрдө, Удьуор тардыыта” түһүмэхтэн.

(…) Онтон туран, Үүс-Аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон айбыт Аар Айылҕата хамсаабакка-имсээбэккэ мэҥэ таас курдук мэндэйэн, суугунаабакка-сааҕынаабакка ууну омурдубуттуу ньимийэн, иһийэн турарын туоххаһыйа көрөн: “Маннык буоллаҕына Аар Айылҕам Эргиирэ алыс да бытаарыыһы, быт хаамыытынан айаннаан ханна сир өтөбүт? Арай бу айбыт Аар Айылҕабын Айылгылаан, тыыннаан биэрдэхпинэ эрэ Айана түрэтииһи!”, -диэн абыраллаах санааны санаата, туһалаах толкуйу тобулла, дьэ уонна өссө биирдэ Үкээр Куйаас Тыынынан сайа үрэн сирилэппитигэр, Аан Ийэ дайды Айгыр-Силик Аар Айылҕата: ото-маһа, үөнэ-көйүүрэ, көтөрө-сүүрэрэ, киһитэ-сүөһүтэ барыта Айылгыланан-тыыннанан, суугунаан-сааҕынаан, күйгүөрэн-күөгэйэн, силигилии ситэн, Сайдыы эргиирин саҥа Эрэдэһинин устун дабайан бардаҕа.

Ол кэннэ: “Бу үлүгэрдээх үрдэ суох үгүһү, ахса суох арааһы айбытым, Айылгылаабытым барыта тыын былдьаһан, өрө харбаһан, кэмэ-кэрдиитэ суох, күрүөтэ-хаһаата суох, өрүсүһэ-өрүсүһэ үрдэ суох үөскээн, өһөх хааһы буола харааччы буккуллан, туох да дьүүлэ — дьаабыта суох биир күдьүс өрө оргуйан таҕыстаҕына, оҥорбут олоҕум сотору кэминэн солбонуйан, сойон барыыһы-суох буолууһу, Айбыт Айылҕам аҕыйах кэминэн айманан, аҕырымнаан барыыһы-алдьархай буолсу! Өссө биирдэ өлбөт-сүппэт өрөгөйдөөх сүбэтин бэрт түргэнник тобула оҕустахха табыллыыһы”,- диэн сөллүбэт санааҕа баттатан, төбөтүн санньытан төһө Кэм усталаах-туоратыгар сөҥөн олорбута буолла, дьэ онтон:

-Бу Айбыт Айыыбын, олохтообут Олохпун Кэм-Кэрдии усталаах-туоратыгар туллаҥнаабат гына тулхадыйбат тулааһынныыһыбын, айгыраабат гына ааттаах акылааттыыһыбын, өҕүллүбэт гына көнө сүрүннүүһүбүн, өйүн-төйүн булларыыһыбын: Ытык Ыйаахтыыһыбын, Ытык аналлыыһыбын, Ытык Иэстииһибин – Удьуор Төрдө – Удьуор Тардыыта диэн Ытык Ситими Олохтоотохпуна сатаныыһы!-диэн саҥалаах буолта үһү.

Дьэ, ол Кэмтэн ылата Орто Туруу Дьаҕыл Дойдубутугар Удьуор Төрдө, Удьуор Тардыыта диэн Ытык Ситим халбаҥнаабат гына олохсуйан, Аан-Дьааһын Тойон дьааһымнаабытын, дьаһайбытын хоту Олох сүнньүн булан, сааһыланан, күрүөлэнэн-хаһааланан, сиэрдэнэн-туомнанан, уоскуйа устан күн бүгүнүгэр дылы этэҥҥэ кэллэхпит. Аны даҕаны Үөһэ халлааннаах Үрдүк Айыыларбыт Ытык Ыйахтарын тосту-туора кэспэтэрбит, Аньыыны-Хараны –Сэлээн көҥүл -босхо ыытан, Сэт-Сэлээн туолбатар син барбаҕалаһыа этибит диэн бүөм санаа кыыма кыламныыр.

Өбүгэбит барахсан Удьуор Төрдө, Удьуор Тардыыта  диэн сүдү өйдүбүллэр тустарынан билиитин-көрүҥүн дириҥэ, сиһилиитэ биһигини, билиҥҥи дьону, сөхтөрөр даҕаны, соһутар даҕаны. Үрдэ суох үгүс үйэлэр тухары мунньуллубут Билии биир садырымыттан, өнүгэтэ суох өйүм дуома ыйдаҥардыбыт биир эмэ холобурун аҕалан, омолуйан да көрдөҕүм:

…Уу…

         …Уус…

                    …Ууһаа…

                                   …Удьуор…

                                                       …Утум…

                                                                     … Уруу…

Тоҕо бу дириҥ өйдөбүллэр бары “Уу” диэн убаҕас дорҕоонтон устан таҕыстылар? Тоҕо диэтэххэ, Олох диэн улуу күүс Ууга үөскээн баран, хонууга, салгыҥҥа тахсан, сайа оҕустаран салгыы сайдан бардаҕа… Сир Ийэбит килбиэннээх ньуура төһөтө уу буоларын миигиннээҕэр ордук Эһиги бэйэҕит билэҕит, хайа уонна биһиги бэйэлээхтэр оччо-бачча кытаанахпыт дэһэ-дэһэ кыадьах-иэдьэх хаамаахтыыбыт да, эппит-сииммит уонтан сэттэ өлүүкэтэ ууттан турар буолбатах этэ дуо?! Дьэ уонна : уу-хаар һаҥалаах, устар ууну һомоҕолуур уус-уран тыллаах, уһун  һанаалаах, улаҕалаах өйдөөх, устата муруннаах урааҥхай оҕото уу-һаха аатыран айыллыбатахпыт дуо?! Ити оонньоон эттим да,  баҕар оруннаах буолуо, оннооҕор уураһыы эмиэ ууттан таҕыстаҕа… аны туох ханнык тылынан-өһүнэн Удьуор  Төрдүн туһунан билиилэрин төгүрүтэн хаалларбыттарыттан аҕыйах холобуру ынахтыы ааҕан көрүөҕүҥ:

-Ууһааһын: уу, уус, төрүт-уус, төрүт-уус дьон, төрөө-ууһаа, тэний-ууһаа, ийэ ууһа, аҕа ууһа, биис ууһа…

-Удьуордааһын: удьуор, удьуор төрдө, удьуор тардыыта, удьуор-хаан, удьуор-харалы, удьуор дьон, кэлбит удьуор, кэлбит удьуор оҕото, удьуор кэхтиитэ, удьуор эстиитэ, удьуор быстыыта. (Оо, арах, арах!!)…

-Утумнааһын: утум, утум-ситим, утумнаабыт, утум кэһиллиитэ, утум быстыыта…

-Уруурҕаһыы: уруу, уруурҕааһын, уруурҕаһыы, уруу ситимэ, уруу-хаан, уруу-тамайар, уруу-аймах…

-Хаан: хаан- аймах, хаан-уруу, хаан тардыыта, хаан тамайыы, уруу-хаан тамайыы…

-Аймах: аймахтыы, аймахтаһыы, аймах-хаан, киһи-аймах…

-Сыдьаан: уруу-сыдьаан, тымыр-сыдьаан, хаан-сыдьаан…

Мантан да атын өйдөбүллэри бэрт үгүһү ааттаталыахха сөп-бу көннөрү тыл тамаҕар эрэ этиллибэт — Олох туһунан билии Күлүүс Тыллара. Ол иһин хас биирдиилэрин тустарынан дириҥник хорутан дойҕохтоотоххо, бүтэр уһуга торумнаммат сэһэн-сэппэн тэнийиэх этэ.

Дьэ, онон, доҕотторуом, Удьуор Төрдө, Удьуор Тардыыта диэн Үрүҥ Айыы Тойон Орто Туруу Дойду үүнэр үүнээйитэ, тыынар тыыннааҕа биир күдьүс харааччы булкуһан, тыыннаах эрэ буолар туһугар охсуспакка, биир көнө сүрүннэнэн, үүнэ-тэнийэ, чэчирии-сайда, бэйэтин бэйэтэ көрүнэ, көмүскэнэ-харыстана олордун диэн анаабыт сүдү  күүһэ-Тыыннаах Олох Эргиирин туллар тутааҕа. Генетика, генеалогия, геннай инженерия эҥин диэн эрдэхтэрэ үөрэхтээхтэр. Үөрэх этэринэн дезирибонуклеиновая кислота, кылгатан ДНК диэн уу харах көрбөт муҥура суох бытархай эрээри, буулаҕа күүстээх Эрэдэһин бухатыыр баар үһү. Үрүҥ Айыы Тойон анаан-минээн айбытынан, Муҥура суох Бытархайдар уонна Муҥура суох улуулар Эҥсиллэр Эргиирдэрин ситимниир, силимниир Ытык Ыйаахтаах Эрэдэһин Бухатыыр Орто Дойду Олоҕун тулхадыйбат тууратыттан тутан, эргитэ тардан кээстигэр, Тыыннаах Олох Эргиирэ  Кэм-Кэрдии устун уста турбута үһү…

Үөмэн тиийбэт үрдүк мындаалаах, Үкээр Куйаас Тыыннаах Үүс-Аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон айбытын курдук, күн санаата сайбытын курдук, Ытык Ыйаахпытын ыйдаран, Ытык Аналбытын анатан, Ытык Иэспитин төлүү,  бу  аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ Дойдуга  Төлкөбүт түһэн, Түөрэхпит олорон, биһикпит ыйанар, күн-күбэй Ийэ көмүс күбэйин соппойор Ытык Күнэ үүннэҕинэ – Удьуорбут ууһуур, Олохпут уһуур, Кэнчээрибит тэнийэр, кэхтибэт кэтит Кэмэ  кэллэҕэ диэн буолар, күрүөх-билэ дьонноруом.

Удьуор Төрдө Олоҕу түстүүр улуу күүһэ уһун Кэмнэргэ  уурастыбатар ханнык!

Дом!